Ахсынньы 2 күнэ бу үгүс Сунтаар дьонугар үгүс үөрүүнү бэлэхтээбит күн буолла. Бу үтүмэн үөрүүнү хоһооҥҥо хоһулларыныы сиэрдийэ буолар мастардаах, сиэркилэ курдук уулардаах, сибэккилээх Сиэйэ сиэдэрэй сайаҕас дьоно ис сүрэхтэриттэн бэлэх ууннулар. Дьэ, хайдах этэй?
Сарсыардаттан саҕалаан араас тимир көлө Сунтаарга субуһан киирэн күнүс 2 чаастан киһи сөҕөр, харах халтарыйар, санаа манньыйар быыстапкатын аһа баттаан кэбистилэр. Бу улахан тэрээһин Бутукай (Сиэйэ ) нэһилиэгэ төрүттэммитэ 130 сылыгар, Г.П.Терешкин 180 сааһыгар, М.Н.Анисимов төрөөбүтэ 130 сылыгар ананна.
Сиэйэ дьоно барахсаттар хаһан да буоларын курдук ханна да олордорбут, хайа да сир салгынынан тыыыннарбыт, уутун истэрбит «Мин Сиэйэбин» диэн санаа күүскэ иҥмит буолан Сунтаартан, Тойбохойтон В.Федорова, Кэмпэндээйиттэн Н. Иванова бары сиэйэлэр быыстапкаҕа кыттыстыбыт. Быыстапканы Сиэйэ кэрэ чуор куолаһа Мария Ефимова аһа баттаата. Силигин ситэрэн саламалаах үҥкүүһүттэр нуоҕастылар, киэн туттуубут Стас Тараяров ырыата сүргэбитин көтөхтө. Баһылык Александр Романов үс эбэ үрдүгэр турар ураты сир дьоно ураты дьоҕурдаахтарын бэлиэтээн туран махтал суруктары туттартаата. Быыстапкаҕа “Утум” түмэл, салайааччы Октябрина Максимова, сэдэх матырыйааллара, оҕо сааһым оонньоон ааспыт Халбаатым талба талааннара коллекционер Анатолий Петров-Туолус, норуот маастара Варвара Федорова-Баарыкка, талааннаах Розалия Петров- Оруосукка – бары биир ыал оҕолоро Бөтүрүөптэр Сиэйэни дорҕоонноохтук дуораччы ааттата сылдьалларыттан үөрдэхпиэн, оҕо сааһым дьүөгэтэ З.Меркурьева оҕолоро Эдик, Эльвира эчи талааннара талбата сөхтөрдө. Өрөспүүбүлүкэ биллэр куйуурдьута, ууһа, уһуйааччыта В. Татаканов хайҕаныан хайҕанна. Улуус култууратын уонна айылгытын хотуна С. Омукова эҕэрдэлээн туран улахан «ОЛоҥхо дойдутун оһуордаах оонньуута» күрэһэр быйыл сиэйэлэр улахан нэһилиэктэргэ аһара түмсүүлээх буоланнар күүскэ турунан эрэллээхтик 1 миэстэ буолбуттара элбэҕи этэрин бэлиэтээтэ.
Киэһэ 5 чаастан кэлбит ыалдьыттары кырылыыр кымыһынан, арыылаах алаадьынан, алгыһынан көрсөннөр тута бырааһынньык тыына билиннэ. Онтон оһуокай оройуттан тутулунна. Кэрэ чуор куоластаах Аркадий Архангельскайы, Марина Хомподоеваны ама ким сэргээбэт буолуой?! Норуот сэргэхсийэр оһуокайдьыта Валентин Хорунов ааттаан суоллаан кэлэн дьон тириитэ тэнийэр оһуокайа буолла.
Дьэ, онтоон утуйбуту да уһугуннарар, кыыһырбыты да кыйдыыр, хомолтону да холдьоҕор дьикти баай ис хоһоонноох, киһи истэ сэргиир остуоруйа быыһын сэгэтэн көрдөрүүлээх, кэнсиэрэ буолла. Быйыл Арассыыйабытыгар Педагог уонна Аҕа сүбэһит сылынан Сиэйэ орто оскуолатын учууталлара “Дорообо оскуолам” ырыанан саҕалаатылар. Куораттан, Бельгияттан тиийэ оскуола киэн туттар выпусниктара эҕэрдэлээтилэр. Мин учүгэйдик өйдөөбүтүм норуот суруйааччыта Сайа 9 -10-с кылаастарга интэринээккэа олорон, олус үчүгэйдик үөрэммит буолан, Сиэйэни куруук күлүмүрдэс салгыннаах күөх саас дойдутун курдук саныыбын диэбитэ ама ханнык дойдулаах киһини манньыппат буолуой. Улахан улуу Дабайар уус дьоллоох оҕо сааспыт ааспыт, тапталлаах төрөппүттэрбитин кытта олорбут кэрэ кэмнэрбит буолан дойдубут наһаа күндү диэн ис сүрэҕиттэн барыбыт санаабытын таба эттэ. Эбэбит арчылаан этэҥҥэ сылдьабыт диэн дойдутугар улахан махталын , тапталын биир тылынан быһаарда.
Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Николай Александров улаханнык суолта биэрэн быыстапканы көрөн, эҕэрдэлээн, үрдүк наҕараадалары туттаран барбыта наһаа үөрүүлээх. Үрдүк сыанаттан, бары истэн олордохпутуна улаханнык убаастанар урукку баһылык А.О.Обоюков туруорсан ситиспит , тутан испит улахан бырайыактара котельнай , КСК олоххо киирдилэр, киириэхтэрэ диэбитин норуот ытыс таһыныытынан көрүстэ. Аныгыскы үбүлүөйү саҥа кулуупка көрсүөхпүт диэтэ. Мин бу эдэр салайааччыны тылын тыалга ыспат курдук көрөбүн, элбэҕи күүтэбин. Баһылык Александр Романов Сиэйэҕэ саҥа уулусса Г.П.Терешкин аатын сүкпүтүн иһитиннэрдэ.
Маннык кэрэ сонуннары, үрдүк наҕарааданы ылбыттары, ыалдьыттары эҕэрдэлээн “Бар дьоммор эҕэрдэ” кэнсиэри “Алгыс” үҥкүүтэ хараҕы манньыта аста. Аатырар-сураҕырар “Сиэйэ кылыһахтара” фольклорнай бөлөх мааны да мааны тойуксуттарын толоруута көстөр тас көстүүлэрин курдук мааны, куоластара эчи чуорун. «Чэлгийдэр” оҕо чабырҕахсыттар мэниктээн урут-хойут да сүүрэн киирэн толордоллор, инникилээхтэрэ өтө биллэр, маладьыастар. Оттон улахан дьон — чабырҕахсыт “Дьэргэстэйдэр” улууска тэҥнээхтэрэ суох! “Абааһы аһаабыт сириттэн арахпат” диэн өс хоһооннорунан таҥыллыбыт айымньыны толорбут Айсаара Фомина, Вова Васильев Сиэйэ кэлэр кэскиллэрэ диэн бэлиэтиибин, кытаатыҥ! Стас Тараяров чаҕылхай ырыатынан Сиэйэ сиригэр дьиэрэҥкэй ойон аастыбыт. Эвелина,Каталея, Розалина ийэлэрэ Екатериналыын Амма үөһүгэр сөтүөлэттилэр, эчи нарыннарын намчыларын! Аркадий Архангельскай уораҕай люстралара хамсаан ылыахтарыгар диэри эдэр киһи ырыатын ыллаан дьигиһиттэ.
Билигин хас нэһилиэк аайыттан СВОҕа элбэх уол сылдьар. Кинилэргэ анаан Сергей Ефимов “Аттаах, саалаах, быһахтаах” ырыата уолаттарга алгыс буоллун. Оҕо сааспар биир дьиэҕэ хоно сытан оонньуур табаарыһым Устүөп Чалбанов СВОҕа сылдьар уолун Айаалы көрөн илэ бэйэтин көрбүт курдук буоллум, оҕо аҕатыгар майгынныыр да буолар эбит, кырасыабай дьүһүннүүн, көрөр көрүүлүүн. Уолаттар барахсаттар этэҥҥэ эрэ буолуҥ!
Киэҥ холку куоластаах Айтал Петров кытылга күүлэйдэттэ. “Кынтай” үҥкүү бөлөҕүн отой уҥуохтарынан, ыйааһыннарынан талан клоннаан айбыттарын курдук эчи тэҥнэрин, үчүгэйдэрин, үҥкүүлэрэ кэрэтин! Октябрина Алексей Максимовтар куруук бэйэлэрин үтүө холобурдарынан өрүү инники сылдьар Сиэйэ сис мааны ыаллара, ырыалара да дьоһуннаах. Сиэйэ эрэлэ Валера Андросов “Маҥан атын” бэрт чуордук чоргуйда. Сиэйэ аатын дорҕоонноохтук ааттатар Сиэйэ Уола күн бүгүн “Бастыҥ эр киһи толорооччу” уоонна “Көрөөччү биһирэбилэ” үрдүк ааттары ылан өрөгөйдөөтө. Кини репертуарыттан Михаил Михайлов “Айан” ырыаны үрдүк да тыһымҥа толордо, сопрано куоластаах ийэтин батан барахсан дьэ ырыаһыт оҕо эбит. Сир симэҕин курдук бииртэн биир талбыт кэрэ “Симэхчээннэри” көрөн тула өттүм өссө тубуста. “Сиэйэ патриота” диэн таптаан ааттыыр оҕом Саргычок, билигин култуурам хотуна Саргылана Омукова талааннаах барытыгар талааннаах дииллэринии бэйэтин айбыт ырыатын ыллаан үс күөлбүт кытылынан сүүрдүбүт. Өр сылларга Сиэйэ кулуубугар үлэлээбит Юрий Гурьев тылларыгар, Архив Румянцев (Моякунов) матыыбыгар Сиэйэ лиҥкинэс эр дьонноро тахсаннар “Күүлэйдии кэлээриҥ Сиэйэҕэ” ырыаларын истэн бары сайыны күүтэ хааллыбыт.
Бу кэнсиэри көрөн олорон Сиэйэм дьоно бары талба талааннарын дьүөгэлэрим сөрү диэн сөхпүттэриттэн, тыл ууһа тиийэринэн хайҕаабыттарыттан мин бэйэбин хайҕаппыттааҕар ордук үөрдүм, харыс үрдээтим, киэн тутуннум. Оһуобай хайҕабылбын, астыныыбын көрү-күлүүнү өрө туппут, баһылаабыт Мария Ефимоваҕа, Лариса Кривошапкинаҕа, Сардаана Максимоваҕа, Василий Васильевка аныыбын. Көр-күлүү курдук уустук жанры дьэ баһылаабыт барахсаттар.
Сиэйэ дьоно-сэргэтэ тыа сирин кыайыгас-хотугас дьоно буолаллара тас көрүҥнэригэр да көстөрүн көрбүт эрэ барыта бэлиэтии көрбүт буолуохтаах. Ыйдаҥаран көстөр ырыган, нэһиилэ хамсыыр эмис да киһи суоҕа, бары көнө уһун уҥуохтаахтара-арҕастаахтара, ыраас сырдык хааннаахтара харахха быраҕыллар.
Дьэ, онтон бүттэ дуу диэбиппит, “Сиэйэттэн кэһиилээх кэллим” диэн киирии билиэтинэн сүүйүүлээх оонньуу буолла. Дьэ, манна баар эбит бүппэт кэһии, маннык элбэх сүүйүүлээх билиэт баарын бачча сааспар саҥа көрдүм. Көтө сылдьыбыт кустар, мас көтөрдөрө, уста сылдьыбыт балыктар, ынах синньигэр ыанньыйа сылдьыбыт үүтэ, арыыта, эмис идэһэ этэ, хаана, быара, отон арааһа, барыанньа, туорт, хомпуот, киэргэл, харысхал …барыта баар, өссө сороҕун көтүппүт буолуохпун сөп. Маны барытын туустаан -тумалаан , күллэрэн-үөрдэн Мааһыҥкабыт, илдьэн туттара охсор түргэн сыыдам оҕолорунаан үөрэ-көтө түҥэттэ. Дьикти кэрэ быыстапкаҕа сырыттыбыт, киин куоракка да көрдөрүөххэ сөп үрдүк таһымнаах кэнсиэр көрдүбүт, билиэппитигэр төлөөбүт харчыны хас да бүк куоһарар бэлэх-туһах ыллыбыт. Ама бу буолбатах дуо, билиҥҥи уустук кэмҥэ дьону үөрдүү, сынньатыы, үтүөнү баҕарыы.
Олохтоох толкуйдаах, ырааҕы эҥсэн көрөр өйдөөх, талба талааннаах, инникигэ эрэллээх, киэҥ былааннаах дойдум дьоно, сиэйэлэр, сырдык саҕахтары, ыраас халлааны, үрдүк үрдэллэри!
Зинаида ФЕДОТОВА-Дьол Кыыма