Самаан сайын ортото айылҕа барахсан киэркэйэн-симнэнэн турар кэмигэр сынньана, сир астыы, балыктыы ким айылҕаҕа таласпатаҕа баарай… Ону баара бу кэмҥэ оҥоойу түһэн хаарыаннаах сынньалаҥы буортулуура, былааны ыһара баар суол.
Билигин бу үөн номнуо түһэн, буруолаах күннэргэ хойдон, кыратык таһырдьа быгаары гыннахха тарбанартан соло булбаккын. Араас атыыланар харыстанар ньымалар абыраллаахтар эрээри, сорох аллергиялыыр, сорох дьаат диэн мээнэ туттубат буола сатыыр. Онон доруобуйаҕа буортута суохтары туһанарга дьулуһар. Киһи баарын тухары кыһалҕаны быһаара сатыыр кыдьыгынан бырдахтан быыһанарга эмиэ араас суолу тобулан кэллэҕэ. Олортон көдьүүстээх соҕустарын сыымайдаан көрүөххэ.
Балыксыттар ньымалара – ванилин
Бу судургу, сыаната да удамыр сириэстибэ. Сүрүнэ – туох даҕаны булкадаһыга, саахар эбиилигэ суоҕу туттуохха наада. Анал ыһардаах иһиккэ ванилины ууга суурайан эбэтэр кириэмҥэ булкуйан баран аһаҕас эти-сиини сотуннахха, бырдах, оҥоойу дьалты туттар эбит.
Сиэккэ эбэтэр чиҥ таҥас
Айылҕаҕа тахсарга бытархай хайаҕастаах москитнай сиэккэнэн анал хахха оҥостуохха сөп. Эбэтэр анал атыыланар сиэккэлээх сэлээппэни кэтэн, чиҥ матырыйааллаах таҥаһы таҥнан арыый да холкутук сылдьыахха сөп.
Хатыҥ дьүөкэтэ
Дьүөкэт ураты сытыы сытын бука бары да билэбит. Дьэ бу сыты оҥоойу адьас сөбүлээбэт эбит. Анал атыыланар дьүөкэт концентратын испиири эбэтэр одьукулуону кытта холбоон таҥаһы, аһаҕас эти соттуохха сөп. Балааккаҕа киирбит оҥоойулары үүрэргэ бу дьүөкэттээх убаҕаспытыгар “сөтүөлээбит” туорааҕы уматан “ыҥырыга суох ыалдьыттартан” быыһаныахпытын сөп. Сыт-сымар мааны буолуо эрээри, этэллэринии, иккиттэн биирин таларга күһэллэбит.
Одьукулуон уонна эфирнэй арыы
Одьукулуоҥҥа валериана, лаванда, гвоздика эбэтэр анис арыытыттан таммалатан оҥоойу үргэр сытын оҥостуохха сөп. Үгүс дьон “Гвоздика” диэн одьукулуону тутталлар. Бу одьукулуону эфирнэй арыынан сытын күүһүрдэн биэрдэххэ икки бүк көдьүүстээҕин бэлиэтииллэр.
Бэнтилээтэр
Оҥоойу кээмэйинэн бытархай буолан, кыра да салгын хамсааһынын утары көтөр кыаҕа суох. Ол иһин тыаллаах күннэргэ аҕыйаабыт курдук буолаллар. Онон аһаҕас верандаларга, беседкаларга бэнтилээтэри холбоон аҕыйах кэмҥэ оҥоойуттан быыһаныахха сөп.
Булчуттар ньымалара
Ойуурга элбэхтик сылдьар, хонор дьон хатыҥ маска үүнэр тэллэйи сөбүгэр көрөн хастаан ылан уматтахха, ол буруотуттан бырдах куотар дииллэр. Тэллэйи бастаан кыра гына кырбаан умайбат олоххо ууран уматыллар. Кыратык кыламнаан умайар буолан, буруота хойуу буолар. Чугас эргин мустубут бырдаҕы кыйдыыр.
Кыһыйыыны намыратарга
Оҥоойуттан да, кумаартан да хайдах да харыстаммыт иһин сай устата син биир сиир. Ытырбыт сирдэрэ кыһыйан, иһэн, ардыгар аллергиялатан кыһытааччы. Маннык түгэҥҥэ бэрт судургу суурадаһыннарынан туһанан, ытырыллыбыт сири соттон кыһалҕаны кыччатыахха сөп эбит:
• Аска туттуллар суоданы 1 ч. нь. 1 ыстакаан ууга суурайан;
• Нашатырнай испиири ууну кытта 1:1 булкуйан;
• 9%-наах уксуһу ууну кытта 1:3 холбоон;
• Волокордины, корвалолу эбэтэр календуланы сөбүгэр ууга суурайан;
• Салициловай кислотаны ууга булкуйан;
• Илитиллибит чэй пакеттарынан;
• Кефиринэн эбэтэр сүөгэйинэн.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат.