Оҥоһуу өйү баһылыыллар

Балысхан сайдыылаах кэммитигэр оҥоһуу өй (искусственный интеллект) олох бары эйгэтигэр улам киирэн иһэр. Оҥоһуу өйү үлэ араас көрүҥнэригэр киэҥник туттар буоллубут. Л.А.Попов аатынан Сунтаардааҕы киин бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ биир идэлээхтэригэр  оҥоһуу өйү баһылыылларыгар, күннээҕи үлэлэригэр тутта үөрэнэллэригэр анаан үөрэх ыытар. Билигин бибилэтиэкэ эйгэтигэр оҥоһуу өйү киэҥник туһанар буоллулар. Холобура,  дьон араас ыйытыктарыгар наадыйар иһитиннэриилэригэр куйаар ситимин нөҥүө оҥоһуу өй түргэнник, тутатына хоруй биэрэр. Онон үлэ тэтимирэн элбэх дьон бибилэтиэкэ өҥөтүнэн туһанар буолла диэн бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ санааларын үллэстэллэр. Кэлин бу үөрүйэхтэрин ааҕааччыларыгар эмиэ тиэрдэр санаалаахтар.

Мира АФАНАСЬЕВА 

Читайте дальше