Олунньу — Одун Хаан ыйа

Олунньуга сиргэ Одун Хаан чугаһыыр. Кини чиҥ эйгэни айбыт күүс. Ол иһин бу ыйга эти-сиини, буор куту бөҕөргүтүнэр үгэс баар. Маны таһынан, олунньуну “Хомуһун ыйа” диэн ааттыыллар, хомуhун — бу этэр тыл ис чиҥэ, иччитэ, күүһэ. Этэр тыл иччилээх, этэр күүстээх диэни билэбит. Хомуһуннаах тылтан сэрэнэр үгэстээхпит. Тыл ох уонна уот диэн өйдүүбүт. Бу ыйга тыл ис күүһүн туһанар анал кэм эбит. Олунньу 13 күнүгэр Ийэ тыл күнүн бэлиэтиибит. Ый 12-с күнүттэн дьыбар тахсар буолар, онтон 24 күнүттэн кыһын ахсыыр. Былыргылар этэллэринэн, тымныы оҕуһун кута-сүрэ тостор.

Олунньу 12-с күнүгэр дьыл оҕуһун биир муоһа тостор. Олунньу 24-с күнүгэр иккис муоһа туллар. Кыра Одун чугаһыыр. Одун – ахсыс халлаан айыыта. Кини орто дойду буор кута буолар. Одун – төрүт буор кут. Халлаан күннэрин, киһи бодотун одун үөскэппит. Одун Хаан курдук дьылҕаны оҥорор эбит. Уратылара, суолталара – билиини таһаарыы. Оттон Одун Хаан дьылҕа дьиҥнээҕин бу кэмҥэ оҥорор.

Олунньу маҥнайгы күнэ — дьыл оройо. Дьыл уһуна — 220 хонук. Бу кыстык кэмэ. Дьыл саҕаламмыта 110 хоммутун кэннэ олунньу 1 күнүн  ДЬЫЛ ОРОЙО диэн ааттыыллар. Кыһыҥҥы хонук аҥаара бүтэр. Кыстыкка бэлэмнэммит ас аҥаара сиэниллэр. Маҥхааһайга бурдук, кыбыыга от лоп курдук аҥаара хаалбыт буоллаҕына, үчүгэйдик сыл тахсыахха сөп.

Олунньуга саас кэлиитин уонна хайдах сайын кэлэрин буолуоҕун билгэлииллэр. Ый хаһыс күнүгэр сылыйар да, кэлэр ыйга ол кэмҥэ бэлиэтээһин буолар. Олунньуга сылаас, былыттаах буоллаҕына, сайына кураан, тымныы буоллаҕына – сайына ардахтаах. Тымныы тостор, сис былыта олунньу 15-20 күннэригэр буолар.

Олунньу ый билгэлэрэ

1 — дьыл оройо буолар. Кыhыҥҥы хонук аҥаара бүтэр. Кыстыыр от аҥаарыттан итэҕэhэ суох хааллаҕына, сылы үчүгэйдик тахсыллар. Бу күн хайдаҕый да, ый бүтүүтэ оннук буолуоҕа. Былыта суох, күннээх буоллаҕына, саас эрдэ кэлэр. Эһэ арҕаҕар сытан эргийэр, биирдэ ытыһын саланар.

2 — ый дьиэлэннэҕинэ — мөлтөх үүнүүлээх сайыҥҥа. Күн орто күннээх буоллаҕына, эрдэтээҥҥи сааска. Былыттаах буоллаҕына, хойукка диэри тыалырар.

10 — хайах хостуур күн. Тыалырдаҕына, сайына ардахтаах.

12 — Иккис Охонооhойоп. Куйуурдааhыны саҕалыахха сөп. Сырдык кэм, күн уhуна 9 чаас.

14 — сулустаах буоллаҕына, саас хойутуур.

15 — бу күн тыалырдаҕына, сааһа хатааһыннаах буолар.

24 — Үһүс Охонооhойоп. Сырдык кэм, кун уhуна 10 чаас.

27 — үчүгэй күн-дьыл буоллаҕына, тымныйар.

 

Куйаар ситимиттэн

 

Читайте дальше