“Олоҥхонон киирсии”- сэргэх тэрээһин

Сэтинньи 29 күнүгэр Олоҥхо ыйын түмүктүүр, Хомус ыйын арыйар “Олоҥхо — барҕа баайбыт” тэрээһиҥҥэ Сунтаар үгүс нэһилиэгэ киирэн кыттыыны ылла. Ол курдук, “Олоҥхо дойдутун оһуордаах оонньуута” бэстибээл чэрчитинэн саха эр киһитин кыһыҥҥы таҥаһын көрүү күрэһэ, “Олоҥхо-баттл” олоҥхонон киирсии уонна олоҥхону тарҕатыыга, үйэтитиигэ үлэлиир дьону бэлиэтээтилэр.

Олоҥхонон киирсиигэ 18 нэһилиэк икки сиринэн Сибиэрэп киинигэр уонна “Партизан” НАТК мустан олоҥхону оройуттан туттулар. 3 бөлөххө: улахан, кыра, орто нэһилиэктэр диэн арахсан күрэстэстилэр. Ол курдук, олоҥхо тылынан уустаан-ураннаан хамаанданы билиһиннэрии, олоҥхоттон быһа тардыы, олоҥхону аныгы ньыманан толоруу диэн түһүмэхтэргэ бэлэмнэнэн кэлбиттэрин көрдөрдүлэр. Түмүккэ улахан нэһилиэктэргэ, 1 үрдэл  — Сиэйэ, Элгээйи нэһилиэктэрэ, 2 үрдэл — Кутана, 3 үрдэл — Тойбохой, Бордоҥ нэһилиэктэрэ буоллулар. Орто нэһилиэктэргэ 4 нэһилиэк кытынна. 1 үрдэл — Дьаархан, 2 үрдэл -Түбэй Дьаархан, 3 үрдэл — Маар Күөл нэһилиэктэрэ буоллулар. Кыра нэһилиэктэр ордук көхтөөхтөрүн көрдөрдүлэр. 8 нэһилиэк кытынна. Ол курдук, 1 үрдэл — Туойдаах, 2 үрдэл — Хоро, Илимниир нэһилиэктэрэ, 3 үрдэл — Түбэй нэһилиэгэ буолан олоҥхону өрө туталларын көрдөрдүлэр. Олоҥхону аныгы ньыманан толорууга сонун сүүрээннэр көһүннүлэр. Атын истиилинэн олоҥхону толорууну дьон биһирээбитин биллэрэн “Ноо”, “Тыый” диэн хаһыылар көрөөччү саалатыттан субу-субу иһиллэ турдулар.

Мира АФАНАСЬЕВА

Туяра АЛЕКСЕЕВА хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

 

Читайте дальше