Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Эһигини Олоҥхо күнүнэн ис сүрэхпиттэн истиҥник эҕэрдэлиибин!
Олоҥхо – өбүгэбит кэриэс бэлэҕэ, тулхадыйбат модун санаабыт тирэҕэ, саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын саамай үрдүк чыпчаала.
ЮНЕСКО киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньытынан (шедевринэн) билиммит үйэлээх баайбытын биһиги чөл хаалларар, үөрэтэр, сайыннарар соруктаахпыт. Ол курдук, Сахабыт сиригэр Олоҥхону чинчийэр научнай институттаахпыт, Олоҥхо дьиэтин биир кэлим тиһигэ тэрилиннэ. Олоҥхо ассоциацията олоҥхону үөрэтиигэ, киэҥник тарҕатыыга сүҥкэн үлэни ыытар. Олоҥхо тыйаатырын сыанатыгар айыы аймаҕын араҥаччылыыр бухатыырдарбыт хара дьайы кыайалларын-хотоллорун сөҕө-махтайа, астына көрөбүт. 150-тан тахса олоҥхо 10 араас омук тылынан бэчээттэнэн таҕыста. Бүгүҥҥү туругунан 300 олоҥхоһут бэйэтигэр иҥэриммит билиитин саҥа көлүөнэҕэ тиэрдэр.
Москубаҕа буолбут «Россия» диэн дойду эрэгийиэннэрин ситиһиилэрин форум-быыстапкатыгар өрөспүүбүлүкэбит «Саха сирэ – Олоҥхо эйгэтэ» диэн ааттаан Аал Луук Маһы экспозицияҕа туруорбута. Онуоха үс дойдуну ситимниир ытык маспытын сэҥээрэн, кэрэхсээн, 2,2 мөлүйүөн киһи кэлэн таарыйбыта олоҥхону сэргээччи элбээбитин көрдөрдө. Бу соторутааҕыта Москубатааҕы Губернскай тыйаатыр сыанатыгар мин эһэм – олоҥхоһут Андрей Титович Титаров «Хардааччы Бэргэн» олоҥхотун матыыбынан туруоруллубут испэктээк көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбытын истэн, Олоҥхобутунан киэн туттуум өссө күүһүрдэ.
Элбэх омуктаах Сахабыт сиригэр сыл ахсын ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕа ураты суолталаах. 2006 сыллаахха Олоҥхо бастакы уон сыла биллэриллибитэ. Онтон ыла Олоҥхо ыһыаҕа өрөспүүбүлүкэ 17 оройуонугар ыытылынна. Быйыл Амма улууһугар буолан ааста, оттон 2025 сыл от ыйын 4-5 күннэригэр олоҥхо түһүлгэтин ытык-мааны ыалдьыттарын Нерюнгри оройуона көрсүөҕэ.
Олоҥхо күнүн көрсө Сахабыт сиригэр үгэс быһыытынан Олоҥхо декадата ыытыллар. Быйылгы декада эмиэ киэҥ хабааннаах: «Олоҥхо дьыктаана» өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэх акцията, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэр, куонкурустар, бэстибээллэр, быыстапкалар, көрсүһүүлэр, айар киэһэлэр, олоҥхону чинчийээччилэр кинигэлэрин сүрэхтэниитэ буолуоҕа. Тэрээһиннэри испэктээктэр, олоҥхоһуттар толоруулара киэргэтиэхтэрэ. Олоҥхоһуттарга, оһуохай этээччилэргэ, уустарга уонна норуот маастардарыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга истипиэндьийэлэр туттарыллыахтара.
Нуучча былиналарыттан, сахабыт олоҥхотуттан, дойдубут араас норуоттарын былыргы сэһэннэриттэн үөскээн-сайдан тахсыбыт улуу култуурабыт, баай устуоруйабыт, үгэспит – Россиябыт тутаах күүһэ буолар.
Бүгүн анал байыаннай дьайыыга дойдубутун нацистартан көмүскүүр буойуннарбыт сырдык күүс хара дьайы кыайарын хоһуйар сүдү айымньыбытыттан – Олоҥхоттон эмиэ күүһү сомсоллоро саарбаҕа суох. Олоҥхо бухатыырдара куруутун Орто дойдуга кырдьык кыайарын туһугар охсуһаллар, төрөөбүт дойду көҥүлүн уонна кэскилин туһугар бары ыарахаттары туоруур эр хоһуун холобурунан буолаллар.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Эһиэхэ эйэни уонна этэҥҥэ буолууну, айар үлэҕитигэр табыллыыны, саҥа ситиһиилэри, чөл туругу, бары үтүөнү баҕарабын!
Айсен НИКОЛАЕВ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана