«Олоҥхо-квиз» олоҥхолоох оонньуу

Бүгүҥҥүттэн Сунтаарга Олоҥхо күннэрэ саҕаланнылар. Дэкээдэни «Олоҥхо квиз» дьиэ кэргэнинэн олоҥхолоох оонньуу улуустааҕы күрэһинэн арыйдылар. Дойдуга Дьиэ кэргэн сылынан оонньууга  Бордоҥтон Алексеевтар, Кутанаттан Гоголевтар, Сунтаартан Алексеевтар дьиэ кэргэттэрэ кыттыыны ыллылар. Кыттааччылар олоҥхоҕо кэпсэнэр 3 аллараа,орто, үөһэ дойдуларынан сылдьан сорудахтары толордулар. Ол курдук, алаараа дойдуга «Тылтай» түһүмэххэ олоҥхолор ааттарын сааһылаатылар, орто дойдуга «Өркөн өй», «Билбэччэй», «Үрүҥ көмүс холбука» диэн түһүмэхтэргэ олоҥхо тула эргийэр оонньуулары оонньоотулар. Онтон түмүктүүр  үөһэ дойду түһүмэҕэр олоҥхоһуту истии буолла. Истибит олоҥхолорунан ыйытыктарга хоруйдаатылар. Александра Яковлева — С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан УНАК исписэлииһэ, олоҥхону толорооччу: « Сунтаар- Олоҥхо дойдута буоларбыт быһыытынан олоҥхо күннэрин биһиги улуус өрө көтөҕүллүүлээхтик бэлиэтиир үгэстээхпит. Бу күннэр устата олоҥхоҕо анаммыт араас тэрээһиннэр тиһигин быспакка буолуохтара. «Олоҥхо-квиз» оонньуубут сүрүн соругунан үүнэн эрэр көлүөнэҕэ олоҥхону оҕо өйдүүр ньыматынан оонньуу быһыытынан тириэрдии буолар. Сыллата оонньуубутун сайыннаран, кэҥэтэн иһэбит. Быйылгы оонньуубут бирииһин пуондата 33000 тэҥнэстэ».

Оонньуу түмүгүнэн муҥутуур кыайыылаахтарынан Кутана нэһилиэгиттэн Гоголевтар буоллулар. Кинилэргэ 15000солк. туттардылар. Бастакы үрдэл Бордоҥтон Алексеевтар дьиэ кэргэттэрэ 10000 солк.  наҕараадаланнылар. Сунтаартан Алексеевтар 8000солк. ылан үөрүү-көтүү көтөллөннүлэр.

Олоҥхо дьоро күннэрэ саҕаламмытынан! «Ноо!»

Мира АФАНАСЬЕВА 

Читайте дальше