Бүгүн, Л. А. Попов аатынан Сунтаардааҕы киин бибилэтиэкэҕэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ассоциацията, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет, Олоҥхо научнай института, ХИФУ норуоттар тылларын уонна култууратын институтун көҕүлээһиннэринэн сылын ахсын ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Олоҥхо дьыктаана” ыытылынна.
Дьыктааны ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа библиограба Мария Иванова лоп-бааччы ааҕан суруйтарда. П. А. Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоттон быһа тардыыны барыта 42 киһи суруйда. Ол курдук, “Үчүгэй суруксут” ааты — Нелли Яковлева. ССОШ №1 10 “а” кылааһын үөрэнээччитэ, “Бастыҥ суруксут” ааты — Тамара Спиридонова, СЦДТ фольклорга уһуйааччыта, “Бастыҥтан бастыҥ суруксут” ааты — Надежда Петрова, СХПК “Үрдэл” кылаабынай буҕаалтыра ыллылар. Дьыктааҥҥа кыттыыны ылбыт дьоҥҥо барыларыгар туоһу сурук туттарылынна.
Таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарар, олоҥхо баай тылын-өһүн, билиини-көрүүнү кэҥэтэр сыаллаах Олоҥхо декадатын чэрчитинэн ыытыллыбыт дьыктааҥҥа кыттыыны ылбыт бар дьоммутугар махталбытын тириэрдэбит.
Мария Алексеева, ааҕааччыны кытта
үлэлиир салаа кылаабынай бибилэтиэкэрэ