Муус устар 18-24 күннэригэр Саха сирин күннэрэ Казахстаҥҥа буолар. Бү күннэргэ делегация Астана, Алмата, Петропавловск куораттарынан саха култууратын, үгэстэрин көрдөрөллөр. Бэлиэтээн эттэххэ, Саха сирин Олоҥхо дьиэлэрэ тас дойдуга аан маҥнайгытын айанныыллар. Саха сирин делегациятын кытта Сунтаартан С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан норуот айымньытын кииниттэн Алексей Седалищев, Туяра Алексеева, Екатерина Григорьева көхтөөхтүк кытта сылдьаллар. Бэҕэһээ Лхас аатынан муусука үнүстүрүмүөннэрин түмэлигэр, биир ситим олоҥхо исписэлиистэрэ ырыаны-тойугу, улуу олоҥхону, төрүт дорҕоону кырыымпаны, хомуһу, оһуокай түһүлгэтин үрдүк таһымнаахтык көрдөрөн элбэх көрөөччү биһирэбилин ыллылар.
Саха төрүт култууратын илдьэ сылдьарбытын көрөннөр сөхтүлэр , махтайдылар.
Сунтаар Олоҥхо дойдутун аатыттан Сибиэрэп киинин салайааччыта Алексей Дмитрьевич Аан дойду таһымнаах маастар, хомус ууһа Василий Уаров хомуһун түмэлгэ бэлэх уунна.
Туяра АЛЕКСЕЕВА,
С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан УНАК фольклорга испислэииһэ