Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн, тохсунньу 15-16 күннэригэр «Төрүт дойду – Арассыыйа күүһэ» диэн ааттаах аан маҥнайгы Бүтүн Арассыыйатааҕы бэйэни салайыныы форума Москваҕа тэрилиннэ. Тэрээһиҥҥэ Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев салалтатынан 8 нэһилиэк баһылыга кыттан кэллилэр. Бүгүн биһиэхэ улууспут баһылыга Анатолий Васильевич форумтан санаатын үллэстэр:
– Бу улахан таһымнаах тэрээһиҥҥэ уопсайа регионнартан 7 тыһыынча кэриҥэ баһылык кэлэн кытынна. Саха сириттэн – 155 баһылык. Бу форум Владимир Владимирович сорудаҕынан тэрилиннэ. Бастакы күнүгэр ВДНХ-ҕа ыытылла турар быыстапкаҕа сырыттыбыт. Регионнар павильоннарыгар төгүрүк остуоллар, бырайыактар үлэлээтилэр. Ону таһынан былаһааккаларынан панельнай дискуссиялар диэн буоллулар, онно кытынныбыт. Арассыыйа араас министиэристибэлэриттэн, тэрилтэлэриттэн кэлэннэр муниципалитеттар хайдах сайдыахтаахтарын атын регионнар муниципальнай практикаларын көрдөртөөтүлэр, иһитиннэрдилэр. Иккис күммүтүгэр Сколковоҕа 7 тыһыынча киһи мустан улахан форуммут саҕаланна. Манна «Служение» диэн 9 хайысханан бириэмийэ туттарылынна. Үс тыһыынча үлэ киирбит. Саха сириттэн Хаҥалас улууһун Тиит Арыы нэһилиэгин баһылыга Григорий Лукин Бэрэсидьиэн Владимир Путинтан «Судьба человека – гордость Отечества» диэн анал аатын ылан наҕараада тутта.
Биһиэхэ, тэрээһин кыттыылаахтарыгар саамай долгутуулаах түгэнинэн Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович бэйэтинэн кэлэн тыл этиитэ буолла. Кини бу тэрээһин сүрүн соруга диэн – нэһилиэнньэ кыһалҕатын миэстэтигэр билэр, быһаарар муниципалитеттар буолаллар диэн туран, бу улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ уонна кинилэргэ болҕомтону күүһүрдүөххэ, тупсарыахха наада диэн эттэ. Ону таһынан баар боломуочуйалар үп-харчы өттүнэн тирэхтээх, өйөбүллээх буолаллара ирдэнэрин бэлиэтээтэ. Дойду Бэрэсидьиэнэ бу биһиэхэ, муниципальнай үлэһиттэргэ, улахан суолта, болҕомто уурбута инники үлэбитин кынаттыыр диэххэ наада. Маннык улахан тэрээһиҥҥэ 7 тыһыынча баһылык мустан атыттары кытта кэпсэтиһэн уопут атастаһан уонна Владимир Путины, эт кулгаахпытынан истэн, илэ көрөн сүрдээҕин астынныбыт. Үлэбитигэр улахан туһалаах, кэскиллээх кэпсэтиилэр бардылар. Тэрээһиҥҥэ кэлбит регионнартан тус бэйэм Ханты-Мансийскай автономнай уокуруктан Югралары сэргээтим. Кинилэр муниципальнай практикалара элбэх эбит уонна элбэх номинацияҕа тигистилэр. Ону тэҥэ татарстаннар эмиэ бэрт үчүгэй уопуттаахтар эбит дии санаатым. Тэрээһиҥҥэ элбэх регион уопутун билэн-көрөн, элбэх баһылыгы кытта алтыһан бэйэбитигэр чопчу элбэх туһалааҕы, саҥаны-сонуну биллибит. Биллэн турар, сорох уопуту ылыныахха сөп, сороҕо биһиэхэ барсыбат. Бу маннык тэрээһини сылын аайы тэриллиэ диэн иһитиннэрдилэр.
Юлия-Айархаана АЛЕКСЕЕВА