Киһи барахсан бу олоххо таҥара анаабыт аналын көрсөн, ыал буолан, оҕо-уруу тэнитэн сирдээҕи дьолун булар. Сырдыкка-кэрэҕэ, тапталга талаһан, кэнчээри ыччаты иитии бу барыта дьиэ кэргэнтэн саҕыллар.
Сунтаар киин бибилэтиэкэтигэр «Олохпут алгыстаах суолунан» диэн Үөһээ Дьааҥы Боруулааҕыттан төрүттээх, РФ үөрэҕириитин туйгуна, Саха сирин үөрэҕириитин бочуоттаах бэтэрээнэ, Саха сирин социальнай-экономическай сайдыытыгар үрүҥ көмүс бэлиэ уонна «Курустаал глобус» профессиональнай бириис хаһаайката, Сунтаар сэлиэнньэтин бочуоттаах олохтооҕо Татьяна Божедонова кинигэтэ күн сирин көрөн, дьон-сэргэ ортотугар биһирэннэ. Бу кинигэҕэ Татьяна Федоровна олоҕун аргыһа Алексей Васильевич Петровтуун үйэ аҥаарыттан ордук бииргэ олорбут олохторун, төрөөбүт-үөскээбит дойдуларын, үөрэммит оскуолаларын, бииргэ алтыспыт оҕо саастарын доҕотторун, аймах-билэ дьоннорун уонна оҕолорун, сиэннэрин тустарынан киэҥник сырдатар ахтыылар, суруйуулар киирбиттэр. Ону тэҥэ, дьиэ кэргэн үлэтин-хамнаһын, ситиһиилэрин сэгэтэр. Бу кинигэттэн Татьяналаах Алексей оҕолоро, кэлэр кэнчээри ыччаттара төрүттэрин билэллэригэр, кинилэр олохторун, үлэлэрин холобур оҥостоллоругар тирэх, үтүө өйдөбүл буолан, үйэттэн үйэҕэ хаалыа турдаҕа.
Ааптар Татьяна Божедонова кинигэни туох сыалтан таҥан таһаарбытын туһунан кэлбит ыалдьыттарга долгуйан туран, бу курдук сэһэргээтэ:
«Хайа баҕарар ааптар кинигэтин төрөппүт оҕотун курдук сыаналыыр. Өлүөхүмэҕэ олорор Афонялаах Ленабыт оҕолоро: «Кто у нас были прадедушка и прабабушка», — диэн ыйытыыларыгар олоҕуран, төһөнү өйдүүрбүтүнэн, билэрбитинэн ыччаттарбытыгар тириэрдэр сыаллаах саҕалаабыппыт».
«Олохпут алгыстаах суолунан» кинигэ иһэ-таһа олус кыраһыабай, ахтыылары, суруйуулары таһынан элбэх хаартыскалаах. Ол курдук, кинигэ таһын арыйааты кытары Татьяна төрөөбүт дойдута Боруулаах сирэ-уота көстөн кэлэр. Оттон кинигэ кэннигэр таптыыр кэргэнэ Алексей төрөөбүт дойдута Куокуну кэрэ көстүүлээх айылҕата киирбит. Кинигэ ис тутула 6 түһүмэхтэн турар, 70 эрэ ахсаанынан бэчээттэнэн тахсыбыт буолан дэҥҥэ көстөр кинигэ буолуон сөп. Биһирэм түһүлгэтигэр кэлбит ыалдьыттар аһаҕас кэпсэтиигэ кыттыһан, оччотооҕу кэми олус истиҥник ахтан-санаан аастылар, бэйэлэрин эҕэрдэ тылларын эттилэр.
Бу курдук, «Олохпут алгыстаах суолунан» диэн дьиэ кэргэн олоҕун-дьаһаҕын кэпсиир кинигэ Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылыгар, Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар сөп түбэһиннэрэн тахсыбыта эмиэ биир бэлиэ түгэнинэн буолла.
Елизавета ТИТОВА