Сунтаар улууһун күнүгэр “Түөлбэ күөлэ холобурдаах түһүлгэтэ төрүттүөх” диэн оһуокай күрэһэ ыытыллынна. Манна ааттаах-суоллаах оһуокайдьыттары тэҥэ саҥа оһуокай тылын этэн эрэр ыччат дьон кытынна. Илимниир, Бордоҥ, Кутана, Элгээйи, Дьаархан оһуокайдьыттара түһүлгэни киэргэттилэр. Кыайыылаахтар маннык буоллулар:
Оҕолорго: 3-с үрдэл — Винокуров Ярослав, Бордоҥ. 2-с үрдэл — Андреева Тоня, Бордоҥ. 1-кы үрдэл- Иванова Шура, Кутана
Ыччат дьоҥҥо: 2-с үрдэл — Петров Клим, Элгээйи, 1-кы үрдэл — Петрова Карина, Элгээйи.
Улахан дьоҥҥо: 3-с үрдэл- Лариса Иванова, Дьархан, 2-с үрдэл – Евдокия Захарова, Элгээйи, 1-кы үрдэл — Уйгулаах Күбэйэ Саарын Кыыһа, Илимниир.
“Түөлбэ күөлэ холобурдаах түһүлгэтэ төрүттүөх” оһуокай түһүлгэтэ бэйэтэ туспа, ураты тыыннаах буолан биэрдэ. Маннык дьоҕус оһуокай түһүлгэлэрэ саҥа ааттар тахсалларыгар олук буолар. Кэлин кинилэри атын улахан түһүлгэлэргэ истиэхпит турдаҕа.
Алгыс ураһатыгар кылыгырас кылыһахтаахтар, дорҕоонноох добун тойуксуттар «Төрүт дойдум Сунтаарым» тойук күрэһигэр муһуннулар. 9 кыттааччы Сунтаары уруйдаан-айхаллаан эҕэрдэ тойуктарын туойан иһитиннэрдилэр. Күрэскэ 4 саҥа этээччи сүрэхтэннэ. Ону тэҥэ идэтийбит тойуксуттар бэйэлэрэ айбыт тойуктарын туойан иһитиннэрдилэр. Түмүк маннык буолла: идэтийбит тойуксуттарга 1-кы үрдэл- Лариса Иванова, Дьаархан. 2-с үрдэл Аида Тимофеева, Сунтаар, 3-с үрдэл — Зоя Иванова Сунтаар. Саҥа тойук таһаарааччыларга 1-кы үрдэл Клим Петров, 2-с үрдэл — Карина Петрова (иккиэн элгээйилэр), 3-с үрдэл — Александра Иванова, Кутана.
Ааптар: Мира АФАНАСЬЕВА