1950 сыл бэс ыйын саҥата. Ыһыы үлэтэ бүтэн улахан дьон бары ходуһа сабыытыгар, улахан сыһыылары боотулу оҕуруотунан бүтэйдээн үлэ-хамнас бөҕөтө. Арай биһиги ньулубуой кылааһы бүтэрбит кыра бэтинээскилэр туос иллэҥ курдукпут.
Мастыырга былырыын саҥа оскуола аһыллан чугастааҕы алаастартан, бэл, икки-үс көс ыраах сытар Тыһакыыс, Дабаан, Көҥкүйэлээх үрэхтэриттэн төрүт уус дьонноро олорбут өтөхтөрүттэн дьиэлэрин көтүрэн оҕус, ат көлөнөн тиэйэн көһөрөн түбүк бөҕөнөн бөһүөлэккэ уһаайба ылан туттар этилэр.
Биһиги чугаспытыгар, уулусса нөҥүө өттүгэр Хоноһолоох диэн ыал көһөн кэлэн, дьиэ туттан олохсуйбута. Хоноһо дьиҥнээх аата Онтуон диэн. Ону улахан да дьон, оҕолор да «Хоноһо» диэнинэн билэллэрэ. Мин аҕам эмиэ «Онтуон» диэн аатын чуолкайдаан «Сымыыт Онтуона» дииллэрэ.
Хоноһо ат, оҕус сыарҕаларын оҥорор буолан, күнү быһа дьиэтин таһыгар үлэлээн түбүгүрэр. Үлэтин утум-ситим салҕанан барар курдук тэринэр.
Сыарҕа сыҥааҕын иэҕэр тэрилэ модьу дүлүҥнэртэн оҥо быһыллан оҥоһуллубут. Онно сыарҕа сыҥааҕа буолар ыаннарыллыбат хатыҥ маһы ытаһалаан иҥиннэрэн баран, уһун өттүттэн кирис быанан баайан таттаран иэҕэр. Таттарар ньымата диэн ,икки сиргэ хамсаабат гынан кылгас баҕана олордон баран, онно көҥдөй мас чууркатын кэтэрдэр, кирис быатын биир төбөтүн уктаатын модьу соҕус тоһоҕо мас төбөтүгэр иилэн баран хаамтаҕына, быата көҥдөй чуурка мас тула эриллэн сыарҕа сыҥааҕа буолар маһы иэҕэ тардан ылар. Баҕанатын тула кылгас тоһоҕо анньыллан турарыгар төһүү маһын иҥиннэрэн баран атын үлэтигэр көһөр. Хаһан даҕаны сонно тута сыарҕа сыҥааҕын биир сырыынан иэҕэ тардыбат этэ, хаста да төхтүрүйэн иэҕиллэр сиригэр уот үрдүгэр турар хара чаанньыктан итии уу кутара. Онтун биһиэхэ, орой мэниктэргэ: «Мас утаҕа быһыта барбытын уунан-уһаан биэрдин диэн сыарҕа сыҥааҕа буолар маһы итии буорга көмөн ыаннарыллар уонна итии ууну кутан сымнатан бэриллэр. Оччоҕо мас утахтара быһыта барбаттар, сыарҕа сыҥааҕа бөҕө буолар», – диэн быһааран, өйдөтөн кэпсиирэ.
Хоноһо сытыары-сымнаҕас майгытынан оҕолор куппутун тутара. Хаһан даҕаны куолаһын улаатыннаран мөҕөттөөбөт, атын улахан дьон курдук «мэһэй-таһай буолумаҥ, ыраах сылдьыҥ» диэн үүртэлээбэт. Ол оннугар кыра сорудахтары биэрэрин куоталаһа-куоталаһа, үөрэ-көтө толоро охсорго кыһанарбыт.
Ынах далын кэннинээҕи ойууртан амынньыар хомуйтарар, арыт хотон хаппыт сыбаҕыттан кии аҕалтарар. Онтунан сыарҕа сыҥааҕа буолар хатыҥын, сыарҕа ылаҕар аналлаах модьу үөт талахтары ыаннар, уһун синньигэс оҥкучаҕар уот оттор, кугас чачаххай бытыктарын имэринэ-имэринэ, мичээрдээн күлэ-күлэ хайҕаталыыр:
— Оҕолорум барахсаттар, эстэр айа курдуктар, улгумнара үлэһиттэрэ, – диэн хайҕаталыыр – улааттахтарына үчүгэй, үөрэхтээх үлэһит дьон буолуохтара…
Хайҕанан үөрэбит бөҕө буоллаҕа дии. Хайҕалы ким сирбитэ баарай…
Оҕус сыарҕата алта атахтаах, ат сыарҕата аҕыс атахтаах буоларын, сыарҕа икки сыҥаахтаах буоларын билэ-көрө улааттахпыт. Сыарҕа атахтарын холбуу хамсаппакка ыга тутар бөҕө модьу талахтан оҥоһуллубут ылахтары талах сигэнэн ыга баайан кэлгийэн кэбиһэр. Аны сыарҕабыт бастыҥалаах буолар эбит. Ол аата, сыарҕа иннин үөһээ, сыҥаахтар иннинээҕи төбөлөрүн холбуур туора ылах. Сыарҕа атахтара ылах үрдүнэн чоройо сылдьар мастаах буолаллара. Дьэ онно кэмнээн, чүүччүнэн үүттээн сыарҕа баттыгын кэтэрдэн маһынан хараҕалаан кэбиһэрэ. Модьу-таҕа, бөҕө оҥоһуулаах оту-маһы, таһаҕаһы тиэйэргэ аналлаах оҕус сыарҕата оҥоһуллан бүттэ.
Суох, бүтэ илик эбит. Сыарҕаҕа олгуобуйа буолар мастар хатырыктара сулланан баран оҕуруокка өйөннөрүллэн хата тураллар. Оттон оҕус моонньугар кэтэн дьүккүйэр токур бурҕалдьылара – буулаҕалара, бурҕалдьы аллараа маһа – сүүрдэрэ оҥоһуллан, нарыланан бэлэм сыталлар.
Сотору от үлэтэ саҕаланыа. Көлүүр оҕуһун дөрөтүттэн сиэппит холкуостаахтар кэлэн Хоноһо Онтуон кыһанан-мүһэнэн оҥорбут бөҕө-таҕа сабыс-саҥа киһи муннун кычыгылатар хатыҥ сыттаах сыарҕаларыгар оҕустарын көлүйэн илдьэ бараллар. Ыраах Лаайа, Көҥүстээх, Бэс, Куруҥ Салаа үрэхтэригэр оттуу тахсаары таһаҕастарын тиэйэн көһүөхтэрэ.
От кэбиһиитигэр көлүүр оҕуһа барахсан солбуллубат тардар күүс буолара. Саҥа улаатан эрэр аҕыс-тоҕус саастаах уол оҕолор үлэбит-хамнаспыт, үлэ үөрүйэхтэригэр үөрэниибит оҕус сиэтиититтэн саҕаланар этэ.
Ол саҕана тыа сирин чуумпутун тыраахтар, массыына мотуорун тыаһа аймаабат этэ. Электричество, төлөпүөн, араадьыйа тиийэн кэлэ иликтэрэ. Ыһыырынньык симик уотугар уруокпутун ааҕарбыт. Тиэхиньикэттэн ат от охсор косилката, от мунньар массыына уонна саһарчы буспут араҕас соломолоох ньэчимиэн бурдугу кырган анал остуолугар тэлгэтэн баран түүтэх-түүтэх түһэрэр далбаатаммыт кыраабыллаах бурдук быһар массыына… Атын тиэхиньикэ сэрии кэнниттэн суоҕа.
Хаһан даа куурбат, инчэҕэй муннулаах, санаарҕаабыттыы унаарыччы көрбүт харахтаах көлүүр оҕуһа уонна оҕус сыарҕата оҕо сааһым умнуллубат түгэннэрэ өйбөр-санаабар тыыннаах уобарас буолан сылдьаллар…
Билиҥҥи көлө – тыраахтар, массыына аһылыга – бэнсиин уонна сэлээркэ сыаната харыыта суох үрдүү турар. Олох сайдыыта история этэринэн, саҥа таһымҥа тахсан эргийэн кэлэ турар дииллэр. Ама ГСМ сыаната олус үрдээн, кыра кыахтаах тыа киһитэ от аһылыктаах оҕус көлөтүгэр төннөр кэмэ кэллэ дуо? Отун, маһын оҕус сыарҕатыгар тиэйэн баран, оҕуһун миинэн:
Саадьаҕай оҕус
Сайгыччы соҕус,
Айаннаан иһиий,
Алааспар тиэрдиий… –
диэн тойук туойан ырыа ыллаан айанныыр кэмэ чугаһаата дуо?!
Модест ПЕТРОВ