Оҕону үлэнэн иитии — олоххо бэлэмнээх киһини таһаарыы

       Дойдубутугар — Дьиэ кэргэн сыла. Онон сиэттэрэн хаһыаппытыгар, сайпытыгар улууспут дьиэ кэргэттэриттэн видеолаан, хаартыскалаан, суруйан сырдатан иһэбит. Бүгүҥҥү билиһиннэрэр дьоммут үлэһит үтүө мааны далбар хотун Лидия Рыкова дьиэ кэргэнэ.
Лидия Алексеевна туһунан хас да сыллааҕыта улууспут хаһыатыгар суруйан кэпсээн турабын. Бүгүн кини номнуо хос эбээ. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Кини ийэ үрдүк аналын толорон икки уол, икки кыыс оҕоҕо күн сирин көрдөрбүтэ. Билигин үйэбит сайдан, күннээҕи олоххо, үлэҕэ бары усулуобуйа барыта баар. Оттон урукку кэмнэргэ кэрэ аҥаардар, дьахтар дьон үлэ уустуктарыттан чаҕыйбакка араас эйгэҕэ бэриниилээхтик үлэлээн-хамсаан кэллэхтэрэ. Улахан дьиэ кэргэн далбар хотуна Лидия Алексеевна билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорон үлэлээбит сылларыттан маннык кэпсиир:
— Бу сынньалаҥҥа тахсыам иннинэ «Сельхозтехника» диэн кэлин тохтообут тэрилтэҕэ сэкиритээр-машинистканан, картотетчицанан о.д.а. уопсайа 25 сыл үлэлээн баран 1997 сылтан Сунтаардааҕы РЭС-кэ «кладовщик-раздатчик нефтепродуктов» диэн дуоһунаска үлэлии киирбитим. Ити кэмҥэ заправка РЭС территориятыгар турара уонна Ньурбатааҕы РЭС састаабыгар баар этибит. Онон матырыйаалбытын ыла элбэхтик Ньурбаҕа сылдьарбыт. Кулун тутар ыйтан энерголес диэн уот баҕанатын матырыйаала кэлэрин тутан саҕалыырбыт. Дьиҥэр дьахтар киһиэхэ 45-50 кыраадыска тымныы ыскылааттарга матырыйааллары ылан биэрии ыарахаттардааҕа биллэр. Ону сэргэ бензовозтар кэллэхтэринэ емкостарыгар чааһы чааһынан заправкалыырбыт. Түүҥҥү өттүгэр, бырааһынньыктарга, өрөбүллэргэ линияҕа саахал тахсар түгэнигэр хайаан даҕаны үлэлиэххэ наада этэ. Онтон кэлин заправка РЭС территориятыттан көһөн, техникалар нефтебазаҕа заправкаланар буолбуттара. Үлэбит биллэ чэпчээбитэ. Биһиги кэлэктииппитигэр араас саастаах дьон үлэлиирэ. Бары иллээх, үлэбитин таптыыр, бэриниилээх үлэһиттэр этэ. Бэйэ бэйэҕэ көмөлөсүһэн, өйөһөн олус бэркэ үлэлээн ааспыппыт.
Лидия Алексеевна билигин СӨ үлэ бэтэрээнэ, Сунтаар улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин бэлиэ хаһаайката.
Кини улахан кыыһа Оксана бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри «Кириэстээх» ТХПК-ҕа буҕаалтырынан үлэлээбитэ. Ыал ийэтин, билигин номнуо эбэтин быһыытынан бэйэтин оҕуруотуттан кэнсиэрбэ арааһын оҥорор. Баттах кырыйар дьарыктаах буолан ыраах-чугас доҕотторо абыраналлар. Лидия уола Алексей Сунтаардааҕы РЭС тэрилтэтигэр 20-с сылын үлэлиир, үс оҕолоохтор уонна биир сиэннээхтэр. Оттон кыра кыыс Ольга Дьокуускай куорат олохтооҕо, СӨ профсойуустарын федерациятыгар үлэлиир, икки оҕо ийэтэ.
Лидия Алексеевна икки сиэннэрэ номнуо бэйэлэрэ ыал ийэлэрэ, уол, кыыс оҕолоохтор. Саамай кыра сиэн бастакы кылаас үөрэнээччитэ. Оттон хос сиэн Эрсан 1,4 саастаах, Оливия 1,5 ыйдаах.
Саха ыалын сиэринэн сайынын күөх быйаҥтан сомсон, улахан дьиэ кэргэн кыһыҥҥы хаһаастарын бэйэлэрэ оҥостоллор, хаһааналлар. Кинилэр дьиэ кэргэннэригэр оҕо олох кыра сааһыттан дьиэ-ис тас үлэтигэр сыстаҕас буола улаатар. Үлэҕэ, сынньалаҥҥа бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэн, кыраларын бэйэ холобурунан иитэллэр-такайаллар. Онон улахан дьиэ кэргэн ыччаттара ханна да сылдьыбыттарын иһин сатабыллаахтык дьаһанан, эр киһи — дьахтар үлэтэ диэн наардаспакка барытын кыайа-хото туталлар.

                                                                                                                                                     Юлия ЕГОРОВА


Читайте дальше