Оҕону бэйэттэн арааран туспа  барарыгар үөрэтии

Үөрэхтээхтэр этэллэринэн оҕо 2, 10, 20 саастарыгар түһүмэхтэринэн сөптөөх таһымынан бэйэни дьаһанарга үөрэнэр. Хас биирдии оҕо төрөөбүт дьиэтиттэн тахсан барарыгар   бэйэтигэр эрэллээх буоларын курдук иитии иҥэриллиэхтээх.

Хас биирдии төрөппүт  оҕото улаатан истэҕин аайы, “оҕобут биһигиттэн барар күнэ үүнүө” диэн  долгуйара элбиир. Маннык түгэҥҥэ бэйэҕит уонна оҕоҕут  долгуйбатын, аймамматын курдук  эрдэттэн үөрэтии барыахтаах. Сорох ыалларга 25-30 саастарыгар диэри дьоннорун кытта өссө да бииргэ олорор эр дьон, кэрэ аҥаардар бааллар. Бу төрүөтэ араас буолар: ол курдук бэйэлэригэр туспа дьиэ кыайан ылынар кыахтара суоҕуттан, куортамнаһарга  харчы тиийбэтиттэн эбэтэр бэйэни сатаан дьаһанар буолан баран төрөппүттэрин бэйэлэрин эрэ хаалларыахтарын, кинилэртэн арахсыахтарын баҕарбаттарыттан эмиэ буолуон сөп. Маны таһынан наар төрөппүт эрэ этиитинэн, санаатынан, быһаарарынан салайына үөрэнэн хаалан, кинилэри хомотумаары, тылларын истэр курдук көстөөрү олорон хаалыы эмиэ баар. Оннук олорон бэйэлэрэ ыал буолан туспа барыахтарын баҕарбаттар, эбэтэр “кэлин да ыал буолуом” диэн уталытан, устунан оннук олорон хаалаллар. Тоҕо маннык буоларый?

Бу көстүүнү оҕо санаата мөлтөҕүттэн, кыаҕа-күүһэ суоҕуттан диирбит сатаммат. Анал үөрэхтээхтэр этэллэринэн, оҕо бэйэтин дьаһанара, бэйэтигэр эрэллээх буолуута биир үксүн төрөппүт иитиититтэн тутулуктаах буолар. Оҕоҕо бу хаачыстыба хайа төрүөҕүттэн баар буолбат. Оннук сатабылга үөрэтиллибэтэҕиттэн тахсар: кыра сааһыттан хаһан да, ханна да атын  дьоҥҥо, аймахтарга, дьиэҕэ, лааҕырдарга, о.д.а. төрөппүтэ суох хаалан сылдьан бэйэтин дьаһана үөрэммэтэҕиттэн.

Ис куттал. Тоҕо оҕолорбут төрөппүттэриттэн араҕан атын сиргэ барбаттарый? Дьэ бу манна кистэл төрүөттэр бааллар: ол курдук кыра эрдэхтэн “ийэттэн, аҕаттан араҕыы – саамай улахан куттал” диэн долгуйуу сүппэтэҕиттэн, төрөппүтүн кытта аһары бэйэ-бэйэҕэ ылларыы, эмискэ чугас дьонтон ким эмэ арахсан эбэтэр олохтон туораан суох буоллаҕына. Оҕо сааһын тухары дьиҥэ элбэхтик төрөппүтү кытта тэйсиини ааһар; уһуйааҥҥа, оскуолаҕа онтон үөрэх кыһатыгар. Ити кэмнэргэ кини өйдүүр: төрөппүт кинини хаалларбат, кинилэр син биир бааллар, “миэхэ кэлэллэр, мин кинилэргэ тиийэбин” диэн. Төһө кыалларынан оҕоҕутун барытыгар сырса сылдьымаҥ: охтон түһүө, сатаан таҥныа суоҕа, тугун эмэ сүтэриэ, мунуо уо.д.а биричиинэлэри була сатыы-сатыы оҥорон көрүмэҥ.

Булунуу.  Оҕо эһигинэ суох элбэхтик атын оҕолору кытта алтыһыахтаах, араас дьарыкка сылдьыахтаах, элбэх доҕордоох буолуохтаах. Ол аата оҕо төрөппүтүм эрэ миэхэ баар диэн өйдөбүлтэн босхолонуохтаах. Бу кэмнэргэ кини элбэххэ үөрэнэр: ким эрэ кими эрэ таҥнарыытыгар, доҕордоох буолууга, атын кими эмэ таптыырга, тус бэйэни ылынарга…

Бэйэ дьаһаныы үөрүйэҕэ. Оҕо бэйэтин дьаһанара, бэйэҕэ эрэллээх буолуута төрөппүттэр бэйэлэрин хайдах көрдөрөллөрүттэн эмиэ тутулуктаах. Аһара баран барытын бэйэҕит оҥорон биэримэҥ, оҕо бэйэтэ сатыы үөрэниэхтээх, бэйэтэ сатабыллаах буолуохтаах. Төрөппүттэр оҕоҕутугар үчүгэй хаачыстыбаларгытын көрдөрүҥ: алтыһар доҕоттордооххутун, тулалыыр эйгэҕэ, чугас дьоҥҥо сыһыаҥҥытын,  булууну, сүтэриини хайдах аһарынаргытын. Оҕоҕо биир саамай улахан көмө – төрөппүт өйөбүлэ, көмөтө. Оҕоҕутугар кыһалларгытын, кинини таптыыргытын, киниэхэ эрэнэргитин, хайгыыргытын көрдөрүҥ.

Иитиигэ алҕас диэн суох, сөптөөхтүк иитиигэ киһи үөрэнэр, кыһаллар, эппиэтинэстээх буолар.

Күндү төрөппүттэр! Баҕарыам этэ эһиэхэ доруобай, үтүө, киһимньилээх ыччаты. Барыта эһиги илиигит иһинэн буоларын умнумаҥ! Ситиһиилэри.

Санатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи психология киинэ дьону учуокка туруорбат, дьон ыарахан быһылааҥҥа түбэстэҕинэ, бэйэтин кытта биир бииргэ үлэлэһэн, сөптөөх суолу ылынарыгар көмө буолар. Ким баҕарар биһиги кииммитигэр эрийэн тиийэн көмө ылыан сөп, Сунтаардааҕы психологическай киин төлөпүөнэ: 8(41135)22-1-27

 Алена ПАВЛОВА,

өрөспүүбүлүкэтээҕи психология киинин Сунтаардаҕы филиалын социальнай педагога.

 

Читайте дальше