Оҕолорго техническэй дьоҕур күннэрэ

Н.М.Радионова аатынан оҕо дьоҕурун сайыннарар киин техничэскэй дьоҕур күннэрин саҕалаата.  Күннэр чэрчилэринэн “робототехника”, «радионан барар техникалар»,конструктарынан үлэҕэ “леголенд”, IT “тыл хакатона”, “киберспорт”, “ойуулук” диэн хайысхаларынан оҕолорго араас күрэхтэһиилэр ыытыллыахтара
“Тыл хакатонугар” оҕолор саха тылын үөрэтэр сыһыарыылары толкуйдуохтара. Бу хайысха муус устар ый бүтүөр диэри хас да түһүмэҕинэн ыытыллыаҕа.

Кэллиҥҥи сылларга оҕолор сахалыы ойуулук оҥоруутугар сөбүлээн ылсан эрэллэр. Ойуулук күрэһигэр 22 үлэ киирдэ. Ордук оҕолор пластилинынан мультиктары оҥорбуттар. Аҕыйах үлэ кумаахынан уонна графическай ньыманан оҥоһуллубуттар. Ойуулуктар  ис хоһоонноро саха тылын сайдыытыгар, үөрэтиигэ ананаллар.
“Радионан барар техникаларга” оҕолор дроннары көтүтэн уонна пультунан барар массыналары сүүрдэн күрэстэстилэр. Бу күрэхтэһии олус тыҥааһыннаахтык ааста. Сорох оҕолор техникалара аккаастыы сыһан, сыыһа-халты халыйан ыксатан ылла. Элбэх сыраны, бэлэмнэниини ирдиир күрэс буолан биэрдэ.

Улахан тэрээһин олунньу 20 күнүгэр ыытыллар научнай- техническэй быыстапка буолуоҕа. Манна нэһилиэктэртэн сатабыллаах, талааннаах оҕолор бэйэлэрин үлэлэрин билиһиннэриэхтэрэ. Ону таһынан, уһуйааччыларга семинар, кэпсэтиилэр, ырытыһыылар, үөрэхтээһиннэр буолуохтара. Техническэй дьоҕур күннэрин түмүгүнэн оскуолаларга, үөрэнээччилэргэ, “Точка роста” кииннэригэр рейтинг оҥоһуллуоҕа. Бу рейтининэн бастыҥнар ааттаныахтара.

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше