Бордоҥ орто оскуолатын 4-с кылааһын үөрэнээччилэрэ Тэҥкэҕэ буолбут муҥхаҕа сылдьан Күөх Боллох бэлэҕиттэн бэриһиннэрэн, муҥха диэн тугун билэн астынан кэлбиттэрин суруйаллар.
Үөрүүлээх күн
Биһиги сэтинньи 9 күнүгэр сарсыарда 9 чаастан Тэҥкэҕэ муҥхалыы барбыппыт. Аан бастаан бары оскуолаҕа мунньустан баран массыыналарга олорон айаммыт саҕаламмыта. Айаннаан иһэн нырыыһыттарга улахан кылаас уолаттара, аҕалар мас ылбыттара. Тиийэн баран улахан дьон муҥха түһэрэ барбыттара. Биһиги – кыралар уонна учууталлар хаалбыппыт. Улахан кылаас оҕолоро оонньуу толкуйдаабыттара. Биир маһы икки оҕо тутар, үһүс оҕо сүүрэн кэлэн ол мас үрдүнэн ойор. Эбиэккэ бары күөс миинин астына испиппит. Ас арааһын аһаабыппыт. Ол кэннэ кытыаннаах буруонан ыраастаабыттара. Оҕолор бары ураҕаспытын тутан күөлгэ киирбиппит. Өр баҕайы хааман нырыылыыр сирбитигэр тиийбиппит. Ураҕастарбытын тутан биир эрээккэ турбуппут. Улахан уолаттар анньыынан мууһу алдьаппыттара, биһиги кинилэр кэннилэриттэн атастаһа-атастаһа нырыылаабыппыт. Балыгы үргүтэн ийэ муҥхаҕа үүрбүппүт. Уопсайа биэс уон сэттэ куул балыгы ылбыппыт, ону барытын үллэстибиппит.
Алексеев Арылхан.
Муҥха күнэ
Биһиги оскуола икки сыл буола-буола Тэҥкэҕэ муҥхалыыр үгэстээхпит. Быйыл биһиги кылаастан алта буолан сырыттыбыт – Арылхан, Сияра, Аман, Каталея, Стёпа уонна мин. Сарсыарда ыһыктаах оскуолаҕа кэлбиппит. Күүтүһэн баран, массыынаҕа олорон Тэҥкэҕэ айаннаабыппыт. Суолбут үчүгэй этэ. Тэҥкэҕэ чугаһаан иһэн нырыылыыр маспытын ылбыттара. Уһун мастары массыынаҕа уурбуттара. Минньигэстик аһаан баран, нырыылыы барбыппыт. Мин иккис хамаандаҕа баар этим. Сорох оҕолор сытан, олорон, атастаһа сылдьан нырыылаабыттара. Балык тахсар кэмигэр элбээх-элбэх буолан турбуппут. Балыктары кууллаабыттара. Балык бөҕөтүн ылбыппыт. Дьиэбитигэр үчүгэйдик айаннаан кэлбиппит
Андреева Сайаана.
Бастакы муҥхам
Сарсыарда сэттэ чааска турбутум. Суумкабар аһылыкпын, иһиппин уктубутум. Оскуолаҕа тиийэн өр кэтэспиппит. Тэҥкэҕэ кэлбиппит, ыраах күөлгэ айаннаабыппыт. Тиийэн баран оонньообуппут, аһаабыппыт. Муҥха саҕаламмыта, элбэх да балыгы ылбыппыт. Дьиэбэр куул аҥаара балыктаах кэлбитим. Дьонум үөрбүттэрэ.
Герасимова Сияра.
Муҥхаҕа туттуллар тэриллэри биллим
Сарсыарда бары мустан баран массыыналарга олорбуппут. Мин табаарыһым Арылхан дьонун массыынатыгар олорсубутум. Арылхан, Аман, Сусанна Николаевна, Ульяна Титовна, Арылхан быраата буолан Тэҥкэҕэ барбыппыт. Уһуннук айаннаан күөлбүтүгэр кэлбиппит. Аан бастаан линейка буолбута. Тэҥкэ, Бордоҥ баһылыктара тыл эппиттэрэ. Сэрэхтээх буолууну быһаарбыттара. Уһун мастарбытын ылбыппыт. Аһаан баран күөлгэ киирбиппит. Икки линияҕа араарбыттара. Любовь Геннадиевна нырыыһыттары салайбыта. Өр айаннаан улахан муҥхаҕа кэлбиппит. Түргэнник булкуйан иһиҥ диэбиттэрэ. Бары булкуйан баран, улахан муҥханы соһон ылалларын көрбүппүт. Онтон улахан хомуоһунан балыгы баһан ыла-ыла сиргэ тэлгэппиттэрэ. Ол улахан хомуос сүүр диэн ааттаах эбит. Мин эдьиийбинээн биир куул балыгы ылбыппыт. Бары үөрбуппут
Дыбенко Стёпа.
Байанайбыт күндүлээбитэ
Тэҥкэ сиригэр тиийэн муҥхалаатыбыт. Уһун да уһун күөл. Дьон бөҕө кэлбит. Мин аан бастаан муҥхаҕа сырыттым. Олус астынным. Элбэх да балык кэлбитэ. Куулга куппуттара уонна баайбыттара. Барыта алта уонтан тахса оҕо баар этэ. Икки оҕо биир куул балыгы ылбыппыт. Онтон ордугун улахан дьон үллэстибиттэрэ. Бары үөрбүппүт. Аны икки сыл буолан баран барабыт. Кыралар нырыыһыттар, улахаттар ойбон алларааччылар буолбуттара. Муҥхаҕа сылдьар үчүгэй эбит.
Корякин Аман.