Бүгүн, тохсунньу 22 күнүгэр, улуус дьаһалтатын мунньахтыыр саалатыгар улуус баһылыга Анатолий Григорьев Сунтаар улууһун алын сүһүөх оскуолаларын талааннаах, ситиһиилээх оҕолорун кытта көрүстэ. Көрсүһүүгэ барыта 20 оҕо кэлэн кытынна. Бу курдук, улуус дьаһалтатын, үөрэх управлениетын тэрээһининэн, улууспут талбыт курдук талааннаах, ураты дьоҕурдаах, үөрэх-билии өттүгэр үрдүк ситиһиилээх оҕолорун кытта улуус баһылыга сылын аайы анаан көрсөрө, ситиһиилэринэн эҕэрдэлиирэ үтүө үгэскэ кубулуйда. Ол сиэринэн Анатолий Васильевич бүгүҥҥү көрсүһүүгэ кэлбит оҕолору, төрөппүттэри, учууталлары эҕэрдэлээн тыл эттэ, наҕараадалары, анал бэлэхтэри туттарда.
Улуус баһылыгын социальнай уонна имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччы Гаврил Еремеев, улуус үөрэҕириитин управлениетын салайааччытын солбуйааччы Владимир Уаров оҕолору эҕэрдэлээн туран, инникитин даҕаны ситиһиилээхтик үөрэнэллэригэр, көхтөрүн ыһыктыбаттарыгар баҕа санааларын эттилэр.
Тэрээһин биир сэргэх чааһынан оҕолор Аҕа баһылыкка интэриэһиргиир ыйытыыларын биэриилэрэ буолла. Киирбит ыйытыылар бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспат ис хоһоонноохторо, бүгүҥҥү күҥҥэ тоҕоостоох, олус дьоһун суолталаахтара сөхтөрдө. Ол курдук, оскуолаларын, нэһилиэктэрин кыһалҕатын таарыйар социальнай хабааннаах ыйытыктары кытта биэрдилэр. Анатолий Васильевич хас биирдии ыйытааччыны болҕомтолоохтук истэн, оҕолор толору хоруйу ылан астыналларын курдук эппиэттээтэ, кэпсэтиһии алтыһыы сиэринэн бэрт истиҥник ааста. Тэрээһини Сунтаардааҕы алын сүһүөх оскуолатыттан 4-с кылаас үөрэнээччитэ Егор Чыбыков хомоҕой хоһоонунан, 2-с кылаас үөрэнээччитэ Дайаана Борисова дьүрүскэн хомуһун тыаһынан, 4-с кылаас үөрэнээччитэ Федя Николаев ылбаҕай ырыатынан киэргэттилэр.
Бу маннык оҕолору кыра эрдэхтэриттэн уопсастыбаннай олоххо көҕүлүүр, «мин дойдум», «улууһум» диэн өйдөбүллэри күүскэ иҥэрэр, тус санааларын этэллэригэр үөрэтэр тэрээһиннэр көдьүүстээхтэрэ биллэр. Бэрт истиҥ тыыннаах көрсүһүү түмүгэр улуус баһылыга бу курдук олоххо көхтөөх, ситиһиигэ дьулуурдаах оҕолорунан киэн туттарын, көрсүһүүттэн олус астыммытын этэн туран, оҕолорго, төрөппүттэргэ, учууталларга өссө төгүл махталын биллэрдэ.
Марфа ИВАНОВА