Оҕолор «Тыл хонуута» сэргэх оонньууга кытыннылар

Бүгүн, Төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр, олохтоох бибилэтиэкэ кэлэктиибэ уонна Устье орто оскуолатын оҕону иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччыта Марианна Семенова 8-9-с кылаас үөрэнээччилэригэр кылаас чааһын, маны сэргэ «Тыл хонуута» сэргэх оонньууну ыыттылар.

Бу алта түһүмэхтэн турар оонньууга оҕолор анаграмманы таайдылар, тыллары тылбаастаатылар уонна суруллубут тыллары бэйэлэрэ хайдах өйдүүллэринэн быһаарарга холоннулар. Маны таһынан, тэттик ыйытыктарга хоруйдаатылар.

Бу курдук тэрээһиннэр оҕолор төрөөбүт тылларынан саҥаралларыгар, таба суруйалларыгар, нууччалыы тыллаах оскуола үөрэнээччилэригэр төрүт тылларын билэллэригэр эбии төһүү күүс, көмө буолара саарбаҕа суох.

Василисса АНДРЕЕВА, Устье нэһилиэгэ.

Читайте дальше