Сунтаар улууһугар икки күн устата Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылларыгар аналлаах улуустааҕы «Алыптаах мааска» оскуола оҕолорун театральнай кэлэктииптэрин көрүү-күрэҕэ буолан ааста.
Күрэс үөрэх салалтата уонна “Бартыһаан” норуот айымньытын театральнай киинэ бииргэ үлэлэһэр былаанынан 2018 сылтан тэриллэн ыытыллар.
Театр студиялара бүтүн Арассыыйатааҕы “Театр в школу” бырайыак чэрчитинэн улууспут бары оскуолаларыгар үлэлээн оҕо аймах сэҥээриитин ылыан ылла. Ол туоһутунан бу куоҥкуруска 17 оскуола оҕолоро сыл устата туохха уһуйуллубуттарын көрдөрдүлэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: Александра Васильева, Сунтаар улууһун үөрэҕин салалтатын иитии уонна эбии үөрэхтээһин салайааччыта, Юрий О, «Бартыһаан» НАТК дириэктэрэ, Егор Тарасов, Гаврил Андреев, Сунтаардааҕы норуот театрын артыыстара, Владимир Федоров, С.Г. Кривошапкин аатынан дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитиитигэр көмөнү оҥорор тэрилтэ иитээччи-баспытаатала.
Куоҥкурус сүрүн сыалынан улууспутугар оҕо театральнай искусствотын сайыннарыы уонна тарҕатыы, эдэр көлүөнэ самодеятальнай кэлэктииптэрин репертуарын байытыы буолар. Ону тэҥэ күрэс оҕо испэктээктэрин туруорааччыларын айар үлэлэрин сайыннарыыга, уопуттарын атастаһыыга уонна профессиональнай маастырыстыбаларын үрдэтиигэ туһуланар.
Көрүү түмүгэ маннык буолла:
«Бастыҥ спектакль» — Кутана орто оскуолата;
«Бастыҥ режиссёрскай үлэ» — Сунтаардааҕы гимназия;
«Бастыҥ сүрүн оруол кыайылааҕа» (уол оҕо) — Урсун Егоров, 8 кыл. Тойбохой орто оскуолата (Тэмэлдьигэн Миитэрэй);
«Бастыҥ сүрүн оруол кыайыылааҕа» (кыыс оҕо) — Василина Фокинова, Кутана орто оскуолата (Татыйаас);
«Бастыҥ 2-с былаан оруол кыайыылааҕа» (уол оҕо) — Давид Заболоцкай, Сунтаар алын сүһүөх оскуолата (Моһуок);
«Бастыҥ 2-с былаан оруол кыайыылааҕа» (кыыс оҕо) — Лиана Данилова, Түбэй Дьаархан орто оскуолата (Макаар кэргэнэ);
«Кэскиллээх артыыс» (уол оҕо) — Валера Наумов, Сунтаардааҕы санаторнай оскуола (Сүүтүк саҕа бухатыыр);
«Кэскиллээх артыыс» (кыыс оҕо) — Кристина Егорова, Сунтаар 3-с нүөмэрдээх орто оскуолата (Сарыысса);
«Чаҕылхай кыра оруол кыайыылааҕа» (уол оҕо) — Артур Спиридонов, Сунтаар алын сүһүөх оскуолата (Күөстэ учуутал);
«Чаҕылхай кыра оруол кыайыылааҕа» (кыыс оҕо) — Руфина Прокопьева, Кэмпэндээйи орто оскуолата (Кутуйах Тойторууна);
«Бастыҥ сценография» — Кириэстээх орто оскуолата;
«Бастыҥ музыкальнай киэргэтии» — Күндэйэ орто оскуолата;
«Бастыҥ көстүүм» — Кэмпэндээйи орто оскуолата;
«Бастыҥ үҥкүү туруорааччы» — Бордоҥ орто оскуолата;
«Бастыҥ театральнай кэлэктиип салайааччыта» — Фомина Валентина Алексеевна, Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй.
Кыайыылаахтар бары грамотанан, бирииһинэн наҕараадаланнылар. Маны таһынан дьүүллүүр сүбэ анал бириистэри туттарда. Ол курдук, Сунтаардааҕы гимназияҕа — 5000 солк., Кэмпэндээйи орто оскуолатыгар — 3000 солк.
Бу икки күн өрө көтөҕүүлээхтик, үөрүү-көтүү аргыстаах ааста. Маннык тэрээһин оҕоҕо интэриэһи үөскэтэн, оҕо сахалыы өйдөөх-санаалаах, үтүө киһи буола улаатарыгар олук уурар. Айар куттаах үөрэнээччилэрбитин, салайааччыларын үрдүк ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит!
Сунтаардааҕы үөрэҕирии управлениетын
пресс-сулууспата.