Бүгүн, муус устар 4 күнүгэр, Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын 8 «в» кылааһын уолаттара (сал. Бурнашова Евдокия Ивановна) аҕам саастаах Роберт Софронов дьиэ кэргэнигэр тэлгэһэлэрин хаарын ыраастаан, таһан көмөлөстүлэр.
«Амгалан Григорьев, Коля Громов, Рева Васильев, Айтал Иванов, Артём Ераскумов, Аркадий Львов, Дамир Степанов, Ярослав Кларов, Эрсан Макаров, Виталий Иванов, Стас Фёдоров тиэргэммит хаарын таһан көмөлөспүттэригэр улаханнык махтанабыт. Кырдьаҕаска, кыаммакка ити курдук амарах санааҕытынан көмөлөһө сылдьыҥ. Үөрэххитигэр ситиһиилэри баҕарабыт», — диэн аҕам саастаах биир дойдулаахтара махталларын биллэрдилэр.

«Сунтаар сонуннара» улуус хаһыата.

Читайте дальше