Билигин оҕолор олох кырачаан саастарыттан төлөпүөнү, планшеты көрөллөр, туһаналлар. Биһиги гаджеттары үлэбитигэр, үөрэхпитигэр, сынньалаҥмытыгар барытыгар туһанабыт. Бастакы кылаастан саҕалаан оҕо компьютеры билиэхтээх. Төлөпүөнү туһанара эмиэ наада. Онон оҕолорбут гаджеттары сөпкө, бэйэлэригэр куһаҕаны оҥорбот курдук туһаналларын ситиһиэхтээхпит.
Гаждеттар туһалара
- Гаджеттар уһун, салгымтыалаах дьарыктан аралдьыталлар. Холобур, бырааска уочараттаан олорон, эбэтэр уһун айан кэмигэр.
- Билигин цифровой үөрэхтээһин сайынна. Оҕолор араас приложение эбэтэр компьютернай оонньуулар нөҥүө ааҕарга, суоттуурга, уруһуйдуурга үөрэнэллэр. Өйгө тутар, толкуйдуур дьоҕурдарын, болҕомтолорун сайыннараллар. Үөрэтэр мультиктартан аан дойдуну, халлаан куйаарын, айылҕаны, араас дойдуну, тулалыыр эйгэни кытта билсэллэр.
Гаджеттар буортулаах өрүттэрэ
- Оҕолор төлөпүөҥҥэ, компьютерга үлүһүйэн оонньууллар, социальнай ситимнэргэ олороллор, бириэмэ төһө барбытын өйдөөбөккө даҕаны хаалаллар. Итинник ылларан бараллар уонна дьиҥнээх олохтон устунан сэмээр тэйэллэр. Виртуальнай олоҕунан үлүһүйэн тугу барытын умналлар, дьиэҕэ үлэни толороллорун, салгыҥҥа сылдьалларын, оонньуулларын, оннооҕор сороҕор киэһээҥҥи аһылык кытта умнуллар.
- Интэриниэккэ олус элбэх ынырык суостаах быһыылар элбэхтик кэпсэнэллэр, ужас киинэлэр, роликтар үгүстэр. Оҕоҕо буортулаах информацияны кэпсиир сайтар да бааллар. Бу барыта оҕо ис туругун кэбирэтэр. Онтон сиэттэрэн оҕо туохха барытыгар өстөөҕүн курдук сыһыаннаһан барыан сөп. Онон төрөппүттэр иннилэригэр оҕолорун компьютерга, гаджеттарга олороллорун хааччахтыыр эбэтэр оҕо ситимҥэ тугу көрдүүрүн кэтиир сорук турар
- Электроннай устройстволар оҕо этигэр-сиинигэр, уйулҕатыгар куһаҕаннык дьайалларын умнарбыт сатаммат. Оҕо хараҕа эрэ мөлтүүр буолбакка, өр хамсаабакка олороруттан уҥуоҕа, быччыҥа эмсэҕэлиир, сиһин тоноҕоһо токуруйар. Дьэ ол иһин төрөппүт оҕото гаджеттарга олорор бириэмэтин кээмэйдиэхтээх. Оҕо хамсанарын, сибиэһэй салгыҥҥа сылдьарын ситиһиэхтээх. Киэһэ бииргэ оонньооҥ, киэһээҥҥи аһылыккытын оҕону кытта кэпсэтэ-кэпсэтэ бииргэ астааҥ, сибиэһэй салгыҥҥа дьиэнэн бары сылдьар күннэ анааҥ.
- Төлөпүөҥҥэ элбэхтик эриллэр оҕо саастыылаахтарын, улахан да дьону кытта сатаан алтыспат, санаатын эппэт, туохтан хомойбутун үөрбүтүн сатаан кэпсээбэт, атын дьону өйдөөбөт буолар. Дьон ортотугар өйдөһөн, өйөһөн, көмөлөсүһэн олорор үөрүйэҕэ сайдыбат, сүтэр. Инники олоҕор ити үөрүйэхтэр олус наадалаах буолалларын төрөппүт өйдүүрэ наада.
- Олох кыра саастарыттан төлөпүөнү тутан улаатар буолан, оҕолорбут нууччалыы тылланаллар, саҥараллар. Тула истэр саҥата сахалыы да буоллар, оҕо төрөөбүт тылынан саҥарбат, сахалыы тыла сайдыбат. Оҕо төрөөбүт тылынан төрөппүттэрин, эһэтин, эбэтин, убайдарын, эдьийдэрин, доҕотторун кытары кэпсэтэр эрэ буоллаҕына, тыла эрэ буолбакка өйө, уйулҕата, дьоннуун алтыһар дьоҕура сайдар.
- Уһуннук гаджекка олорор оҕо интэриниэт ситимиттэн тутулуктанан хаалар. Оҕо онно эрэ олоруон баҕарар. Дьоннорунуун, биир саастыылаахтарын кытта алтыһартан, күннээҕи олохтон тэйдэр тэйэн иһэр. Бу ыарыы, психологическай дьаллык биир көрүҥэ буолар.
Бу маны болҕойуҥ
Оҕо аһыыр, ааҕар, дьиэҕэ үлэтин толорор, улахан дьону кытта кэпсэтэр кэмигэр төлөпүөнү туттуо суохтаах.
Туһалаах сүбэлэр
- Оҕо гаджеты туттар бириэмэтин хааччахтааҥ: 4-5 саастаах оҕо – 15 мүн. ордуга суох; 6 с. оҕо – 20 мүн; 7-9 с. оҕо – 30 мүн; 10-12 с. – 40 мүн; 13-14 с. – 50 мүн;
- Оҕо утуйуон иннинэ гаджеты туттарын көҥүллээмэҥ.
- Монитортан оҕо хараҕа 60 — 70 см тэйиччи буолара сөптөөх.
- Өскөтүн оҕо монитор иннигэр уһун кэмҥэ олорор буоллаҕына, 10-нуу мүнүүтэлээх сынньалаҥ хайаан да оҥоһуллуохтаах.
- Оҕо сибиэһэй салгыҥҥа сылдьарын, успуордунан дьарыктанарын, сүүрэн-көтөн оонньуурун олохтооҥ.
- Утуйуох 2-3 чаас иннинэ гаджеты ууран баран чуумпу оонньуулары бары бииргэ оонньооҥ, кинигэтэ ааҕыҥ, кэпсэтиҥ.
- Оҕо дьиэтигэр куруук толорор эбээһинэстээх буолуохтаах.
Төрөппүттэр оҕолоругар төлөпүөн биэрэллэригэр икки өттүттэн сөбүлэһии түһэрсэллэрэ буоллар үгүс кыһалҕа быһаарыллыан сөп этэ.
Төлөпүөнү туһаныыга сөбүлэһии
Эйиэхэ биһиги саҥа төлөпүөн ылан биэрдибит. Маны өйдөөхтүк уонна туһалаахтык астына туттаргар баҕарабыт. Ол наадатыгар бу аллара суруллубут быраабылалары тутуһарыҥ булгуччу ирдэнэр. Оннук эрэ түгэҥҥэ төлөпүөнү туттарыҥ көҥүллэнэрин өйдүөхтээххин. Саҥа төлөпүөннэнэн эн эппиэтинэһиҥ өссө үрдүүр. Ону өйдүөҥ диэн эрэнэбит.
- Төлөпүөн доҕотторгун, чугас дьонноргун кытта астына кэпсэтэргэр туттуллар. Киһи кыбыстар араас кэпсэтиилэрэ буолаллара көҥүллэммэт.
- Төлөпүөҥҥүн хаһан даҕаны дьону ыыстыырга, үөҕэргэ, куттуурга, бэтэлээх этиилэри, бэлиэтээһиннэри суруйарга, саҥарарга туһаныма. Оннуктары ханнык да киһиэхэ ыытыма. Тыл олус күүстээх. Куһаҕан тылтан киһи улаханнык эмсэҕэлиэн сөп, онтуҥ бэйэҕэр эргийэн кэлиэҕин умнума.
- Ханна да сылдьаргар суотабай төлөпүөнү туттуу ирдэбилин тутус. Холобур, оскуолаҕа уруок кэмигэр төлөпүөнү туттар буоллаххына биһиги төлөпүөҥҥүн былдьыахпыт.
- Аһыыр кэмҥэ төлөпүөнү туттарыҥ бобуллар. Тоҕо диэтэххэ аһыы олорон ханна да атыҥҥа аралдьыйбакка бэйэ — бэйэбитин кытта кэпсэтэбит. Итини дьиэҕэр эрэ буолбатах, атын сиргэ аһыыргар эмиэ тутуһуохтааххын.
- Дьиэҕэ үлэҕин толорор кэмҥэр төлөпүөнү араар. Аралдьыйа олорон үлэлии үөрэннэххинэ үөрэҕиҥ мөлтүүрүн өйдөө.
- Өйдөө: төлөпүөҥҥүттэн ыытарыҥ хаһан эрэ дьон билиитигэр тахсыан сөп. Ол иһин төрөппүттэргэр, учууталларгар көрдөрүөххүн сөптөөҕү эрэ ыыталаа. Сүөргү, эбэтэр кыбыстыылаах хаартыскаларгын ыыталаама. Эн ыыппыт хаартыскаларыҥ эбэтэр тиэкистэриҥ төһө да соппутуҥ иһин ханна эрэ хаалан хаалаллар. Интэриниэккэ онтуҥ олус өр кэмҥэ сылдьар уонна күөрэйэн тахсыан сөп.
- Өйдөө, смартфонуҥ эн дьиҥнээх олоххор мэһэйдиэ суохтаах. Бэйэҥ санааҕын электроннай ситимҥэ суруйарыҥ оннугар тулаҕар туох буоларын өйдөөн көрөргө кыһан.
Хомуйан бэлэмнээтэ Татьяна ЯКОВЛЕВА,
В. Г. Павлов аатынан Сунтаар алын сүһүөх оскуолатын социальнай педагога.