Адаптацияны (үөрэник) ааһарга оҕо саҥа сиргэ үөрэнэрэ бу кэм киниэхэ уонна төрөппүттэргэ олус долгутуулаах буолар. Бу кэми аһарынарга эһиэхэ сүбэлэри аныыбыт:
• Аан бастакынан дьиэ уонна уһуйаан режимын тэҥниэххэ наада;
• Уһуйааҥҥа аһыыр аһын курдук астары дьиэҕэ эмиэ астаан аһатыы;
• Оҕо бэйэтин дьаһанар сатабылларын сайыннарыы. Суунуу, илиини соттуу, таҥаһын таҥныы, устуу, ньуосканан аһааһын, горсуокка туалеттааһын. Оҕо таҥаһа уһуйаан температуратыгар сөп түбэһэр, натуральнай матырыйаалтан, кэтэригэр, устарыгар дөбөҥ буолуохтаах.
• Эрдэттэн оҕоҕут бэйэтин саастыы оҕолордуун сатаан алтыһар, оонньуур, дьиэтиттэн туспа ыалга, эбээтигэр, эдьийдэригэр хоно хаалар, элбэх дьонноох сиргэ сылдьа үөрүйэхтээх буолуохтаах. Маннык үөрүйэхтээх оҕо куттаммат, долгуйбат, үөрэнигин чэпчэкитик аһардынар.
• Уһуйааҥҥа барыан иннинэ оҕону ханна барыахтааҕын туһунан кэпсэтэ, кэпсии, көрдөрө сылдьыллыахтаах. Оҕоҕутун таптыыргытын, кинини ханна да быраҕан барбаккыт, ыла кэлэргитин, үлэлииргит туһунан этэ сылдьаргыт үчүгэй түмүктээх буолуо.
• Уһуйааҥҥа бастакы күнүгэр оҕоҕут таптыыр оонньуурун, биридимиэтин илдьэ барыан сөп.
• Оҕоҕут туругуттан көрөн бэйэҕит былааннаан, оҕону уһуйааҥҥа батсакы күннэриттэн төһө бириэмэ сырытыннараргытын тобулуҥ. Бастакыттан күнү быһа сырытыннарар сыыһа.
• Үөрэник кэмнэригэр оҕо режимын ыһымаҥ, өрөбүл күннэргэ, сылаас кэмнэргэ таһырдьа сибиэһэй салгыҥҥа күүлэйдээҥ, оҕо сылайар, ноҕуруускаланар сирдэригэр сырытыннарымаҥ.
Бу этиллибит сүбэлэри сөпкө туһаннаххытына оҕоҕут үөрэник кэмнэрин чэпчэкитик аһарыныаҕа. Төрөппүттэргэ, эһиэхэ ситиһиилэри баҕарабын!
Санатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин дьону учуокка туруорбат, дьон ыарахан быһылааҥҥа түбэстэҕинэ, бэйэтин кытта биир бииргэ үлэлэһэн, сөптөөх суолу ылынарыгар көмө буолар. Ким баҕарар биһиги кииммитигэр эрийэн тиийэн көмө ылыан сөп. Сунтаардааҕы психологическай киин төлөпүөнэ – 22127
Алена ПАВЛОВА,
Сунтаардааҕы психологическай киин социальнай педагога