Кэлиҥҥи кэмҥэ оҕо төрөөбүт тылынан саҥарбат, кэпсэппэт буолла диибит. Маныаха, төрөппүттэр оҕо төрүт тылын билиитигэр улахан оруолу, суолтаны ылабыт. Сахалыы эйгэни дьиэ кэргэҥҥэ тэрийэр соруктаах “Күөрэгэй” түмсүү көҕүлээһининэн “Что даёт ребенку знание родного языка?” диэн ытыс саҕа кинигэлэрин киэҥ эйэгэҕэ билиһиннэрдилэр.
Сунтаарга “Күөрэгэй” түмсүү салайааччыта Сардаана Афанасьева — саха тылын учуутала : “Көрдөххө дьоҕус кинигэбитигэр төрөппүккэ, ийэ аатын саҥа сүкпүт кэрэ куоларга олус туһалаах иһитиннэриилэр киирдилэр. Холобура, саха норуота диэн кимнээҕий? Тылбыт уратытын, саха тылынан хас киһи саҥарарын туһунан билиэххэ сөп. Ону таһынан, “Күөрэгэй” түмсүү бары кыттыылаахтара тоҕо оҕону төрөөбүт тылынан үөрэтиэхтээхпитин 13 төрүөккэ түмпүт санаабыт киирдэ”.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр кэлбит дьон оҕо ийэ тылынан саҥарбат буолан эрэрин туһунан санааларын эттилэр. Оҕо бибилэтиэкэтин ааҕар саалата төрөөбүт тылынан саҥарыыга, ааҕыыга көҕүлүүр тэрээһиннэри тиһигин быспакка ыытар. Ол курдук, хас субуота аайы дьиэ кэргэнинэн остуол оонньууларын тэрийэр, сахалыы ойуулуктары оҥорон куйаар ситимигэр тарҕатар.
Дьоҕус кинигэни “Барҕарыы” пуонда нөҥүө таһааттардылар. Тыл — ийэ үүтүн кэриэтэ буолуохтаах диэн төрүүр дьиэлэргэ ыйынньык курдук босхо тарҕаныаҕа. Ону таһынан, уһуйааннарга эмиэ түҥэтиэхтэрэ.
Мира АФАНАСЬЕВА