2024 сыл дойдуга Дьиэ кэргэн, Сахабыт сиригэр Оҕо саас сылынан биллэриллибитэ. Ол чэрчитинэн бүгүн, бэс ыйын 1 күнүгэр, Элгээйи нэһилиэгэр Оҕо көмүскэлин күнэ бэрт тэрээһиннээхтик, олус сэргэхтик ыытылынна. Тэрээһини олохтоох дьаһалта, «Оһуор» култуура киинэ, Уйбаан Нуолур аатынан олохтоох бибилэтиэкэ, С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан фольклор түмэлэ, Оҕо искусствотын оскуолата, «Елочка» оҕо уһуйаана, о.д.а. тэрилтэлэр биир сүбэнэн түмсэн, иилээн-саҕалаан ыыттылар.

Ол курдук, «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» тосхолунан тутуллубут «Оһуор» култуура киинин дьоҕус пааркатыгар дьон-сэргэ тоҕуоруһа муһунна.

Дьоллоох оҕо саас бүгүҥҥү бырааһынньыгын оҕо аймах сэлэлээн хаамыытын параада арыйда. Салгыы «Тооку»  oстуоруйа дойдутугар ыалдьыттааһыннаах күннээх оҕо саас көрө-нара тардылынна. Ырыа-тойук, үҥкүү-битии аргыстаах кэнсиэр дуорайда. Бу кэмҥэ кырачааннарга аналлаах минньигэс, атын да эгэлгэ бириистэрдээх оонньуулар буоллулар, оҕолорго туһуламмыт дьэрэкээн фотозоналар үлэлээтилэр.

Оттон көрдөөх аттракционнар кэлбит дьону бука барыларын да сэргэхситтилэр. Бырааһынньыктааҕы өрө көтөҕүллүүнү күнүскү салют, омуннаах оҕо саас төлөнө буолан, тыаһаан-ууһаан ситэрэн-хоторон биэрдэ.

Күнүс 12:00 чаастан «Бигэ туруктаах дьиэ кэргэн — дойду бөҕө тирэҕэ» диэн ааттаан өр сыл бииргэ олорбут нэһилиэк дьиэ кэргэттэрин улуус «Үрүҥ көмүс кинигэтигэр» киллэрии үөрүүлээх чааһа буолла. Ол курдук, 25 сылтан 45 сылга диэри иллээхтик-эйэлээхтик ыал буолан бииргэ олорбут 10 дьиэ кэргэн чиэстэннэ. Уһун кэмҥэ бииргэ олоруу дьолун билбит нэһилиэкпит бигэ туруктаах дьиэ кэргэттэрэ үөлээннээхтэриттэн, оҕолоруттан, сиэннэриттэн, о.д.а  өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттулар.

Маны сэргэ тэрээһин кэмигэр Уйбаан Нуолур аатынан модельнай бибилэтиэкэ, С.А. Зверев аатынан фольклор түмэлэ оҕолору сэргэхситэр, болҕомтолорун тардар, толкуйдатар араас тэрээһиннэрин, куоҥкурустары ыыттылар. Дьоҕус паарка каруселыгар, батутугар оҕо дьон дуоһуйуохтарыгар диэри оонньоотулар.

Маннык чэмэлкэй күннээх сайыҥҥы күн кырачааннарга оҕо саас умнуллубат биир бэлиэ түгэнин бэлэхтээбит тэрийээччилэргэ махтал буоллун.

 

Марфа ИВАНОВА

Читайте дальше