Оҕо бибилэтиэкэтигэр күндү ыалдьыт

Балаҕан ыйын 25 күнүгэр, Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтигэр Дьокуускай куораттан Каджана Николаевна Евсеева-Чэлгийэ  ыалдьыттаан ааста.
Каджана Николаевна-Чэлгийэ Сунтаар улууһун Түбэй сэлиэнньэтиттэн төрүттээх. Үрдүк үөрэхтээх. Өр сылларга нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээн, билигин сынньалаҥҥа олорор. Үлэ бэтэрээнэ, Саха сирин оһуокайга үтүөлээх этээччитэ. “Уран тыл оһуора”, «Иэйии» литературнай түмсүүлэр чилиэннэрэ. Оҕо эрдэҕиттэн ыллыыр, туойар. Билиҥҥи кэм суруйааччыта. Хоһоону оскуола саҕаттан суруйар. Айар талаанын үрдүнэн өссө оҕуруонан дьарыктанар, баайарын, хаартыскаҕа түһэрэрин сөбүлүүр.
Көрсүһүүгэ Каджана Николаевна саха литературатын эйгэтигэр сэргэх кэпсэтиини таһаарда. Суруйбут хоһооннорун билиһиннэрдэ, икки хоһооно ырыа буолан ылламмытын иһитиннэрдэ.
Түмүккэ Оҕо бибилэтиэкэтигэр бэйэтин кинигэлэрин бэлэх уунна.

Мария НИКИФОРОВА.

Читайте дальше