Норуот маастарын күнүгэр — сааскы дьаарбаҥка

Бүгүн, кулун тутар 5 күнүгэр, «Партизан» НАТК улуус дьахталларын сэбиэтин уонна кулууптар тэрийиилэринэн сааскы бастакы дьаарбаҥка буоллаа. Бу дьаарбаҥка бүгүн бэлиэтэнэр СӨ Норуот маастарын күнүнэн, ону таһынан кэлэн иһэр Дьахталлар аан дойдутааҕы күннэрин чэрчилэринэн ыытылынна.

Сааскы дьаарбаҥкаҕа асчыт дьиэ хаһаайкалара араас бурдук аһын, барыанньа, минньигэс торт уо.д.а. аҕалан атыыга тэлгэтэн кэбистилэр. Кинилэр бородууксуйаларын дьон хамаҕатык атыыласта. Талба талааннаах иистэнньэҥнэр, араас матырыйаалтан эгэлгэни онорор уус, талааннаах дьон оҥоһуктарын бары кэрэхсии көрдүлэр. Үөрүүлээх, бэлиэ күннэргэ бэлэххэ диэн  атыыластылар. Оҥоһуктар да, ас-үөл да сыаналара билиҥҥи кэминэн.

Скульптурнай гипсэнэн араас сувенирдары оҥорор Анна Андреевалыын кыратык кэпсэтэн аастым. Кини маннык дьаарбаҥка тэриллибитин сэргиирин эттэ. «Мин былырыыҥҥыттан гипсэнэн сувенирдары оҥорон дьарыктанабын. Бүгүн оҥоһуктарбын бэлэххэ диэн дьон атыыласта. Онон ис дуууһабыттан оҥорбут сувенирдарым дьоҥҥо үөрүүнү бэлэхтииллэриттэн астынабын. Атыылаан, дьиэ кэргэммэр дохуот киллэрэбин диэн эмиэ үөрэ саныыбын ээ», — диэн санааатын үллэһиннэ.

Сунтаар улууһун норуотун маастара, СӨ уус-уран оҥоһуктарын маастара Маргарита Спирова: «Өрөспүүбүлүкэбитигэр бүгүн бэлиэтэнэр Норуот маастарын күнүнэн айар куттаах дьоммун — норуот маастардарын барыгытын эҕэрдэлиибин. Бүгүн улуус дьахталларын сэбиэтэ кулууптары кытары кыттыһан тэрийбит дьаарбаҥкаларыгар бэйэм оҥоһуктарбын аҕалан атыыга таһаардым. Атыттар оҥоһуктарын да көрдүм, уран тарбахтаахтары да кытары санаа атастаһан дуоһуйдум аҕай», — диэн бүгүҥҥү күнтэн астыммытын этэр.

Сааскы дьаарбааҥкаттан дьон илии тутуурдааах, өттүк харалааах тарҕастылар.

Яина ВЛАСЬЕВА  

Читайте дальше