«Норуот бүддьүөтэ» бырагырааманан 44 тэрилтэ субсидия ылар кыахтанна

Улуус дьаһалтатыгар “Норуот бүддьүөтэ” куоҥкуруһунан социальнай бырайыактарга бэриллэр субсидияҕа сайаапкалары көрдүлэр.

Норуот туһугар үлэлиир бырагыраама куоҥкуруһугар 75 сайаапка хамыыһыйаҕа көрүлүннэ. Олортон кэмиэрчэскэйэ суох биэс тэрилтэ, 39 уопсастыбаннай тэрилтэ куоҥкуруһу ааһан, бырайыактарын олоххо киллэрэллэригэр  субсидия ылар буоллулар.

Быйыл бу бырагырааманан көрүллүбүт үп уопсай суумата  –  4 мөл. 400 тыһ. солк.  Хамыыһыйаа аны күһүн биир кэммиэрчэскэйэ суох уонна 8 уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ, бырайыактара улахан кээмэйдээх үлэни эрэйэринэн, эбии 850 тыһ. солк эбии үп көрөргө диэн быһаарыыны ылынна.

Куоҥкуруһу ааспыт тэрилтэлэр, түмсүүлэр бу сылга бэриллибит үптэрин туһанан, толкуйдаабыт, ылсар  үлэлэрин түмүктүөхтээхтэр.

Санатан эттэххэ, куоҥкурус улууспутугар хаһыс да сылын ыытыллар, социальнай суолталаах бырайыактары олоххо киллэриигэ көдьүүстээхтик үлэлиир. Куоҥкурус сүрүн ис хоһоонунан 65 саастарыттан үөһээ саастаах уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон олорор усулуобуйаларын тупсарыыга социальнай хайысхалаах өҥөнү оҥоруу буолар.

Яина ВЛАСЬЕВА

Читайте дальше