Бүгүн Дьокуускай куоракка «Мама, папа, я – спортивная семья» дьиэ кэргэн бэстибээлэ ыытылынна. Манна бу күһүн улууспутугар ыытыллыбыт дьиэ кэргэн күрэхтэһиитигэр кыттан кыайбыт Михаил, Анжела Никифоровтар уонна кыыстара Амилия баран кытыннылар.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэн күрэхтэһиитигэр алта көрүҥҥэ барытыгар инники күөҥҥэ сылдьан, Никифоровтар дьиэ кэргэн кыайыылаах буоллулар.
Никифоровтар икки оҕолоох эдэр ыал. Оҕолоро иккиэн «Чебурашка» уһуйааҥҥа сылдьаллар. Кыыстара 6 саастаах, уоллара түөртээх. Ыал аҕата Михаил тутуунан дьарыктанар, ийэлэрэ Анжела улуус дьаһалтатыгар үлэлиир. Эдэр ыал чөл олоҕу тутуһар ыал, кырачааннара эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буолалларыгар сүрүн болҕомтолорун уураллар. «Доруобай, чөл туруктаах дьиэ кэргэн – олоххо ситиһиитэ үрдүк», — дииллэр.
Яина ВЛАСЬЕВА