Нэһилиэк тэрилтэлэрэ аҕам саастаахтары эҕэрдэлээтилэр

Арыылаах нэһилиэгэр, улууспутугар Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылын чэрчитинэн аҕам саастаахтар дэкээдэлэрин түмүктүүр тэрээһинэ, алтынньы 25 күнүгэр «Сарыал» култуура киинигэр буолан ааста.
Нэһилиэк тэрилтэлэрэ бука бары түмсэн, аҕам саастаахтарга ас арааһын астаан, баай байылыат остуолу тартылар. Ытык дьоммутугар нэһилиэкпит баһылыга Иван Игнатьев үтүө тыллары анаата, доруобай, уһун үйэлээх буолалларыгар баҕа санаатын эттэ. Маны сэргэ «Көмүлүөк тула» түмсүү 15 сыллаах үбүлүөйүнэн истиҥ эҕэрдэлэр, сэмэй бэлэхтэр туттарылыннылар.
Эҕэрдэ кэнсиэргэ сиэннэр, оҕолор араас сиртэн видеоролик устан ыыппыттарын олус долгуйа, астына көрдүлэр. Күндү кырдьаҕастарбытыгар оҕолоргут-сиэннэргит тустарыгар өссө да уһуннук олорон, чэгиэн-чэбдик буоларгытыгар баҕарабыт. Биэчэри тэрийсибит тэрилтэлэргэ махталбытын тиэрдэбит. Сандалы остуол тула кырдьаҕастарбыт тыл эттилэр, ирэ-хоро кэпсэттилэр. Оонньоон-көрүлээн тарҕастылар. Аҕам саастаахтарга нэһилиэк дьаһалтата сылгы этэ түҥэттэ.

Веталина Константинова,
«Сарыал» култуура киин дириэктэрэ

Читайте дальше