Хой
Уоскулаҥ кэм үүммүт. Бары былааннаргын ыксала суох холкутук сааһыланаргар тоҕоостоох кэм. Өр кэм устата оҥоруох буолбут дьыалаҕын ситэриэххин сөп. Ол эрээри эппиэтинэстээх дьыаланы доҕотторгор эрэнимэ, түһэн биэриэхтэрин сөп.
Оҕус
Көхтөөх нэдиэлэ үүммүт. Сыалы-соругу ситиһэргэ болҕомтолоох уонна сүрэхтээх эрэ буолуу ирдэнэр. Ыксаллаах быһаарыныы ылынаргар чугас дьонуҥ сүбэлэрэ көмөлөһүө.
Игирэлэр
Үлэ, дьиэ-уот кыһалҕата илиигин-атаххын баайар. Ол да буоллар, мантан төлө көтөн соһуччу көрсүһүүлэргэ сылдьыаҥ, үөрүүлээх сонуннары истиэҥ. Нэдиэлэ ортото таптал иэйиитигэр куустарыаҥ.
Араак
Бу нэдиэлэ устата харчыгын кэмчилээн тутун, былаана суох улахан малы-салы атыылаһыма. Улахан ороскуот сэргэх тэрээһиннэргэ сырыттаххына, доҕоттору кытта көрсүһүүгэ тахсыан сөп. Онон өр кэм устата сиэбиҥ кураанах буолуон баҕарбат буоллаххына, маннык көрсүһүүлэртэн туттунарыҥ наада.
Хахай
Нэдиэлэ устата кыраттан кыйаханыах санааҥ кэлиэ. Бэйэҕин туттуна, дьону кытта сыһыаҥҥа майгыгын-сигилигин көрүнэ сырыт. Эйиэхэ үтүө сыһыаннаах дьону хомотуоххун сөп. Бу кыйаханыыҥ эн киһилии сынньаммаккыттан буолуон сөп, онон аҕыйах да хонуктаах сынньалаҥы ылан уоскуйа сатаа.
Кыыс
Тулалыыр дьоҥҥун кытта сыһыаҥҥа болҕомтолоох буол. Эн аһары аһаҕаскынан уонна дьоҥҥо эрэнимтиэ майгыгынан туһанар үгүс. Ол эрээри кыһалҕалаах дьону аахайбакка, көмөлөспөккө хааллаххына, суобаһыҥ оонньоон бэйэҥ эрэйдэниэххин сөп.
Ыйааһын
Нэдиэлэ саҥата олус сэргэхтик саҕаланыыһы. Кэлии-барыы, дуогабар түһэрсии, билсиһии-көрсүһүү үгүс. Ол гынан баран, чугас дьоҥҥор болҕомтолоох буолуоххун наада. Сөптөөх быһаарыныы ылынаргар уһуну-киэҥи толкуйдаа.
Скорпион
Кэннигин хайыһан олоххун анааран көрөр кэмиҥ. Элбэх тургутууну ааспыккын, үгүс ыараханы көрсүбүккүн. Маннык санаалар эйиэхэ инникигэ эрэли үөскэтэллэр. Саҥа дьыаланы тэрийэргэр эбэтэр саҥа дуоһунаска ананаргар аҕам саастаах дьон сүбэтин ылынарыҥ ордук.
Охчут
Үгүс быһаарыллыбатах дьыала санныгар сүктэриллэ сылдьар. Дьиэ-уот кыһалҕата санааҕын баттыыр. Онон сынньанаргар уолдьаспыт. Бу сынньалаҥҥын тус сөбүлүүр дьарыккар аныаххын сөп.
Чубуку
Олоҕу олус чэпчэкитик ылынар буолбуккун. Онтон үлэҥ, дьиэҥ-уотуҥ, доҕоттору кытта сыһыаныҥ барыта уларыйбыт, тупсубут курдук. Өр сыллар усталара быһаарыллыбатах дьыалаҥ дьэ, хамсыыһык. Туох барыта санааттан тутулуктааҕын өйдүөҕүҥ.
Күрүлгэн
Олус сэргэх, араас түгэнинэн толору нэдиэлэ күүтэр. Кэми туһанан билиигин-көрүүгүн кэҥэтиэххин, туох эрэ саҥаны билиэххин сөп. Ол эрээри сүрүн дьулуһар сыалгын умнума, бэйэҕэ эрэллээх буоларгар туһалыа. Үп-харчы киириитэ тупсар чинчилээх.
Балыктар
Бу күннэргэ бэйэ бодотун тардына сылдьар ордук. Тиэхиньикэҕэ, ол-бу бытовой тэрили туттууга сэрэхтээх буол. Үлэҕэ-хамнаска, дьону кытта сыһыаннаһыыга уопсай тылы буларга дьулус.