Хой. Бу нэдиэлэ хойдорго ураты соҕус буолуоҕа. Мунньулла, тууйулла сылдьыбыт санааҥ эн үлэҕин, үөрэххин бытаардыан сөп. Болҕомтото суох буоллаххына, дьыалабыай кэпсэтиигэ киирбэккит ордук диэн сулустар сүбэлииллэр.
Оҕус. Нэдиэлэ саҕаланыыта оҕустарга үчүгэй билсиһии күүтэр. Үөрэххэ, айаҥҥа тоҕоостоох кэм кэлбит. Онон оҕустарга бу түгэни мүччү туппакка, таптыыр киһигитин кытта киинэҕэ, рестораҥҥа сылдьарыгытын сүбэлииллэр.
Игирэлэр. Аҕам саастаах чугас дьонуҥ болҕомтоҕор наадыйаллар. Үп-харчы өттүнэн көмөлөһүөххүн сөп. Дьону кытта сыһыаннаһыыга, уопсайынан, болҕомтолоох буол. Ол эрээри, ис санааҥ кистэлин арыйыма.
Араак. Араактарга үчүгэй нэдиэлэ үүммүт. Элбэх соһуччу үөрүүлээх түгэн күүтэр. Туруоруммут сыалгытын, баҕа санааҕытын олоххо киллэрэр кэм кэлбит. Ону барытын ситиһиилээхтик оҥордоххутуна, олоххо көстөр ыарахаттары түргэнник, биллибэттик аһарыаххытын сөп.
Хахай. Хахайдары нэдиэлэ ортотугар докумуон толорсуутугар сэрэхтээхтик сыһыаннаһыҥ диэн сүбэлииллэр. Атыылаһыахтаах табааргытын (таҥас, миэбэл, оонньуур, иһит-хомуос о.д.а.) бу нэдиэлэҕэ ылбакка, кэлин ыларгыт ордук.
Кыыс. Бэйэҕит дьыалаҕытын бэрээдэктииргэ тоҕоостоох бириэмэ үүммүт. Урут сыыспыт алҕастаргытын сатаан ырытар, ылынар буоллаххытына, тапталга ситиһии күүтүөн сөп диэн сулустар сүбэлииллэр.
Ыйааһын. Хомойуох иһин, сулустар нэдиэлэҕит уустуктардаах буолуо диэн сэрэтэллэр. Олоххо ыарахаттар уонна моһоллор туруоруммут сыалгытын буортулуохтарын сөп. Онон барытын былааннаан, ыксаабакка ылсыҥ.
Скорпион. Доруобуйаҕын көрүнэр кэмиҥ кэлбит. Быыс булан сынньана сатаа. Дьыалабыай кэпсэтиилэри нэдиэлэ саҥата былааннаа. Төһө да үлэҕэр үтүрүйтэргин, чугас дьоҥҥун, доҕотторгун кытта быыс булан бириэмэ аныырыҥ наада.
Охчут. Ситэ быһаарыллыбатах дьыаланы аһаҕас хаалларар сэрэхтээх. Онон саҕалаабыт дьыалаҕын тиһэҕэр тиэрдэн, үлэҥ түмүгүн көрөрүҥ наада. Тугу эбит атыылыаххын баҕарар буоллаххына, билигин ыксаама. Эн кэмиҥ кэлэ илик. Үп-харчы өттүгэр балыйтарыаххын сөп.
Чубуку. Дьон болҕомтотун ортотугар буолуоҕуҥ. Бэйэҥ итэҕэстэргин, үтүө өрүттэргин сыаналанаргар тоҕоостоох кэм. Онон бар дьон хараҕын далыгар үтүө өрүккүн көрдөрө сатыырыҥ туһаны аҕалыа.
Күрүлгэн. Сатаан оҥорбокко, илиигит тиийбэккэ сылдьыбыт дьыалатын бу нэдиэлэҕэ оҥороргут табыгастаах. Нэдиэлэ саҕаланыытыгар дьыалабыай көрсүһүүлэри былаанныыр сатаммат. Ол кэриэтэ сынньаммыккыт, дьиэ кэргэҥҥэ, чугас дьоҥҥутугар болҕомтоҕутун аныыргыт ордук.
Балыктар. Өрө көтөҕүүлээх нэдиэлэ үүммүт. Тус олоххутугар, дьыалабыай үлэҕэ ситиһиилээх буолсугут. Өскөтүн, нэдиэлэ устата дьылҕаҥ үчүгэйгэ сирдээбэт да буоллаҕына, син биир түмүгэр ситиһиилээх, кыайыылаах-хотуулаах буолуоххут.