Нэдиэлэтээҕи гороскоп. Сэтинньи 13-19 күннэрэ

Хой

Бу нэдиэлэҕэ үгүс харгыс, мэһэй күөрэйиэх чинчилээх. Дьаныардаах, быһаарыныылаах буоллаххына, барытын туоруоҥ, соруктаргын ситиэҥ. Тус олоххор күөрэйэр кыһалҕалартан сүөм түһүмэ, соторунан барыта орун-оннугар буолуо.

Оҕус

Оҕус бэлиэлээхтэри соһуччу, көһүппэтэх түгэннэрэ күүтэллэр. Буоларга барытыгар санааны ууран долгуйбат ордук. Ол кэриэтэ үлэҕэ-хамнаска болҕомтону уур. Тус олоххо кыра уларыйыылар күүтэллэр. Саҥаны ылсартан дьаарханыма.

Игирэлэр

Тылгар-өскөр, быһыыгар-майгыгар болҕомтолоох буол. Ордук хоһу тыллаһан чугас дьоҥҥун хомотуоххун сөп. Сыалгар-соруккар дьулуурдаах буоларыҥ ордук. Тапталлааххын кытта өйдөспөт түгэн күөрэйиэн сөп, ол эрээри барыта этэҥҥэ ааһыа.

Араак

Көхтөөх, араас түгэнинэн толору нэдиэлэ күүтэр. Үлэ-хамнас да үгүөрү буолуо, барытын кыайа тутуоҥ. Чугас дьоҥҥун, доҕотторгун болҕой – көмөҕөр наадыйар буолуохтарын сөп. Бу күннэргэ түргэн быһаарыныылартан туттунарыҥ ордук.

Хахай

Бэйэ кыаххар эрэллээх буолуоҥ. Үлэҕэ-хамнаска үгүс ситиһии күүтэр. Доруобуйаҕын көрүнэри умнубатыҥ, аскын-үөлгүн болҕойоруҥ ордук этэ. Чугас доҕоргунуун сыһыан кыра кэмҥэ тыҥаан ылар чинчилээх.

Кыыс

Күүһүҥ-кыаҕыҥ тыган олорор, сыалгар-соруккар дьулуурдааххын. Хайа да ыарахаттары туоруур кыахтааххын. Ол эрээри сынньаныы, налыйан ылыы наадатын умнубатыҥ ордук. Тус олоххо үтүө өттүгэр уларыйыылар баар буолуохтара.

Ыйааһын

Доҕоттордуун, кэллиэгэлэрдиин үгүс көрсүһүү, элбэх алтыһыы күүтэр. Сонун билсиһиилэргэ, саҥа бырайыактарга бэлэм буол. Тус олоххор уларытыыны киллэрэриҥ уолдьаспыт курдук.

Скорпион

Олоххор улахан суолталаах, дьоһун кэм үүммүт. Үлэҕэ үөскээбит үгүс кыһалҕаны туораан, ситиһиилэниэххин сөп. Үлэттэн ордон доруобуйаҥ туругун көрүнэри умнума – успуордунан дьарыгыр, сөпкө аһаа.

Охчут

Үлэҕэ уонна карьераҕа таһаарыылаах күннэр. Саҥаны ылсартан толлума, ситиһиигэ сирдиэн сөп. Тус олоххор кыра соҕус кыһалҕалар баалларын ыгылыйбакка тулуурдаахтык аһарыннаххына, барыта этэҥҥэ буолар чинчилээх.

Чубуку

Иннигэр саҥа кыахтар аһыллыахтара. Былааны, ыра санааны олоххо киллэрэргэ табыгастаах кэм. Чугас дьоҥҥун умнубат буола сатаа – көмөҕөр наадыйыахтарын сөп. Тус олоххор кимниин эрэ тыл тылга киирсибэт түгэн күөрэйиэн сөп.

Күрүлгэн

Түбэһиэх дьоҥҥо ис санааҕын арыйыма. Үлэни-хамнаһы өрө туттаххына, ситиһии күүтэр. Тус олоххор уустуктар күөрэйиэхтэрин сөп. Ол эрээри бу быстах кэмнээх табыллыбат кэм соторунан ааһыа.

Балыктар

Бэйэҕэ эрэллээх, быһаарыныылаах буоларга кыһан. Буолар быһыы-майгы барыта бэйэҕиттэн эрэ тутулуктааҕын  умнума. Сулумах балыктар аналларын көрсүөхтэрин, кэргэннээхтэр сыһыаннарын бөҕөргөтүөхтэрин сөп.

 

Читайте дальше