ХОЙ
Олоххутугар быһаарыныы ылынар кэмҥит тирээн кэлбит. Тугу эмит уларытыаххытын, тупсарыаххытын баҕарар буоллаххытына, барыта бэйэҕититтэн тутулуктааҕын умнумаҥ. Нэдиэлэ саҥата үп-харчы кэлиэҕэ. Харчыгытын харыстаан туттуҥ.
ОҔУС
Бу нэдиэлэ олус холкутук ааһыаҕа. Доруобуйаҕытыгар, чугас дьоҥҥутугар болҕомто уураргытын умнумаҥ. Өрөбүллэри сэргэхтик атаарарга дьулуһуҥ. Аҥаардарын көрсө илик оҕустары долгутуулаах билсиһии күүтэр.
ИГИРЭЛЭР
Кыраттан кыйаханар майгыгын уларытарга кыһан. Дьон эн санааҕын курдат көрөн сэрэйэр кыаҕа суох. Тус олоххун тупсара, дьону кытта алтыһа үөрэнэр ис хаачыстыбаҕын сайыннара сатаа. Олох сырдык кырааскаларын сатаан көрөргө кыһан.
АРААК
Үлэҕинэн наһаа үлүһүйбүккүн. Сынньалаҥ наада буолбут. Дьиэ кэргэҥҥин кытта сибиэһэй салгыҥҥа сылдьан дуоһуйа сынньан. Оҕолоргор болҕомтото уур. Кинилэр эн болҕомтоҕор наадыйалларын умнума.
ХАХАЙ
Олоххо олус көхтөөххүн. Саҥаны ылсарга, үөрэнэргэ бэлэмҥин. Туохтан да иҥнэн-толлон турбаккын, барытыгар инники күөҥҥэ сылдьаҕын. Ол эрээри тулалыыр дьонуҥ истэригэр ордук саныыр дьон баар эбит. Тулаҕын көрүнэ сырыт.
КЫЫС
Дьиэҕэ наһаа олорбуккун, чуҥкуйбуккун. Дьону кытта алтыһыаххын, кэпсэтиэххин-ипсэтиэххин, санааҕын үллэстиэххин наада буолбут. Саҥа таҥас-сап, дьиэҕин-уоккун тупсарар мал-сал атыылаһыаххын сөп. Былааннаабыккын олоххо киллэрэ сатаа.
ЫЙААҺЫН
Бу нэдиэлэҕэ элбэх көрсүһүүлэр күүтэллэр. Бары болҕомто ирдииллэр. Бириэмэҕин сөпкө аттарыннаххына, элбэҕи ситиһиэҥ. Чугас доҕоргун кытта сыһыаныҥ тупсуо.
СКОРПИОН
Сылайбыккын, олох үрүҥ-хара буолан көстөр буолбут. Уһугун, доруобуйаҕын тупсаран эрчиллиэххин, сибиэһэй салгыҥҥа сылдьыаххын сөп. Чугас доҕоруҥ болҕомто ууран долгутуо.
ОХЧУТ
Үлэҕэр-хамнаскар барыта этэҥҥэ. Дьиэ кэргэҥҥэр уу-нуурал холку олох. Бэйэҥ талааҥҥын арыйар ис кыаххын уһугуннара сатаа. Илиигинэн оҥорор талааныҥ арыллар кэмэ.
ЧУБУКУ
Чугас киһиҥ эйиэхэ этэр санааларын болҕомтолоохтук истэн, наадалааҕын иҥэринэриҥ кэлин туһалаах буолуоҕа. Бириэмэҕин барытын былааннаан үлэлээ. Инники олоххор эрэллээхтик хардыылыыргар чугас киһиҥ өйөбүлэ наһаа наадатын умнума.
КҮРҮЛГЭН
Кэлэр нэдиэлэ эн көҥүл санааҕын көй салгыҥҥа көтүтэр үөрүүлээх күннэри бэлэхтиэ. Тугу санаабыккын олоххо киллэрэргэр кыра да наада эбээт. Истиҥ мичээр, аһаҕас көрүү уонна сымнаҕас сыһыан. Тапталгар табыллыаҥ.
БАЛЫКТАР
Эйиэхэ сүктэриллэр эбээһинэстэри кыайбаккыттан, санааҥ түһүө. Ол эрээри тохтуу түһэн баран өйдүөҕүҥ, эн оҥорор дьыалаҥ тоҕо сөп түбэспэтин. Аккаастанартан куттанымаҥ, ис туруккут бөҕө, холку буолара саамай сүрүн буоларын умнумаҥ. Эһигини көмүскүүр, харыһыйар чугас дьон элбэҕэ үөрдэр. Арай бу тулалыыр чугас дьонуҥ бары тус-туспа санаалаах, биир кэлим хамаанда буолбатахтара харааһыннарар.