Нэдиэлэтээҕи гороскоп. От ыйын 8-14 күннэрэ

Хой. Үп-харчы боппуруоһа үүйэ-хаайа тутуо. Дохуотуҥ, харчыны туохха барыырыҥ туһунан аһаҕастык дьоҥҥо кэпсээбэт ордук. Нэдиэлэ иккис аҥаарыгар үгүһү ыраланыаҥ. Быһаарыныылаах буоллаххына бу ыраларыҥ олоххо да киириэхтэрин сөп. Дьиэ иһинээҕи түбүгү-садьыгы кэмигэр бүтэрэргэ кыһан.

Оҕус. Алтыһарга, кэпсэтэргэ, сонуну кэмигэр истэргэ табыгастаах күннэр. Ол эрээри билбэт дьоҥҥун, тапсыбат табаарыстары кытта ситими олохтууртан туттунарыҥ ордук. Нэдиэлэ ортотуттан сынньалаҥы өрө тутарга тоҕоостоох кэм. Чугас доҕоргунуун эбэтэр соҕотоҕун холкутук кэми атаарбытыҥ ордук.

Игирэлэр. Нэдиэлэ бастакы аҥаарыгар бэйэмсэх майгыны, чугас дьоҥҥор эрэммэт буолууну киэр кыйдаа. Хайа да түгэҥҥэ өйүүр дьоҥҥун тэйитимэ. Ис таайан көрөр дьоҕуруҥ сытыырхайар кэмэ. Нэдиэлэ иккис аҥаарыгар тапталга талаһыы, иэйиигэ ылларыы күүтэр. Сонун билсиһии, көрсүһүү буолуон сөп.

Араак. Сонун билсиһии, сэргэх дьоннуун сэлэһии баар буолуо. Бу кэмҥэ былааннамматах ороскуоттар күөрэйиэхтэрин сөп. Дьиэ кэргэҥҥэ болҕомто уурары умнубатыҥ ордук. Чугас доҕору кытта инникини бииргэ былаанныырга, ырытыһарга дьулус. Нэдиэлэ бүтүүтэ сөптөөхтүк нус-хас сынньанарга кыһан.

Хахай. Нэдиэлэ саҕаланыыта дьиэ эргиннээҕи үлэни-хамнаһы үмүрүтэргэ табыгастаах кэм. Суй-сай буолууттан холкутуйары таптаххына, түбүгү барытын кыайа тутуоҥ. Дьиэ кэргэниҥ барыга бары көмө буоларга бэлэм буолуо. Дьон эйиэхэ хайдах сыһыаннааҕын өтө көрөр кыахтаныаҥ, элбэх киһи эйиэхэ курдаттыы таттарыа.

Кыыс. Тугу барытын уорбалыыр, барыттан сэрэхэдийэр майгыгын кыайа туттаххына тус олоххор табыллыаҥ. Чугас доҕоргунуун сыһыан тупсуо. Соҕотохтор доҕордонуоххутун сөп. Атын дойдуга олорор доҕоттору-атастары кытта алтыһарга тоҕоостоох кэм. Дьиэтээҕи олоххут уу нуурал, холку буолуо

Ыйааһын. Олох-дьаһах боппуруостарын быһаарарга, исписэлиистэргэ сылдьарга табыгастаах кэм. Үлэҕэ-хамнаска эн сүбэҕэр наадыйааччы үксүүһү. Эт-хаан туругун болҕой, бэйэ эмтэниитинэн үлүһүйүмэ. Нэдиэлэ иккис аҥаарыгар кэллиэгэлэри кытта сыһыан сымныыр, бөҕөргүүр чинчилээх.

Скорпион. Уустук уонна эппиэтинэстээх үлэни кыайа тутарга тоҕоостоох кэм. Маны таһынан уустук эмтэниини, эпэрээссийэни ааһарга эмиэ табыгастаах күннэр туруохтара. Үлэҕэ-хамнаска көхтөөх буолуоҥ. Нэдиэлэ иккис аҥаарыгар сонун билсиһии, көрсүһүү күүтэр. Оҕо дьону кытта сыһыан истиҥ буолуо.

Охчут. Хорсун быһаарыныылары ылынар кэмнэриҥ. Сорунуулаах, дьулуурдаах буоларыҥ наада. Бу кэмнэргэ кэргэн да, атас-доҕор да сүбэтин ылымматыҥ ордук. Тус олоххор чугас доҕоргунуун сыһыан нэдиэлэ иккис аҥаарыттан тупсар суолу тутуо, бэйэ-бэйэҕэ эрэл күүһүрүө. Кэлэр кэми былаанныырга тоҕоос көстүө.

Чубуку. Доҕотторгун кытта алтыһарга, бииргэ кэми атаарарга табыгастаах кэм. Үөрэҕи-билиини хаҥатарга, үлэһит быһыытынан сайдарга тоҕоос көстүө. Кыаллыбат дьыалҕа кыттыспатыҥ, электричествоҕа сыһыаннаахха сэрэх, сэргэх буоларыҥ ордук. Чугас доҕоргунуун сыһыаҥҥыт хаһааҥҥытааҕар да ыкса буолуо.

Күрүлгэн. Нэдиэлэ бастакы аҥаарын сынньалаҥҥа туһаайыаҥ. Ол эрээри ыраах айантан туттуммутуҥ ордук. Чугас дьонуҥ аттыларыгар ордук холкутук сананыаҥ. Инникини былаанныырга, сыалы-соругу туруорарга табыгастаах кэм. Үөрэнэргэ, бөлүһүөктүүргэ, куту-сүрү бөҕөргөтөргө дьулуһуоҥ.

Балыктар. Хайа да дьыаланы соҕотох ылсары ыарырҕатыаҥ. Доҕоттор, үөлээннээхтэр көмөлөрүттэн аккаастаныма. Чугас дьоҥҥун кытта сыһыан нэдиэлэ иккис аҥаарыттан тупсуо, алтыһыы истиҥ буолуо. Кыра да сорунуу, дьулуур кыаллыбатах соруктаргын ситэргэр көмөлөөх буолуо.

Читайте дальше