Нэдиэлэтээҕи гороскоп. От ыйын 22-28 күннэрэ

Хой

Нэдиэлэ араас түгэнинэн толору буолуо. Дьоһун быһаарыныылары ылыммат, кэлэр кэмҥэ уталыппыт ордук. Оптуорунньукка доҕор-атас көмөтүгэр эрэниэххин сөп. Бу күн ханнык да атааннаһыыга киирэн биэрбэт ордук. Хопко-сипкэ киирбэт туһугар бэйэҕэр сыһыаннааҕы ыһа-тоҕо кэпсииртэн туттун.

Оҕус

Күүрэн кэлэр бэйэмсэх майгыны арыый намырытарга кыһан. Үлэ-хамнас үксүүр чинчилээх. Саҥаны-сонуну үөрэтэргэ тоҕоос көстүүһү, аккаастаныма. Тугу эмэ саҥарыаҥ иннинэ толкуйдаан көрөрү умнума. Өрөбүллэри чугас дьоҥҥунуун нам-нум эйгэҕэ атаарбытыҥ ордук.

Игирэлэр

Дьылҕа Хаан олоххун тосту уларытарга кыаҕы тосхойуо. Үлэ да, тус олох да эйгэтигэр ситиһии, табыллыы баар буолуо. Нэдиэлэ ортотугар амарах санаанан салайтарыы үтүөнэн эрэ аҕыа. Субуота күн саҕалаабыккын тиһэҕэр тириэрдэргэ кыһан. Өрөбүлү чуумпутук, аймалҕантан тэйиччи атаарбытыҥ ордук.

Араак

Айар-тутар санаа, үлэлииргэ көх өрө тыган олоруо. Ис санааҥ, толкуйуҥ сааһыланар кэмнэрэ. Ол эрээри дьиҥ санааларгын таска таһаарарга эрдэ курдук. Буола турар быһыыга-майгыга дьайар кыах суох буоллаҕына, уларыйыыга-тэлэрийиигэ сөп түбэһэн биэрэргэ кыһаммыт ордук.

Хахай

Өр кэм буһарбыт былааҥҥын олоххо киллэрэргэ тоҕоостоох кэм. Быһаарыммыккар кэтэмэҕэйдээбэккэ эрэллээхтик хардыылыырыҥ ордук эрэбиллээх буолуо. Алтыһар эйгэҕин кэҥэтэргэ кыһан. Туһалаах ситими олохтуурга табыгастаах кэм. Өрөбүллэри дьиэтээҕилэргэр анаа.

Кыыс

Сүрүн болҕомтону үлэҕэ-хамнаска уурарга кыһан. Кыһамньылаахтык сыһыаннаһыыттан үлэ түмүгэ тутулуктаныа. Кэлэйииттэн куотунарга тус олоххо дьиҥ баары киэркэппэккэ ылынарыҥ ордук. Нус-хас туруктаныы хайа баҕарар соһуччу түгэни мүччү түһэргэ көмөлөөх буолуо.

Ыйааһын

Көһүппэтэх түгэниҥ былааннаргын ыһыан сөп. Онон хас даҕаны саппаас былааны толкуйдаабыт ордук. Нэдиэлэ ортотугар үлэҕэ-хамнаска ситиһии күүтэр, дьыалабыай эйгэҕэ инники күөҥҥэ буолуоҥ. Тус олоҕу умнубат ордук. Өрөбүл күн сонун билсиһии инникилээх буолуо.

Скорпион

Биир өттүттэн тутулуга суох көҥүл буолар санаа үүйэ тутуо. Ол быыһыгар кимиэхэ эрэ чугас, туһалаах киһи буоларга дьаныһыаҥ. Долгутар кыһалҕалар бэрт судургутук быһаарыллыахтара. Дьиэҕэ хаайтаран олорбокко, доҕоттору кытта ханна эмэ баран сынньанарга кыһан.

Охчут

Дьону кытта тапсан сырыттаххына үгүһү ситиһиэҥ. Элбэх интэриэһинэйи, туһалааҕы билиэҥ-көрүөҥ. Туора дьон кыһалҕатын быһаарарынан үлүһүйүүҥ тус түбүктэргин умуннарыан сөп. Олоххо мэһэй буолар майгыҥ өрүттэрин кыайа тутарга кыһан. Бээтинсэҕэ долгутар кыһалҕа үксэ быһаарыллан үөрдүө.

Чубуку

Олоххо суолталаах боппуруостары бу күннэргэ ылсыбат ордук. Үлэҕэ болҕомтолоох буоларга кыһан. Салалтаны кытта сыһыан тыҥаан ылыан сөп. Дьиэ кэргэҥҥэ сыһыан эмиэ эриэ-дэхси буолбат чинчилээх. Тугу эмэ быһаарыныах иннинэ холкутуйан олорон анаарбыт ордук.

Күрүлгэн

Үлэни-хамнаһы кыайа тутуоҥ, тус олоххор да табыллыаҥ. Сонун идиэйэлэргэ болҕомтолоохтук сыһыаннас. Бэнидиэнньик тугу эмэ уларытарга, көһөргө, сир уларытарга табыгастаах күн буолуо. Үп-харчы боппуруоһун билигин таарыйбат ордук. Өрөбүллэргэ аймах дьон соһуччу көмөлөрө үөрдүө.

Балыктар

Үгүс-элбэх бытархай түбүк өйгүн-санааҕын ыһан ылыан сөп. Быстах күөрэйэр кыһалҕаттан ыһыллыбат буоларга кыһан. Бииргэ үлэлиир дьоҥҥун кытта сатаспат буолуу күөрэйиэх курдук. Бэйэ алҕаһын билинэри сатыырга кыһан. Өрөбүллэри дьиэ кэргэни кытары сынньалаҥнык атаарбыт ордук.

 

Читайте дальше