Хой
Ааспыт нэдиэлэҕэ саҕаламмыты түмүктүөҥ. Бэйэҕэ эрэлиҥ күүһүрүө. Холкутуйуу, нам-нум буолуу күүтэр. Бэйэ баҕатын кыана туттубат түгэн күөрэйиэн сөп. Ол ордук аска-үөлгэ сыһыаннаах буолуо. Доруобуйа туруга этэҥҥэ буоларыгар аһы-үөлү кэтэнэн аһыырыҥ ордук.
Оҕус
Күннээҕи олох оргуйан олоруо. Киирии-тахсыы үгүс кэмин туһанан сонун дьоннуун билсиһиэххин, саҥаҕа үөрэниэххин сөп. Үлэҕэ-хамнаска ситиһиилэнэргэ ааттаах күннэр. Оптуорунньук күн ноҕуруусканы аччатан холкутук сырыттаххына доруобуйа да туруга этэҥҥэ буолар чинчилээх.
Игирэлэр
Үлэҕэ-хамнаска ааспыт нэдиэлэтээҕэр таһаарыылаах күннэр туруохтара. Урукку кэмҥэ бүппэтэх-оспотох түбүк хат күөрэйиэн сөп. Үбү-харчыны булар дьоҕуруҥ сытыырхайан сылдьар. Салалтаны кытта сыһыан, былааннаммыт көрсүһүүлэр табыллыахтара. Ол эрээри саҥаны саҕалыыртан туттунар ордук.
Араак
Дьоһун суолталаах нэдиэлэ күүтэр. Инники үлэҕэ олук уурар түгэннэр бу күннэргэ буолуохтара. Саҥаны, сонуну ылсыбакка сүрүн үлэнэн дьарыгырбыт ордук. Ис санааҥ өрө көтөҕүллүүтэ хайа да уустук үлэни кыайарга кынаттыа. Нэдиэлэ бүтүүтэ сэргэх кэпсэтиилэр, үөрүүлээх көрсүһүүлэр күүтэллэр.
Хахай
Чугас доҕору кытта сыһыан мунаахсытыан сөп. Атын дьоннуун да алтыһыы уустугуран ылар чинчилээх. Үбү-харчыны сөптөөхтүк аттаран туттарга кыһан. Үлэҕэ-хамнаска барыта кэминэн буолар чинчилээх. Өрөбүллэргэ дьон тоҕуоруһар сириттэн тэйэн, нус-хас сынньаммытыҥ ордук.
Кыыс
Быһа баттаан быһаарынартан туттуммутуҥ ордук. Бу күннэргэ ылыммыт хайа да быһаарыныыҥ инникитин суолталаах буолуо. Эрдэ саҕалаабыт үлэни түмүктүүргэ тоҕоостоох кэм. Доҕоттордуун алтыһыы, сэргэх көрсүһүү санааҕын манньытыа. Өрөбүллэргэ дьиэ үлэтин туппутуҥ ордук.
Ыйааһын
Истэр сураххар-садьыккар болҕомтолоох буол. Чопчута суох сурахха, албыҥҥа киирэн биэрэр куттал баар. Үлэ чааһыгар таба таайан табыллыы баар буолуо. Ол эрээри саҥаны ылсартан, ыраах айаҥҥа турунартан туттумутуҥ ордук. Тус олоххор аныыр кэмиҥ кэмчи буолсу.
Скорпион
Үлэҕэ-хамнаска аһара үрдүкү чыпчаалларга талаһартан арыый да туттуна түс. Урут ылсыбыт үлэҕин кыһамньылаахтык үмүрүппүтүҥ ордук. Үп-харчы киириитэ күүһүрүө, тус олоххор да табыллыаҥ. Чугас доҕору кытта сыһыан лаппа сылыйыа.
Охчут
Олоххор уларыйыы-тэлэрийии кэмнэрэ. Онон сэрэхтээх буоларыҥ, ыраҥалыыр, толкуйдуур дьоҕургун таба туһанарыҥ наада. Олоххор буолар уларыйыылар үгүстэрэ үтүө өрүттээх, кэскиллээх буолуохтара. Өрөбүллэри алтыһыыны аччатын холкутук атаарбытыҥ ордук.
Чубуку
Бу нэдиэлэни иэһи-күүһү төннөрөргө, түмүктэри оҥорорго аныаҥ. Санаабыккын дьаныһан туран ситиһэртэн, баҕарбыккынан салайынартан туттуммутуҥ ордук. Эрдэтинэ-сылла түмүк оҥоро охсор кыдьыккынан сыыһыаххын сөп. Нэдиэлэ иккис аҥаара үлэҕэ-хамнаска таһаарыылаах буолуо.
Күрүлгэн
Барыга бары саарбахтааһынтан бытархай алҕастары түһэрэр куттал баар. Күннээҕи түбүктэри кэмигэр үмүрүтэн, иллэҥ кэм тосхойоруттан астыныаҥ. Доруобуйа туруга кэминэн буолуо. Иэтэн кэлэр сынньана барар санааны арыый хам баттыыр, үлэни-хамнаһы уталыппат ордук.
Балыктар
Урукку кэмҥэ саҕалаабыт үлэҕин бүтэриэҥ-оһоруоҥ. Былааннаргын ситэргэ туох эрэ мэһэй баар буолуон сөп. Эрдэттэн эрэннэрэртэн туттуммутуҥ ордук. Бэйэ кыаҕар, атын да дьоҥҥо саарбахтыыр түгэн күөрэйиэн сөп. Дьиэлээхтэргин кытта иллээх-эйэлээх буоларга дьаныс. Өрөбүллэри чугас дьоҥҥунуун атаар.