Нэдиэлэтээҕи гороскоп. Олунньу 19-25 күннэрэ

Хой

Хой бэлиэлээх бу күннэргэ олоҕун тосту уларытыан, эбэтэр сонун бырайыагы ылсыан баҕарыа. Туохтан да толлубакка олоххор саҥаны киллэриэххин сөп. Быһаарыныылаах, дьулуурдаах буолуу ситиһиигэ эрэ тириэрдиэ. Үлэҕэр бээтинсэ күн утарылаһыыны көрсүөххүн сөп.

Оҕус

Чугас доҕору кытта сыһыан тыҥаан ылар чинчилээх. Дьиҥ кырдьыгы тутуспутуҥ, алтыһарга аһаҕас буолбутуҥ ордук. Сатаспат дьоҥҥун ыкса тутарга, эйэлээх буолага кыһан. Өрөбүлгэ чуҥкук диэбит тэрээһиниҥ олоххор үтүө өттүгэр уларыйыыны киллэриэн сөп.

Игирэлэр

Нэдиэлэ бүтүүтэ быланнаабыккын тосту уларытыаххын сөп. Соһуччу буолар түгэннэртэн ыгылыйыма, буолар уларыйыыларга сөп түбэһэргэ дьулус. Араас хабааннаах түгэннэринэн толору нэдиэлэ күүтэр. Нэдиэлэ бүтүүтэ тапталлааххын кытта айаҥҥа турунуоххутун сөп.

Араак

Бу күннэргэ ааспыт кэмнэри анаарыыга ылларыаххын сөп. Буолбуту уларытар кыаллыбатын, урукку инники олоххор сабыдыала суоҕун өйдүөх тустааххын. Оптуорунньукка эбэтэ сэрэдэҕэ үп-харчы киириэн сөп. Үгүс бытархай үлэ күөрэйииһи. Өрөбүллэргэ дьиэ кэргэҥҥин болҕой.

Хахай

Сылайыы-элэйии тыынын билиэххин сөп. Чугас дьоҥҥуттан көмө көрдүүртэн кыбыстыма. Сынньанан ылыы үтүөнэн эрэ аҕыа. Үлэҕэ-хамнаска ыксаабакка, болҕомтолоохтук дьаһанарга кыһан. Өрөбүллэргэ ханна эмэ сынньанар соруктаах айанныаххын сөп.

Кыыс

Ис таайан көрөр дьоҕуруҥ сытыырхайан сылдьар. Сөптөөх быһаарыныыны ылынаргар туһалаах буолуо. Түгэн көһүннэр эрэ сынньанан ылары умнума. Өйгүн-санааҕын сааһыланаргар уолдьаспыт. Тугу да уталыппат, ханна да хойутаабат ордук. Өрһөбүллэри дьиэҕэ атаар.

Ыйааһын

Чугас дьонуҥ, кэллиэгэлэриҥ үтүө сүбэҕэр наадыйаллар эбит. Ким эмэ көмө көрдөөтөҕүнэ ак­­каастаама. Майгыҥ мөкү өрүттэринэн дьону өһүргэтиэххин, этиһэн туруох­хун сөп. Оптуорунньукка суолталаах көрсүһүү күүтэр. Буолар түгэннэр хабайар ортолоругар буоларга кыһан.

Скорпион

Таайан көрөр дьоҕуруҥ күүһүрүөн сөп. Маны үлэҕэ, тус олоххо туһан. Саарбах бырайыактартан, албын дьон угаайытыттан сэрэхтээх буол. Соһуччу көрсүһүүлэр, үтүө сонуннар, үөрүү-көтүү күүтэллэр. Өрө көтөҕүллэн сылдьыыҥ хайа да түгэҥҥэ ситиһиигэ сирдиэ.

Охчут

Олус элбэх үлэ мунньуллубут. Маны барытын түмүгэр тириэрдэргэ дьулуһуҥ. Түмүгэ ситиһиилээх буолуо – харчынан бириэмийэ, үтүө сыһыан күүтэр. Тэрээһиннээхтик дьаһанан сылдьарга кыһан. Туох эмэ наадалааҕы сүтэрэр, алдьатар куттал баар буолуон сөп.

Чубуку

Инники былааннары торумнуурга, улахан малы-салы атыылаһарга сөптөөх нэдиэлэ үүммүт. Бу кэмҥэ санаабытыҥ барыта этэҥҥэ олоххо киириэҕэ. Суолга сэрэхтээх буол, ыраах айантан туттун. Санааны баттыыры барытын киэр кыйдаатаххына, нэдиэлэ тосхойор түбүктэрин этэҥҥэ туоруоҥ.

Күрүлгэн

Айар үлэлээх дьоҥҥо ситиһиилэр кэлиэхтэрэ. Бу күннэргэ истибит сураххын тута итэҕэйбэтиҥ ордук. Саҥаны билэргэ-көрөргө, талааннары сайыннарарга тоҕоос­тоох нэдиэлэ диэн сулус­тар кэпсииллэр. Үбү-харчыны былааннаан тутун, толкуйа суох бараама.

Балыктар

Балык бэлиэлээх дьон чугас дьону кытта кэпсэтэргэ уустуктары көрсүөхтэрин, өйдөспөт буолуохтарын сөп. Кэпсэтиигэ аһаҕас, тахсыбыт иирсээни быһаарарга тулуурдаах буолуҥ. Тулалыыр дьонуҥ санааларын алдьаппат туһуттан санньыйыыны кыйдыырга дьулус.

Читайте дальше