Хой
Нэдиэлэ саҥата соһуччу ыалдьыттар кэлиэхтэрин сөп. Аймахтыы, доҕордуу сыһыаны харыстыыр наада. Кыра аайы кыйыттан дьону кытта сыһыаны алдьатыма.
Оҕус
Уустук нэдиэлэ саҕаламмыт. Дьону кытта сөпсөспөт түгэннэргэр мөккүһэр наадата суох. Бэйэҥ эрэ эппиккин өрө тутан, дьону бэйэҕиттэн тэйитиэххин сөп.
Игирэлэр
Бу нэдиэлэ устата тулалыыр уу-нуурал холку эйгэттэн бэйэҥ да соһуйуоҥ. Нэдиэлэ бүтүүтэ соһуччу этиилэр киириэхтэрэ. Ыраах да айаҥҥа турунуоххун сөп, онтуҥ ситиһиилээх буолуоҕа.
Араак
Аһары көхтөөххүн, дьону да көҕүлүүгүн. Ол эрээри, эн үтүө сыһыаҥҥар, аһаҕас майгыгар ордук саныыр дьон баар буолуон сөп. Бу күннэргэ тулаҕын көрүнэ, кэтэнэ сырыт. Сымыйа сураҕы истэҥҥин санааҥ түһүөн сөп.
Хахай
Кыра аайыттан санааны түһэрэр туһата суох. Эн санааҕын чугас дьонуҥ курдат көрөн таайбаттар. Сатаан санааҕын үллэстэ үөрэн.
Кыыс
Кыһыҥҥы кэмҥэ тоҕо эрэ ыгыллаҕын. Ити барыта санааҕын сатаан кэмигэр сааһылаабакка ыһылларгыттан тахсар. Аҕам саастаах чугас дьонуҥ сүбэлэрин иһит.
Ыйааһын
Ситиһиилээх нэдиэлэ саҕаламмыт. Доҕотторуҥ, чугас дьонуҥ идиэйэлэргин өйүүллэр. Дьон-сэргэ эн тылгын ылынар. Улахан былааннары олоххо киллэрэргэ тоҕоостоох кэм тосхойбут.
Скорпион
Ситиһии бэйэҥ илиигэр диэн санаанан салайтарыаҥ. Элбэҕи, саҥаны былаанныыгын. Ардыгар аһары үлүһүйэн былааннаан баран туолбут курдук санаан хаалларан кэбиһиэххин сөп. Былааннаргын чугас дьоҥҥун кытта үллэстэ үөрэн.
Охчут
Дьону кытта сыһыаннаһыыга болҕомтолоох буол. Ардыгар аһары хаҕыстык саҥаран дьону өһүргэтиэххин сөп. Үлэҕэ, дьиэҕэ-уокка өрүү эриэ-дэхси буолбат. Дьиэтээҕилэр эн санаабытыҥ хоту сылдьыбаттарыттан кыйаханыаххын сөп.
Чубуку
Нэдиэлэ устата элбэх барыылаах-кэлиилээх буолсу. Саҥа бырайыактары олоххо киллэрэргэ дьулус. Санаабыт санааҕын ардыгар тиһэҕэр тириэрдибэккэ, санаа аалыыта оҥостоҕун.
Күрүлгэн
Нэдиэлэ күүрээннээхтик саҕаламмыт. Бириэмэҕин сөпкө аттарыннаххына, бу нэдиэлэ устата элбэҕи ситиһиэххин сөп. Дьиэ-уот кыһалҕата улаханнык долгуппат, ол эрээри нэдиэлэ ортотуттан дьиэ кэргэҥҥэр болҕомто ууруоххун наада.
Балыктар
Элбэҕи былаанныыгын уонна санааҥ күүһүн ситэри тириэрдибэккин. Санааҕын ууран ылыстаххына, үтүө түмүктэри аҕалыаҕа. Ол эрээри, былааҥҥын дьоҥҥо ыһа-тоҕо кэпсээмэ, арыый чуумпутук сырыт.