Нэдиэлэтээҕи гороскоп. Муус устар 1-7 күннэрэ

Хой

Түбүктээх соҕус нэдиэлэ буолууһу. Ол эрээри хамаандаҕа үлэлиир көххүнэн үгүһү үмүрүтүөҥ. Чэппиэргэ үпкэ-харчыга сыһыаннаах туһалаах билсиһии күүтэр. Субуотаҕа соһуччу ыраах айан тосхойуон сөп. Билииҥ-көрүүҥ таһымын, толкуйуҥ тобуллаҕаһын бар дьоҥҥо көрдөрөргө тоҕоос көстүө. Тургутар оонньууга да кыттан ылыаххын сөп.

Оҕус

Үпкэр-харчыгар болҕомтолоох буол. Атыылаһарга, мэнэйдэһэргэ сэрэхтээх кэм. Буолар быһыыны-майгыны, дьон сигилитин хайдах баарынан ылынарыҥ ордук. Тосхойор түгэннэр тулуургун, кыаххын тургутар курдук буолуохтара. Болҕомтоҕунан уонна түргэн быһаарыныыгынан соруктаргын ситиэҥ. Өрөбүллэргэ толкуйуҥ тобуллар чинчилээх.

Игирэлэр

Үлэ-хамнас таһаарыылаах буолуо. Тус олоххо да балайда ситиһиилэниэҥ. Бу иннинэ хайа эрэ боппуруоска сөптөөх быһаарыныыны ылыммыккын өссө төгүл итэҕэйиэҥ. Үлэҕэр барыта эн санааҥ хоту буолан иһиэ. Тус олоҕуҥ таптал, истиҥ сыһыан тыынынан киэркэйиэ. Сааскылыы сайаҕас күннэр олоххун киэркэтиэхтэрэ.

Араак

Тус олоҕу тумна быһыытыйан үлэ үөһүгэр умса-төннө түһүөҥ. Нэдиэлэ бастакы аҥаарыгар көрсһүү, кэпсэтии, алтыһыы табыллыа. Сорох араактар эппиэтинэстэн босхолонуохтарын, үлэни уларытарга сорунуохтарын сөп. Чэппиэргэ дьону тылга киллэрэр дьоҕургут уһуктуо. Нэдиэлэ бүтүүтэ ыраах айан тосхойуон сөп.

Хахай

Чугас дьоҥҥунуун сыһыан тыҥыыр чинчилээх. Тулуурдаах, дьону өйдүүр буоларга кыһан. Толкуйдаабыккын олоххо киллэрэргэ доҕоттор, кэллиэгэлэр көмөлөрө наада буолуо. Оптуорунньукка кыра да кыһалҕаттан кыйыттары туттуммутуҥ ордук. Нэдиэлэ бүтүүтэ санаа баттыга буолбут кыһалҕаҥ быһаарыллан дуоһуйуоҥ.

Кыыс

Хайа баҕарар түгэҥҥэ тус көрүүлээххин, халбаҥнаабат санаалааххын салалтаҕар, кэллиэгэлэргэр итэҕэтэргэ кыһан. Сөпсөспөт түгэҥҥэр тута биллэрбитиҥ ордук. Оптуорун­ньукка санааҥ саппаҕыран ылыан сөп, ол турукка бэринимэ. Туохха барытыгар аргыый наллаан, ол эрээри эрэллээхтик дьаһаммыт ордук.

Ыйааһын

Олоххун уларытыаххын баҕаран кэлиэҥ. Тугу эмэ тосту уларытыаҥ иннинэ ыраҥалаан көр. Биир сүрүн соругу тутуспутуҥ ордук. Нэдиэлэ бастакы аҥаарыгар урукку кэллиэгэлэриҥ түбүгүрдүөхтэрин сөп. Хопко-сипкэ, сурахха-садьыкка киирбэт буоларга кыһан. Өрөбүл күннэргэ таптал чааһыгар табыллыаҥ.

Скорпион

Иннигэр соһуччу кыахтар аһыллан үөрдүөхтэрэ. Үрдүккэ дабайарга, ыралаабыккын олоххо киллэрэргэ табыгастаах күннэр. Доруобуйа туруга тупсуо, сүргэҥ көтөҕүллүө. Солоҥ үрдээн эбии эппиэтинэһи сүгүөххүн сөп. Туохха барытыгар көхтөөх, соругу ситэргэ дьулуурдаах буоларыҥ ордук. Саҥа билсиһии, доҕордоһуу күүтүөн сөп.

Охчут

Олус элбэх түбүгү сүкпэтиҥ ордук. Сүрүн сыалгын-соруккун болҕой. Олох оргуйар киинигэр, мүччүргэннээх сырыыларга талаһыыҥ күүһүрүө. Онтон сиэттэрэн үлэни дьалты уурар куттал баар. Нэдиэлэ саҕаланыыта тулуурдаах буол: аймахтарыҥ, доҕотторуҥ кыра аайы түбүгүрдэ сатыахтара.

Чубуку

Тыҥааһыннаах соҕус нэдиэлэ. Дьүккүөргүнэн, тулуургунан барытын этэҥҥэ туоруоҥ. Аламаҕай майгылаах, элэккэй буолуу ис санаа күүрүүтүттэн быыһыа. Дьоҥҥо итэҕэли, эрэли ыһыктыбатаххына, тус олоххор үтүө өттүгэр уларыйыы күүтүөн сөп.  Туора дьон кыһалҕатын быһаарартан туттумутуҥ ордук.

Күрүлгэн

Бу нэдиэлэҕэ олоххор соһуччу уларыйыылар буолуохтарын сөп. Саҥаны, сонуну ылсартан куттаныма. Нэдиэлэ саҕаланыытыгар соло үрдүүрүгэр, салалтаны кытта сыһыаҥҥа уустуктар күөрэйиэхтэрин сөп. Идэтийииҥ таһыма үрдүгүн көрдөрөргө дьулус. Субуотаҕа сааскы салгынынан тыына таарыйа таһырдьа дьаарбай.

Балыктар

Олус сэргэх нэдиэлэ күүтэр. Инникигэр туһалаах уопуту баһылыаххын, билиигин хаҥатыаххын сөп. Нэдиэлэ саҕаланыыта сиэри таһынан түбүгүрбэккэ, бириэмэҕин дьиэ кэргэҥҥэр анаабытыҥ ордук. Биир кэмҥэ биэс дьыланы ылсартан туттун. Тылы-өһү туттунар тыҥааһыннаах түгэн тосхойуон сөп. Өрөбүллэр аймалҕаннаах соҕус буолар чинчилээхтэр.

Читайте дальше