Нэдиэлэтээҕи гороскоп. Кулун тутар 4-10 күннэрэ

Хой

Бу нэдиэлэҕэ бэйэҕэ эрэлгит хаһааҥҥытааҕар да бигэ буолуо. Быһаарыныылаах, дьулуурдаах майгыгыт үлэҕэ да, тус олоххо да ситиһиилэри аҕалыа. Үлэҕэ уонна дьиэтээҕи олоххо кэми сөптөөхтүк аттарарга кыһан.

Оҕус

Үүнэр күннэр суй-сай, аймалҕаннаах соҕус буолар чинчилээхтэр. Тулуурдаах буоллаххына барытын этэҥҥэ аһарыаҥ. Чугас дьоҥҥунуун сыһыан эрэллээх уонна бөҕө буолуо. Туруоруммут соруктаргын уталыппакка, инниҥ диэки дьулуһарга дьаныс.

Игирэлэр

Үүнэр нэдиэлэ таһаарыылаах буолуо. Кэнникигэ үтэйэн, уталыппыккын ситиһэргэ тоҕоос көстүө. Кэллиэгэлэргин уонна салалтаҕын кытта сыһыан хаһааҥҥытааҕар да тупсууһу. Туох эмэ саҥаны, сонуну саҕалыыртан толлубатыҥ ордук.

Араак

Олус эрэллээхтик сананыаҥ, нус-хас буолуоҥ. Тулалыыр дьону кытта сылаас, эрэллээх сыһыан үөскүө. Үлэҕэ-хамнаска саҥа дьоннуун алтыһыы, биир санаалаахтары булуу күүтэр. Сынньанан ылары, туругу тупсарынары умнубатыҥ ордук.

Хахай

Бу күннэргэ хахай бэлиэлээх күүһэ-кыаҕа тыган олоруо. Туох баар күөрэйэр соруктары кыайа тутуоҥ. Үбү-харчыны сөпкө, өйдөөхтүк барыырга кыһан, туһата суох көрүнньүгү атыылаһартан туттун. Чугас дьоҥҥор, доҕотторгор болҕомто уурары умнума.

Кыыс

Олус сэргэх, араас түгэннэринэн баай нэдиэлэ күүтэр. Дьулуурдаах майгыгынан карьераҕар да, тус олоххор да ситиһиилэнэр чинчилээххин. Доруобуйа туругун кэтэнэр-мананар ордук, сынньанан ылары умнума. Өрөбүллэри чугас дьоҥҥунуун атаар.

Ыйааһын

Бэйэни сайыннарарга, идэ таһымын үрдэтэргэ тоҕоос көстүө. Туох эрэ сонуну ылсан көрүөххүн, саҥаны саҕалыаххын сөп. Ис таайан көрөр дьоҕуруҥ үгүс быһаарыныылаах түгэҥҥэ көмлөһүө. Доруобуйа туругун кэтэнэ-манана сырыт.

Скорпион

Бу нэдиэлэҕэ бытархай кыһалҕалар күөрэйиэхтэрин сөп. Быһаарыныылаах майгыгынан баар харгыстары этэҥҥэ туоруоҥ. Үп-харчы киириитэ кэминэн буолуо, уурунуу туһунан саныаххын сөп. Өрөбүллэри дьиэҕэ атаарбыт ордук.

Охчут

Табыллар нэдиэлэҥ үүммүт. Ураты толкуйгунан, булугас өйгүнэн үлэ тахсыылаах урбаан эйгэтэ улахан ситиһиилээх буолуо. Чугас дьоҥҥунуун, доҕоттору кытта ситими быһыма. Өрөбүллэргэ сынньанарга кыһан.

Чубуку

Тула баар дьону кытта сыһыан эриэ-дэхси, холку уонна эрэллээх буолуо. Саҥа доҕоттору булуоххун, сонун дьоннуун билсиһиэххин сөп. Кыһамньылаах сыһыаҥҥынан, бигэ сыраҕынан үлэ-хамнас ситиһиилээх буолар чинчилээх.

Күрүлгэн

Нэдиэлэ саҕаланыыта бытархай харгыстар күөрэйиэхтэрэ, ол эрээри сотору кэминэн барыта оннун булуо. Өрө көтөҕүллэ, үөрэ-көтө сылдьыыҥ, хайа да балаһыанньаҕа кыыһырсыыны уҕарытар майгыҥ тус олоххор үтүөнү эрэ аҕалыа.

Балыктар

Көһүппэтэх өттүгүттэн ороскуоттар күөрэйэннэр, үп-харчы халбаҥныан сөп. Ис таайан көрөр дьоҕургунан салайтаран сөптөөх быһаарыныыны ылыннаххына, баар кыһалҕаны барытын быһаарыаҥ. Хайа да түгэҥҥэ дьиэ кэргэниҥ тирэх, өйөбүл буолуо.

 

Читайте дальше