Нэдиэлэтээҕи гороскоп. Кулун тутар 18-24 күннэрэ

Хой

Табыллар нэдиэлэҥ үүммүт. Сэргэх бырайыактарга, сонун саҕалааһыннарга сирдиир билсиһиилэр күүтэллэр. Саҥаны ылсартан толлума, холку буол. Өрөбүллэргин дьиэ кэргэҥҥиниин, чугас дьоҥҥунуун атаар.

Оҕус

Бу күннэргэ олоххор дьоһун уларыйыылар буолуохтарын сөп. Олоҕу тупсарар, эбэтэр ханна эрэ көһөр санаалар киириэхтэрэ. Уларыйыылартан куттаныма, олоҕуҥ саҥа кэрчигин саҕалыыртан толлума.

Игирэлэр

Нэдиэлэ үгүс дуоһуйууну, сэргэх дьоннуун алтыһыыны тосхойуо. Күүс-кыах толору буолуо, онон үлэлииргэ хаһааҥҥытааҕар да дьулуурданыаҥ. Ол эрээри үлэҕэ уонна тус олоххо кэми сөпкө аттарарга, дьиэтээҕилэргин умнубакка кыһан.

Араак

Бытархай соҕус кыһалҕалар күөрэс гынан харгыстыыһылар. Ол эрээри онтон мунчаарыма, хайа да кыһалҕа быһаарыллар кыахтаах буолуо. Ис таайан көрөр дьоҕургар, бэйэҕэ эрэлгэр олоҕуран хайа да мэһэйи туоруоҥ. Сынньанан ылары умнума.

Хахай

Бэйэҕэ эрэлиҥ күүстээх. Үлэҕэ-хамнаска, карьераҕа ситиһии күүтэр. Быһаарыныыларгын саарбахтаама, саҥаны ылсартан туттунума. Дьиэҕэ-уокка барыта уу нуурал буолуо. Доруобуйаҥ туругун болҕой, кэмигэр сынньан.

Кыыс

Чугас дьоҥҥун кытта тыл тылга киирсибэт түгэн күөрэйиэх курдук. Барытын наһаа чугастык ылынартан, ыгылыйыыттан туттумутуҥ ордук. Барытын холкутук быһаарсарга дьулус. Дьону кытта алтыһарга тылы-өһү болҕой.

Ыйааһын

Үпкүн-харчыгын болҕойууһугун. Сиэри таһынан атыылаһартан туттуммутуҥ, ороскуоккун аччаппытыҥ ордук. Сыалгын-соруккун, дьулуһар ыраҕын умнума, дьүккүөргүн ыһыктыбаккар туһалыа. Чугас дьонуҥ болҕомто эрэйэллэр.

Скорпион

Үүнэр нэдиэлэ үлэҕэ-хамнаска ситиһиилээх буолуо. Баар балаһыанньаҕын тупсараргар, саҥа кыаҕы арыйаргар билииҥ-көрүүҥ, уопутуҥ туһалыа. Кыра да кэмҥэ сынньанан, доруобуйаҥ туругун тупсаран ыларыҥ ордук.

Охчут

Бэйэ кыаҕар эрэлиҥ күүһүрүө. Сыалы-соругу ситэргэр бу ордук туһалаах буолуо. Хайа да түгэҥҥэ өйүүргэ бэлэм чугас дьоҥҥун, доҕотторгун умнума. Өрөбүллэргэ дьиэ-уот түбүгүн үмүрүппүтүҥ, дьиэлээхтэргэ болҕомто уурбутуҥ ордук.

Чубуку

Сонун тургутукка, үтэн-анньан көрүүгэ бэлэм буоларыҥ ордук. Туохтан да толлума, сөптөөх диэбиккинэн дьаһан. Сорунуулаах, дьүккүөрдээх майгыгынан ситиһии сэтиилэниэҥ. Өрөбүллэргэ айылҕаҕа тахсыаххын сөп, сынньанарга уолдьаспыт.

Күрүлгэн

Олоҕуҥ дьэ оннун-тойун булан, холкутуйууну билиэҥ. Саҥа сыһыан, сонун үлэ бу манна төрүөт буолуохтарын сөп. Олох бытархай да үөрүүлэриттэн дуоһуйууну ылары умнума. Кэмигэр сынньанары киэр анньыма.

Балыктар

Саҥа саҕалааһыннарга, сонун идиэйэлэргэ бэлэм буол. Уран, мындыр  толкуйгунан уруккуттан үүйэ-хаайа туппут кыһалҕаны быһаарыаххын сөп. Тугу эрэ сонуну тургутартан, боруобалыыртан толлума. Оҕо дьоҥҥо болҕомтолоох буол.

Читайте дальше