Нэдиэлэтээҕи гороскоп. Атырдьах ыйын 26 балаҕан ыйын 1 күннэрэ

Хой. Сөптөөхтүк сынньаммыккын. Онон саҥалыы күүһүнэн үлэҕэ оройгунан түһүүһүккүн. Саҥа мал-сал атыылаһан эбэтэр дьиэ өрөмүөннээн санааҥ көтөҕүллүө. Хопко-сипкэ киирэн биэримэ, судургутук сырыттаххына, барыта этэҥҥэ буолуоҕа.

Оҕус. Үлэҕэр-хамнаскар тохтобул кэмэ. Балачча олоххо уопуттаах курдук сананаҕын. Ол эрээри, албыҥҥа киирэн биэрэр сэрэх баар. Ордук хоһу саҥаран дьон тылыгар киирэн биэриэххин сөп. Саамай сүрүнэ дьиэ кэргэниҥ кыһалҕата буоларын умнума, кинилэр болҕомто ирдииллэр.

Игирэлэр. Настарыанньаҕыттан олоххор ылынар быһаарыныыҥ улахан тутулуктаах. Нэдиэлэ саҥата сүпсүлгэн, кэлии-барыы үгүс буолууһу. Ол эрээри эйиэхэ чуумпу эйгэ наада буолбут. Быыс булан сынньана сатаа.

Араак. Сынньалаҥ кэмэ. Уруккуттан санаа ымыыта оҥостубут баҕа санааҕын олоххо киллэрэргэр тоҕоостоох кэм. Чугас киһиҥ өйдүүр, эн саҥа саҕалааһыҥҥын барытын өйүүр. Үп-харчы, таптал өттүгэр ситиһии күүтэр. Кыралаан харчы мунньунан санааҥ көтөҕүллүө.

Хахай.Нэдиэлэ саҥата олус сүпсүлгэннээх буолууһу. Чугас дьоҥҥун кытта саҥа дьыаланы саҕалыыргар тоҕоостоох кэм. Ол эрээри туора дьон саҥатын аһары чугастык ылыныма.  Ньиэрбэҕин харыстана сырыт. Бу уустук кэм начаас ааһыаҕа.

Кыыс.Ситиһиилээх кэм. Үлэҕэр бэйэҕин үчүгэй үлэһит курдук көрдөрөргөр тоҕоостоох кэм. Салалтаҕа табан сыһыаннастаххына, дуоһунаһыҥ да үрдүөн сөп. Ол эрээри дьону кытта иирсэртэн, тыл-тылга киирсибэт буолууттан туттунарыҥ наада. Нэдиэлэ бүтүүтэ үчүгэй сонуну истиэҥ.

Ыйааһын. Бэйэҕин саҥаттан арыйыаҥ. Эрдэ бэйэҕэр сыаналаабатах хаачыстыбаҥ дьону кытта сыһыаны олохтуурга көмөлөһүөҕэ.  Быһыы-майгы түргэнник уларыйар кэмигэр тэҥҥэ хардыылаан ис. Доруобуйаҕар болҕомтоҕун уур. Сүрэххин, дабылыанньаҕын кэтэнэ сырыт.

Скорпион. Ханнык баҕарар саҥаны саҕалыырыҥ барыта олоххо киириэҕэ. Онон ол сатаныа суоҕа, бу сатаныа суоҕа диэн кэтэмэҕэйдээбэккэ, иннин диэки күрдьэн ис. Кэргэнэ суох оҕустар  аналларын көрсүөхтэрэ.

Охчут. Эмискэ элбэх харчы бараныан сөп. Онон үчүгэйдик былааннан, ордук харчыланар туһунан толкуйдаа. Саҥа дьоҕурга үөрэнэр, урукку саҕалаабыккын тиһэҕэр тиэрдэр табыллыаҕа. Доруобуйаҥт туругун көрүн.

Чубуку.Бу нэдиэлэҕэ үлэ бөҕөтө күүтэр. Күүһүҥ-сэниэҥ эстиэҕэ, ол эрээри туһалаах билиилэри уонна уопуту ылыаҥ. Дьоҕуруҥ эбии үбү киллэриэн сөп. Иирсээҥҥэ киирэн биэрэр куттал баар. Тапталга табыллыаҥ.

Күрүлгэн. Уһун кэм устата санаа аалыыта оҥостубут кыһалҕаҕыттан дьэ, босхолонууһуккун. Иэскин-күүскүн төлөөн өрө тыыныаҥ. Үлэҕэр-хамнаскар эриэдэхси. Арай тус олоххор санааҕын куруук искэр тутаргыттан өйдөспөт түгэн үөскүөн сөп.

Балыктар. Чуумпу кэм. Ол да иһин чугас дьоҥҥор болҕомто уурар бириэмэлэммит курдуккун. Бырааһынньык сүпсүлгэнэ эйигин улаханнык долгуппат. Нэдиэлэ ортото уһуктубут курдук буолуоҥ. Кылгас кэм иһигэр элбэх дьыаланы биирдэ ситээри ыгылыйыаҥ.

Читайте дальше