Нэдиэлэтээҕи гороскоп. Алтынньы 30-сэтинньи 5 күннэрэ

Хой

Соһуччу киирбит этиигэ түргэн быһаарыныыҥ барыстаах буолуо. Тулалыыр дьонтон сүбэ көрдөөн көстө түспүт кыаҕы мүччү тутума. Бэйэҕэ эрэллээх буолуу үгүһү ситиһиннэриэ. Үгүс хой бэлиэлээхтэри тус олохторугар ситиһии, оттон аналын була илиги бэрт интэриэһинэй билсиһии күүтэр.

Оҕус

Олоҕуҥ араас дьэрэкээн кыраасканан киэркэйиэ, саҥаҕа, сонуҥҥа талаһыаҥ. Ыксалы эрэйбэт үлэҕэ күүһү-кыаҕы бараабакка, сүрүн соругу ылсыбыт ордук. Соҕотох оҕус бэлиэлээхтэргэ саарбах соҕус киһини кытта билсиһэр куттал баар. Онон сонун билсиһиилэргэ тута көрүүттэн эрэммэт ордук.

Игирэлэр

Олоххун биллэ тупсараргар кыах бэриллиэ: үгүс кэми эрэйэр эрээри үбү-харчыны киллэрэр үлэ булуоххун сөп. Чугас дьоҥҥор көмөлөһөргө кыах көстүө, биир санаалаах киһигин булуоҥ. Тапталлааҕыҥ соһуччу үөрүүнү бэлэхтиэн сөп. Уруккуттан кэтэһэ санаабыт сонуҥҥун истэн үөрүөҥ.

Араак

Араак бэлиэлээхтэргэ Дьылҕа Хаан мичик гыныа. Ситиһии сэтиилээх кэм. Тула баар барыта сүргэҕин өрө көтөҕүө. Ол эрээри тумууну хабар куттал баар. Кэргэннии дьон сыһыаннарыгар дьоһун хардыыны оҥоруохтарын сөп. Өрөҥкөлөһөр санааны хам баттаан, чугас доҕоруҥ санаатын истибитиҥ ордук.

Хахай

Бу нэдиэлэҕэ дьиэ-уот тутуутугар, сыаналааҕы атыылаһыыга, ыраах айаны былаанныырга сыһыаннаах быһаарыныыны эрэйэр түгэн баар буолуон сөп. Үгүс кэми дьиэ кэргэни кытта атаарарга дьулус. Дьиҥ туһалаахха үбү-харчыны кэрэйбэт ордук.

Кыыс

Сүрэҕиҥ, ис таайан көрөр дьоҕуруҥ этиитин истэргэ дьулус, сыыстарыаҥ суоҕа. Олус өр толкуйдааһынтан бэриллибит кыаҕы мүччү тутуоххун сөп. Таптал чааһыгар барыта этэҥҥэ. Чугас доҕоруҥ соһуччу үөрүүнү бэлэхтииргэ дьулуһуо. Кыра туолбат былааннартан санньыйбакка кыһан.

Ыйааһын

Кэтэспэтэх сиргиттэн үп-харчы кэлиитэ үөрдүөн сөп. Киирбит үбү өйдөөхтүк аттар. Ыксала суохха харчыны бараабат ордук. Доруобуйаҕа болҕомто уурарга кыһан. Чугас доҕоруҥ өйүүргэ өрүү бэлэм буолуо. Ис санааҕын, кистэлэҥҥин бу күннэргэ кимиэхэ да кэпсээбэтиҥ ордук.

Скорпион

Санааны ыһар, ытыйар түгэннэртэн тэйиччи тутун, таах доруобуйаҕын эрэ кэбирэтиэҥ. Күүһү-кыаҕы барыыртан дьалты туттан, аскын-үөлгүн көрүнэн сылдьыбытыҥ ордук. Тапталлааххар кыйаханан ылыы да, киниэхэ махтанан ымманыйыы да түгэннэрэ баар буолуохтара. Сыыһаны билинэри, алы гынары сатыырга кыһан.

Охчут

Туох эрэ улахан суумалааҕы: тиэхи­ньи­кэни дуу, миэбэли дуу, атыылаһыаххын сөп. Суолга-иискэ сэрэхтээх буолар, быраабыланы тутуспут ордук. Чугас киһиҥ сылаас сыһыана, өйөбүлэ үөрдүө. Аттыгар баар дьонуҥ санааларын көтөҕөргө кыһан, мунчааран сылдьар буолуохтарын сөп.

Чубуку

Доруобуйа туругар улахан болҕомтону уурар ордук. Аһы-үөлү атыылаһарга хаачыстыбатын болҕой. Тапталлааххын кытта сыһыан саҥа таһымҥа тахсыа. Бу күннэргэ доҕоруҥ кыайан эппэккэ сылдьыбыт кистэлэҥин арыйыан сөп.

Күрүлгэн

Бу күннэргэ туһалаах билсиһиилэри олохтуурга кыах бэриллиэ. Бу нэдиэлэҕэ чуҥкуйан олоруоҥ суоҕа. Тылга-өскө киллэрэр, араатардыыр кыаҕыҥ өрө тэбэ сылдьыа. Соҕотох күрүлгэннэр олохторун оҥосторго дьулуһуохтара. Ол эрээри туһата суох, санааны ыһар сыһыаҥҥа киирэн биэрбэт ордук.

Балыктар

Болҕомтото суохтан соччото суох быһыыга-майгыга киирэн биэрэр куттал баар. Ону таһынан үпкэ-харчыга болҕомтолоох, чугас дьоҥҥунуун кыра аайы кыыһырсыбат буоларыҥ ордук. Хом санааны уһун кэмҥэ туппакка кыһан. Тапталлааҕыҥ хайа да түгэҥҥэ өйүүрүн умнума, аһаҕас кэпсэтииттэн куотума.

Читайте дальше