Нэдиэлэтээҕи гороскоп. Ахсынньы 4-10 күннэрэ

Хой

Бытархай кыһалҕалар күөрэйиэхтэрин сөп, быһаарыныылаах, дьулуурдаах майгыгынан барытын кыайа тутуоҥ. Сүрүн соруктаргыттан туораама, туора дьон дьайыытыгар киирэн биэримэ.

Оҕус

Бу нэдиэлэ үгүс ситиһиилээх, таһаарыылаах буолуо. Бэйэ күүһүгэр эрэллээххин, саҥаны, сонуну ылсарга бэлэм сылдьыаҥ. Толлубакка саҥаны саҕалаатаххына, үтүө түмүктээх буолуо.

Игирэлэр

Дьону кытта өйдөспөттөн сорох сыһыан тыҥаан ылар чинчилээх.  Тулуурдаах буоларга, күөрэйэр боппуруостары эйэ дэмнээхтик быһаарсарга кыһан. Тус олоххор үтүө өттүгэр уларыйыы баар буолуо.

Араак

Үп-харчы өттүгэр кыһарыйтарыы баар буолуон сөп. Ол эрээри аймаммат ордук. Баар билиигин, уопуккун туһаннаххына, кыһалҕаны кыайар кыахтааххын. Чугас дьоҥҥор болҕомто уураргын умнума.

Хахай

Буолар түгэннэртэн бэйэҕэ эрэлиҥ намтаан ылыан сөп. Дьону сирдиир, слайар айылгылааххын, хайа да түбүгү кыайар кыахтааххын умнума. Доҕоттортон, аймах дьонтон көмө көрдүүртэн кыбыстыма.

Кыыс

Буолар быһыы-майгы санаа хоту барбат курдук буолуо. Ол эрээри долгуйарга төрүөт суох. Кыһалҕалары олоххо үөрүйэххинэн, билиигинэн быһаарар кыахтааххын. Сынньалаҥы, доруобуйаны көрүнэри умнума.

Ыйааһын

Саҥаны, сонуну ылсартан толлума. Ситиһиигэ, саҥа саҕахтарга тиэрдиэ. Киһи быһыытынан тус уратылааххын, хатыламмат лиичинэс буоларгын умнума.Сэрэдэҕэ үтүө сураҕы истиэххин эбэтэр үп-харчы киириэн сөп.

Скорпион

Үпкэ-харчыга болҕомтолоох буол. Туһата суоҕу атыылаһартан туттун, иэс-күүс ылбатыҥ ордук. Үлэ-хамнас холку соҕус буоларыгар кыһан. Өрөбүллэри чугас дьоҥҥун кытта атаарарга дьулус.

Охчут

Түбүк-садьык үгүс буолуо. Ол эрээри тус интэриэскин, сөбүлүүр дьарыккын туора уурума. Кыһалҕа күөрэйэр түгэнигэр чугас дьоҥҥуттан көмө көрдүүртэн толлума. Доруобуйаҕын көрүнэ сырыт.

Чубуку

Үлэҕэ-хамнаска табыллар күннэриҥ. Ситиһиилэннэххинэ тохтоон хаалбакка, салгыы сайдарга дьулус. Сынньанары, доруобуйаны көрүнэри умнума. Сүбэ-ама көрдөөччү үгүс буолуо. Чугас дьоҥҥор болҕомто уурары умнума.

Күрүлгэн

Туох эрэ кыаллыбат түгэннэрэ күөрэйиэхтэрин сөп. Кыһалҕаны айымньылаах толкуйгунан , өйгүнэн быһаарар кыахтааххын. Чугас дьоҥҥун, доҕотторгун умнума. Чэппиэргэ ыраах айантан туттунарыҥ ордук.

Балыктар

Уларыйа сылдьар настарыанньаланыаҥ. Кыра аайыттан хомойору, санаарҕыыры кыайа тутарга кыһан. Күннээҕи бытархай үөрүүлээх түгэннэри болҕойорго үөрэн. Өрөбүллэри сынньалаҥнык атаарарга кыһан.

 

Читайте дальше