Сунтаарбыт кыыһа Наталья Леонтьева бэҕэһээ, балаҕан ыйын 3 күнүгэр, Пермь куоракка ыытыллыбыт полумарафоҥҥа Арассыыйа кубогын кыайыылааҕа буолла!
Наталья манна 21,5 км усталаах дистанцияны 1 чаас 15 мүнүүтэ 14 сөкүүндэ көрдөрүүлээх сүүрэн, кыайыыны ситистэ. Иккис миэстэни Мордовияттан сылдьар Елена Сергеева, үһүс – Александра Вдовина (эмиэ Мордовия өрөспүүбүлүкэтин бэрэстэбиитэлэ) ыллылар. Эр дьоҥҥо Рязань уобалаһыттан сылдьар Александр Именин бастаата.
Быйылгы полумарафоҥҥа Арассыыйа кубога бастакытын Пермнээҕи марафон чэрчитинэн ыытылынна. Сүүрүү трассата манна олус уустугун, түһүүтэ-тахсыыта үгүһүн бэлиэтииллэр. Кыайыылаахха бириис быһыытынан 50 тыһыынча солкуобайы туттардылар.
Биир дойдулаахпыт бу ситиһиитинэн киэн туттабыт, инники киирсиилэргэ ситиһиилэри баҕарабыт.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат.
Хаартыска «Триумф» ЦСП тг-каналыттан ылылынна.