РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн үлэлиир «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак чэрчитинэн «Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү» бырагыраама үлэлиир. Бу бырагырааманан Сунтаар улууһугар кэнники сылларга балачча тутуу барда.
Быйыл Сунтаар нэһилиэгэр үлэҕэ киириэхтээх олорор дьиэлэртэн Сунтарскай 1а переулогар баар 5 этээстээх, 71 кыбартыыралаах таас дьиэ бастакы уочарата түмүктэнэн эрэр. Тутааччы «ДабанСтрой» хампаанньа дьиэ ис-тас үлэтин бу олунньу ыйга түмүктүүр былааннаах. Инньэ гынан, бэрт аҕыйах кэминэн 23 ыал саҥа кыбартыыраланыа. Тутуу иккис уочаратын (48 кыбартыыра, 2-с подъезд) бу «ДабанСтрой» ХЭТ салгыы тутуо.
Маны сэргэ, бу сыл саҕаланыытыгар эмиэ «Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү» бырагырааманан «Главстройкомплекс» ХЭТ (дириэктэр Исаев А.Э.) Сунтаар нэһилиэгин «Кыайыы 75 сыла» кыбартаалыгар, Партизанскай уулуссаҕа, 86 кыбартыыралаах, 3 подъезтаах таас дьиэ тутуутун саҕалаата.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат.