Улууспутугар Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылын чэрчитинэн, улуус култууратын управлениетын салайааччыта Саргылана Омукова бэлэм сылаас, ыраас, наһаа табыгастаах Хайс массыына биэрэн кэрэ айылҕалаах Наахара сиригэр «көлүкэчээннэри» ыһыах ыстаран, сынньатан, көрүлэтэн киллэрдэ. Сарсыарда эрдэттэн үөрэ-көтө тэринэн алаадьынан аартыкпытын айах тутан аттанныбыт. Тыа сирин сиэринэн туохха да ыксаабакка, налыччы, наскыччы ыһыахпыт саҕаланна. Тоҕус түптэни уматан алгыс түһэр сирэ арчыламмытыгар, ыраастаммытыгар саҥа алгысчыт Николай Омуков оноолооххо орооспотох уолаттарынан, ыраас кыргыттарынан арыалтанан киирэн алгыс түһэрдэ.
Ыһыахтыыр сирдэрэ эчи үчүгэйиин, көнөтүн, налыытын. Аллара үрдүк мыраанынан бүүрүктэммит Бүлүү өрүс мөлбөйө устар. Бу кэрэ көстүүнү баһылык Алексей Максимов эҕэрдэтэ, үрдүк наҕараадалар ситэрэн биэрдилэр. Тоҕус мэҥэ хамсаныыны бары бииргэ оҥороот оһуокайдаан ойдубут. Улуу оһуокайдьыт Мария Чокурова бэйэтинэн көрө-истэ олорбута улахан тургутук буолла. Мин I миэстэ, дьүөгэм II миэстэ буолан үөрүү өрөгөйүн биллибит. Ситэрэн этэр буоллахха, иккиэммитин Дархан этээччи Саргылана Омукова уһуйбута.
Саха дьонун сиэринэн ип-итии, сып-сымнаҕастык буспут ис миинин сырылаччы истибит. Мииннэрэ тэриэлкэ түгэҕэр эрэ чалымнаабакка, дьэ тыа дьонун сиэринэн тобус-толору кутуллан бычалыйыы. Кыра боотурдар күрэхтэһиилэрэ сороҕо ытааһыннаах, куттааһыннаах, бэйэтэ испэктээк көрө олорор курдук буолла. Оҕолор, эдэрдэр, аҕам саастаахтарга диэн арааран сырсыы күрэҕин оҥорбуттара наһаа үчүгэй. Охтон түһэн, ойон туруулаах омуннаах киирсиһиилэр буоллулар. Төһө даҕаны 55 үөһэ саастаахтарга диэтэллэр 60-рын ааспыт эбэлэр бастакы миэстэни ылбыт Оксана Петрова, үһүс буолбут Ирина Лукина билигин да «буорахтаахтарын» көрдөрдүлэр. Кэнсиэри «Көлүкэчээн» кэрэ куоластара киэргэтиэхтэрин киэргэттилэр. Наахара эдэр үҥкүүһүттэрэ бу имигэстэрин, ырыаһыттарга бэлэм антураж буоллулар. Аныгы оҕолор бу курдук аһаҕастарын, сайаҕастарын киһи үөрэ көрөр.
Уһун суһуохтаахтар күрэхтэригэр «алгыстар» Харитоновналара бэрт уһун суһуоҕу субурута сылдьар эбит. Сахалыы таҥас күрэҕэр тобус-толору сахалыы дьэрэкээн таҥастаах 94 саастаах Мария Чокурова бастаан бар дьонун үөртэ, үтүө холобур буолла. Таҥас лоскуйдарынан дьэрэкээн сону, бэргэһэни тиктэн лаглаччы кэппит иистэнньэҥ Людмила Дмитриева талааныттан сөхтүм, астынным. Аҥардас бэргэһэтин 4 күн харыс да халбарыйбакка тиктибитэ сурдээх. Оччоҕо атынын санаан көрүҥ.
Дьэ, бу курдук култуура үлэһитэ Николай Омуков бэрийэн илдьэ сылдьыытынан, олох уу долгуйбатынан сымнаҕастык илдьэ сылдьыбыт суоппар Иван Жирков «көлүкэчээннэргэ» чахчы умнуллубат кэрэ күнү бэлэхтээтилэр. Улуустааҕы кииннэммити бибилэтиэкэттэн наахаралар бэйэлэрин кыыстара Саргылана Генерова кэрэ чуор куолаһынан этэн-тыынан эҕилдьитэн, сахалыы этэрбэһин туура тэбээт, халадаайдаах сүүрэн тэлээрэ-тэлээрэ ыһыах бары тэрээһиннэрин тэҥҥэ ыытыһа сылдьара — үтүө көстүү. Олохтоох дьаһалта исписэлииһэ Зоя Максимова олох ханнык да спортивнай комментатортан итэҕэһэ суох саҥаран-иҥэрэн чоргуйуу. Наахараттан төрүттээхтэр «Утум» түмсүүлэрэ ыһыах мааны ыалдьыттара буоллулар.
Бу курдук айылҕа анаан чочуйбут сиригэр Наахараҕа кэрэ күн, элбэх умнуллубат түгэннэри бэлэхтээн үөрдэн ааста.
Зинаида ФЕДОТОВА-Дьол Кыыма