Мүөттээх ыҥырыаны иитии Сунтаарга саҥа сайдан эрэр. Биһиги билэрбитинэн улууска мүөтүнэн 4 чааһынай дьон эргинэр. Олортон биирдэстэрэ Сунтаарга Потаповтар дьиэ кэргэттэрэ мүөттээх ыҥырыаны ииппиттэрэ саҥа 6 сылыгар барда. Кинилэр Сунтаар күөлүн кытыытыгар ыҥырыаларын туталлар. Номнуо, Потаповтар туох да буккаһыга суох мүөттэн оҥорор бородууксуйаларын Сунтаар дьоно сөбүлээн хамаҕатык атыылаһаллар, доруобуйаларын бөҕөргөтүнэллэр. Төһө да мүөтүнэн дьарыктанааччы Сунтаарга аҕыйах буоллар сирбит-уоппут киэҥэ итиэннэ айылҕата, тулалыыр эйгэтэ ырааһа бу салааҕа ситиһиилээхтик үлэлиэххэ сөптөөҕүн этэллэр. Саха сиригэр мүөтү атырдьах ыйын ортотуттан хомуйан саҕалыыллар. Потаповтар билигин эмиэ мүөттэрин ылан саҕалаабыттарын истэммит мүөт биисинэһин туһунан кэпсэттибит.
– Үтүө күнүнэн, Петр Афанасьевич! Тоҕо мүөтүнэн дьарыктаныахха диэн санаа киирдэ?
– Бары билэргит буолуо мин өр кэмҥэ үөрэҕирии салалтатыгар үлэлээбитим. Онтон тохтуохха, бэйэ туһугар олоруохха диэн санаанан үлэбиттэн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбытым. Бастаан бэйэ дьарыгын туһунан улаханнык санаабатаҕым. Өр кэмҥэ быыстала суох, кэнчээри ыччат иитиитигэр үлэлээбит буоламмын сылайбытым да оҕустаҕа буолуо. Сынньалаҥҥа тахсыбыт киһи сиэринэн дьиэбэр олорор санаалаах этим. Бүлүүчээҥҥэ баар чугас ыалбыт, доҕорбут математика учуутала Наталья Васильевна Михайлова мүөттээх ыҥырыа иитэн дьарыктан диэн өй укпута. Бастаан улаханнык аахайбатаҕым. Кини этэрин кэпсээн эрэ курдук истэрим. Учуутал киһи быһыытынан Наталья Васильевна «Повторение-мать учения» диэбит курдук элбэхтик кэпсээбитин кэннэ куйаар ситиминэн ютуб көрөн саҕалаабытым. Кырдьык, иитиэххэ сөп эбит диэн санааҕа кэлэммин, кэргэним Индиана Николаевна өйөөн бастакы икки “дьиэ кэргэни” иитэ ылбытым. Билигин иккиттэн сүүрбэҕэ тириэртим.
– Кырдьык, соһуччу саха дьоно улаханнык билбэт салаатыгар хорсуннук киирбит эбиккин. Саҕалыыргар туохха тирэҕирбиккиний, туох эмит көмөнү туһаммытыҥ дуо?
– Куйаар ситимэ кыаҕын, күүһүн толору билбит мин баарбын. Бу дьарыкпын саҕалыырбар, тэринэрбэр куйаар ситиминэн мүөтүнэн дьарыктанар дьону кытта элбэхтик кэпсэппитим, билсибитим. Биһиги Сахабыт сирин айылҕата мүөттээх ыҥырыа иитиитигэр олус барсар, табыгастаах. Кылгас сайыммытыгар айылҕабыт муҥутаан тиллэр кэмигэр үөн-көйүүр эмиэ оттон-мастан саамай туһалааҕын, иҥэмтиэлээҕин хомуйар. Бу кэми таба туһаныахха наада. Ону тэҥэ, айылҕабыт ото-маһа барыта эмтээх, туһалаах, киһиэхэ дьайыыта күүстээх. Оннук эмиэ ыҥырыа оҥорор мүөтүн састааба туһата улахан, иҥэмтиэтэ күүстээх. Биллэн турар бастаан саҕалыырбар билбэтим-көрбөтүм элбэх этэ. Билигин даҕаны бу салааны ситэ, толору билэ иликпин диэн билинэбин. Бастаан бэйэ дьыалатын саҕалыырбар улуус баһылыга Анатолий Григорьев уонна Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филиппов көмөлөспүттэрэ, өйөөбүттэрэ. Бу көмөбүтүнэн мүөттээх ыҥырыа «дьиэ кэргэнин», ыҥырыаны тутар-харайар усулуобуйабытын тупсарбыппыт. Маннык кэскиллээх саҕалааһыннары өйөөбүттэригэр махталбын биллэрэбин.
– Мүөттээх ыҥырыаларгын хантан аҕалаҕын? Көрүүгэ-харайыыга хайдахтарый?
– Ыҥырыаларбын Амурскай уобаластан эрэллээх атыылаһар киһилээхпин. Кини дьарыктаммыта ыраатта. Бэйэм Амурскай уобаласка айаннаан тиийэн кэпсэтэн, көрөн-харайан аҕалабын. Этэр буоллахха, Бүлүү бөлөх сүнньүгэр мүөттээх ыҥырыаны тарҕатыынан мин дьарыктанабын. Айаннаан кэлэн иһэн Бүлүүгэ, Ньурбаҕа «пчелопакеттарбын» хаалларан ааһабын. Өрүс суола хаайбата буоллар эрдэ да аҕалыам этэ. Ити уустуктарга кыһаллыбат буола сатыыбыт. Саамай сүрүнэ мүөтүнэн эргинээччилэр оҥорор бородууксуйабыт хаачыстыбатыгар уурабыт. Ааппыт-суолбут туһугар үлэлиир буоллахпыт. Атырдьах ыйыгар мүөппүтүн ылан саҕалыыбыт. Саахардаах сиробунан аһатабыт. Ыҥырыалар эмиэ биир дьиэ кэргэн курдук олороллор. Ийэлэрин саамай харыстыыллар. Хомойуох иһин быйыл олус буруолаах сайын үүнэн ыҥырыаларбыт күүскэ үлэлээбэтилэр. Биир «дьиэ кэргэн» уйатыттан 6-7 киилэ эрэ мүөтү ыллыбыт. Урукку дьылларга 10-тан тахса киилэҕэ тиийэ мүөт ылан турардаахпыт. Кыстыкка дьиэҕэ киллэрэбит. Кыһын устата аһатабыт. Ыҥырыа олоҕун уһуна кылгас. Ууһууругар-тэнийэригэр сөптөөх усулуобуйаны оҥоробут. Күһүөрү ыҥырыалар “падевай” диэн саамай сыаналаах уонна туһалаах мүөтү оҥороллор. Бу мүөт састааба атын мүөттэн ураты күүстээх, эмтээх буолар.
– Мүөттэн хас араас бородууксуйаны оҥороҕут? Батарыытын хайдах тэрийэҕит?
– Ылар мүөппүтүттэн хас да араас бородууксуйаны оҥоробут. Туох да атын эбилик састааба суох маас, тыынар уорганнар, айах ыарыыларыгар, тиискэ туһалаах, иммунитеты көтөҕөр мүөт үрдүтүн – забрус, битэмииннээх настойка, ону тэҥэ, быйылгыттан ыраастыыр, арчылыыр, салгыны тупсарар чүмэчи оҥоруохпут. Мүөппүтүн киилэнэн атыылыыбыт. Тоҕо диэтэххэ, дьон туох да эбилигэ, буккаһыга суох бэйэ мүөтүн доруобуйабын бөҕөргөтөбүн диэн санаалаах элбэҕи ылан амсайыахтаах. Эн төрөөбүт дойдуҥ аһа, салгына эйигин эмтиир, күүс эбэр диэн өйдөбүл баар. Ол курдук, мүөт эмиэ оннук дьайыылаах. Атын оройуон мүөтүнээҕэр эн бэйэҥ төрөөбүт дойдуҥ отуттан-маһыттан хомуйуллан оҥоһуллубут мүөт быдан туһалаах буолара саарбаҕа суох. Кэлиҥҥи кэмҥэ биһиги бородууксуйабытын тэрилтэлэр кууһунан атыылаһар буоллулар. Биллэн турар, оҥорооччуга маннык үлэлиирбит табыгастаах. Ол эрэн, биирдиилээн дьоҥҥо улахан тыа хаһаайыстыбатын, атыы-кутуу дьаарбаҥкаларыгар атыыбытын таһаарабыт. Дьон махтал, үтүө тыла биһигини кынаттыыр.
– Түмүккэ ааҕааччыларбытыгар баҕа санааҥ…
– «Сунтаар сонуннара» хаһыат улуус сонуннарын эрэ буолбакка ураты, интэриэһинэй дьарыктаах дьону, нэһилиэк олоҕун, күннээҕи түбүгүн сырдатарын сэргиибит. Мүөттээх ыҥырыаны иитиинэн ыччат дьон дьарыктанарыгар сүбэлиибин. Төһө да көрүүлээх-истиилээх үлэ буоллар бу салаа сайдар кэскилэ киэҥ , туох да эбилигэ, буккаһыга суох бородууксуйаҕа дьон интэриэһэ улахан. «Онон сатабыллаах саһыл саҕалаах» диэбиккэ дылы туох барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах.
Мира АФАНАСЬЕВА