Сунтаар хабыллар хаба ортотугар, килбэйэр киинигэр музыка храма дэндэйэн турар. Дьэ, бу храмҥа музыка уу сүүрүгүнүү кутуллар дорҕоонун, ааспыт кэм иэйэр-уойар нууччалыы-сахалыы ырыаларын истэр, эҕэрдэ эриэккэһиттэн үөрэр, өссө бэлэх ылан манньыйар үтүө түгэн тосхойдо.
Оннук чиэскэ кимнээх тигистилэр? Аныгы кэм сиэринэн киэргэтэн аҕам саастаах (пожилой возраст) дьон да диэтэллэр кырдьар сааска дьоллоохтор тиийэллэр. Мин биир бэйэм хата кырдьар кэрэ кэмим кэлэн кырдьаҕаһырҕатан ыҥырбыттарыттан наһаа үөрдүм! Кырдьар кэрэ кэмҥэ үктэммит култуура бэтэрээннэрин мунньан муусука оскуолата сунтаардардыы киэбирдэн — аристократичнай музыкальный салон диэни тэрийдэ.
Култуураны өрө тарда сылдьыбыт дьон диэх курдук куудара-буудара, киэргэл-симэх буолан киирээппитин кытта ытыс үрдүгэр түһэрэн улуус эҕэрдэтин (култуура салайааччыта Саргылана Омукова), музыка оскуолатын (дириэктэр Алексей Степанов) элегантнай бэлэҕин, улуус култууратын профкомуттан (бэрэссэдээтэл улуус мунньаҕын дьокутаатаа Жанна Макарова) эҕэрдэтин истэн, бэлэх тутан саха тэҥэ суох буоллубут.
Онтон Анна Чойнова, Юлия Филиппова, Анатолий Пахомов, Ньургун Данилов, Марк Андреев үрдүк таһымнаах толорууларыгар нууччалыы, сахалыы ырыалары иһиттибит, Сунтаар соҕотох пианиската, 55 сыл халбарыйбакка оҕолору фортепианоҕа үөрэппит Светлана Максимовна толоруутугар тыыннаах муусуканы истэн кулгаах сымнаата, куппут-сүрбүт уоскуйда. Эдэр оҕолор эҕэрдэлэрин эһиги олоххутугар им балай хаһан да буолбатын диэн баҕа санаанан түмүктээтилэр.
Оскуола үөрэх чааһыгар салайааччыта Надежда Яковлева кэпсээбитинэн оскуола 14 хайысхаҕа оҕолору үөрэтэр, 500-чэ (онтон 150 Элгээйи) оҕолоох эбит. Мин үлэлээбит кэммиттэн улахан да уларыйыылар буолбуттар. Мин илиинэн бэчээттиир массыыҥкаҕа үлэлээбит буоллахпына, хос аайы көмпүүтэрдэр, истиэнэ аҥаарын сабардыыр улахан интерактивнай дуоскалар , саҥа миэбэл арааһа баар буолбут. Компьютернай графика кабинета аһыллыбыт. Урут ВИА-лар биэдэрэ курдук улахан, араастык килэбэчийбит барабааҥҥа оонньуур буоллахтарына, билигин араас үнүстүрүмүөҥҥэ хайа талбыт оонньуур виртуоз музыкант Марк Андреев саҥа электроннай мээчик саҕа барабааннарын наһаа да сэргии иһиттим. Урут барабаан тыаһын кытта сүрэҕим тэҥҥэ тэбэн барар буоллаҕына бүгүн отой оннук гыммата. Хап-хара рояллар баар буолбуттар. Оскуола материальнай туруга бөҕөргүүрүгэр, байарыгар оскуола, улуус култууратын салалтата күүскэ үлэлээбит диэн үөрдүм.
Алексей Константинович дириэктэр эрэ буолбакка өссө сценарист, режиссер. Кини, кэрэ сир Кэппэндээйи олохтоохторун кытта таһаарбыт (кулууп дириэктэрэ Анна Тотонова) «Олоххо тардыһыы», «Оҕо сүрэҕэ тааска» диэн социальнай хабааннаах тэттик киинэлэрин көрдөрдүлэр. Сылын аайы Кыайыы күнүгэр түүн Сунтаарга күүтүүлээх-кэтэһиилээх мюзиклбыт буолааччы. Онно Сунтаар 1-кы №-дээх оскуолата, музыка оскуолатын учууталлара, оҕолоро кыттааччылар. Билэр дьоммут артыыстыы сылдьалларыттан дуоһуйа күллүбүт-үөрдүбүт, кистэлэҥ талааннарын арыйдыбыт. Бүгүн биһиэхэ “Кэппэндээйи кистэлэҥнэрэ” мюзиклы көрдөрөн кистии-саба харахпыт уутун сотуннубут. Сүрүн оруолга кэпсээнньит быһыытынан кыттыбыт СӨ култууратын туйгуна артыыс Сиэн Тиитэп бу тыла чуолкайа, туттара-хаптара чаҕылхай. Оҕолор, учууталлар, оскуола дириэктэрэ бары биир сыалга үлэлииллэрэ бу оҕону иитии биир сүрүн хайысхата.
Бу курдук биир кэрэ күнү бэлэхтээбит култуура салаатыгар, музыка оскуолатын көхтөөх кэлэктиибигэр култуура бэтэрээннэрэ махталбытын тириэрдэбит, тапталбытын этэбит. Өссө үрдээҥ, үксээҥ, тахсыылаах, табыллыылаах, ситиһиилээх буолуҥ!
Зинаида Федотова- Дьол Кыыма